Иһинээҕитигэр көс

Евровидение

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бендьамин Ингроссо. Eurovision-2024 бастакы полуфиналыгар.

Eurovision (ааҥ. Eurovision Song Contest, фра. Concours Eurovision de la chanson) — ырыа күрэҕэ, EBU чилиэннэрин дойдуларын кытта[1].

Күрэххэ дойдуттан биир эрэ кыттааччы кыттар (солист эбэтэр коллектив), ырыалара үс мүүнүтэ уһун буолбат, сценаҕа алтаттан элбэх киһи буолбат.

Күрэх 1956 сылтан ыытыллар, күрэҕи сыл аайы 600 мөл. киһи көрөр[2]. 2000 сылтан Eurovision'ны интернекка эмиэ көрдөрөллөр[3].

Eurovision'тан хас та даҕаны аан дойдуга биллэр ырыаһыттары таһаарар. Холобур: АBBA (Eurovision-1974), Селин Дион (Eurovision-1988).

Билигин Eurovision маннык быраабылалаахтар[4].

  • Eurovision үс шоуттан турар (бастакы-иккис полуфинал уонна финал), оптуорунньукка, чэппиэргэ, суббуотаҕа. Ыам ыйыгар буолар.
  • Шоу Eurovision Song Contest диэн ааттаах, буолар миэстэтин аатын суруктаах (куорат эбэтэр дойду).
  • Дойду ханнык-ханнык полуфиналга баар буолар жеребьевканан биллэр. Шоу ааҥыл уонна француз тылынан ыытыллар.
  • Финалга 26 дойду кыттар (Бастакы полуфиналтан 10 дойду, иккис полуфиналтан 10 дойду, «Улахан биэстэн» 5 дойду уонна былыырын кыайбыт дойду), ол эрээри Eurovision-2015 Аустралиа специальнай ыалдьыт буолан баран, полуфиналларга кыттыбатаҕа ол иһин финалга 27 дойду кыттыбыта ("Улахан биэстэн" кыайбыт буоллахтарына финалга 25 дойду кыттар).
  • Дойдулартан жюри баар буолуохтаах.
  • Куоластааһыҥҥа 15 эбэтэр 30 мүнүүтэ бэриллэр (Eurovision-2010, 2011 уонна 2024-с сылтан шоу парад флагов кэннитэн куоластааһын аһыллар).
  • Дойду бэйэтигэр сатаан куоластаабат.
  • Жюрилар сөбүлээбит ырыаларыгар куоластыыллар.
  • Көрөөччүлэр сөбүлээбит ырыаларыгар куоластыыллар.
  • Полуфиналларга көрөөччүлэр эрэ куоластыыллар, финалга жюри уонна көрөөччүлэр.

Куоластары биллэри уонна кыайыылааҕы талыы

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Полуфиналга ааспыт дойдулар түбэспиччэ бэрээдэгинэн этиллэллэр (куоластааһын түмүктэрэ күрэх бүппүтүн эрэ кэннэ этиллэр).
  • Жюри куоластааһынын глашатай этэр, дойду уонна баал этиллиэхтээхтэр.
  • Жюри уонна көрөөччүлэр баалларын эбэллэр.
  • Көрөөччүлэр куоластааһыннарын ыытааччы этэр, жюринан бүтэһик дойдуттан.
  • Саамай элбэх баалы ылбыт киһи кыайыылаах ааты ылар.
  • Eurovision'ҥа кыттар ырыа саҥа буолуохтаах.
  • Саамай уһун ырыа - 3 мүнүүтэ буолуохтаах.
  • Ырыа тиэкиһэ ханнык да тылынан суруллуон сөп.
  • Кыттааччы 16 саастан улахан буолуохтаах.
  • Биир ырыаһыт икки дойдуттан биир күрэххэ сатаан кыттыбат.
  • Сценаҕа финалга, полуфиналга, жюри финалыгар, жюри полуфиналыгар, "Стэнд-ин" репетицияҕа, бастакы уонна иккис репетицияҕа биир выступление буолуохтаах.
  • Сценаҕа алтаттан киһи элбэх суох буолуохтаах.
  • Евродеревняҕа уонна сценаҕа кыттааччылар үчүгэйдик туттунуохтаахтар.
  • Кыттааччы политика туһунан тугу даҕаны этиэ суохтаах, маатыралааһын эмиэ көҥүллэммэт.
  • Сценаҕа кыыл сатаан тахсыбат.
  • Кыттааччыттан тыыннаах вокал наада. 2021-с сылтан бэк-вокал уһулламмыт буолуон сөп.
  • Жюри 5 киһиттэн турар.
  • Күрэх кэмигэр жюри састааба уларыммат.
  • Жюри чилиэнэ дойду вещательын үлэһитэ буолбат.
  • Жюри чилиэнэ муусуканы кытта сибээстээх буолуохтаах. Жюри чилиэнэ дойдуттан кыттыылах эбэтэр ырыатын, тиэкиһин суруйбут киһи буолбат.
  • Жюри чилиэннэри EBU эрэ этэр.
  • Кыттыылаах дойду телевиденияҕа эбэһээт вещайдыахтаах уонна интернекка таһаарыахтаах.
  • Кыттыылаах дойду бэйэтин кыттар полуфиналын уонна финалын эбэһээт вещайдыахтаах.
Eurovision-2024 буолбут миэстэтэ.

Үксүн кыайбыт дойду ханнык даҕаны куоратыгар буолар. EBU бэйэтэ площадканы, оборудованияны уонна уоту бэйэтэ төлүүр.

Былааг параадтара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Былааг параадтара 2013-с сылтан ааһаллар, Олимпия оонньуулара курдук. Параад финалга эрэ буолар, параакка финалга ааспыт кыттыылаахтар тахсаллар уонна бэйэлэрин дойдуларын былаагын таһаараллар.

2004 сылга "Улахан түөрт" тэриллибитэ (Италията суох), бу дойдулар полуфиналларга кыттыбаттар. Бу дойдулар күрэх тэриллибиттэн кытталлар уонна күрэх сүрүн спонсордара буолаллар. 2011 сылтан Италия эбиллибитэ. Улахан биэскэ бу дойдулар киирэллэр:

Билиҥҥи куоластааһын систиэмэтэ 2016-с сылтан туттуллар. Дойду 1-8, 10 уонна 12 баал биэрэр, полуфиналга уонна финалга жюри уонна көрөөччүлэр бэйэлэрэ атын атын куолас туруораллар[4]. 2023 сылтан полуфиналларга жюри сатаан куоластаабат.

1964-с сылтан куоластааһын EBU тутан көрөр.

Бааллар тэн буоллахтарына

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Билиҥҥи быраабыларынан, кыайыылаах ааты элбэх дойду куоластаабыт буоллаҕына ылар, куоластаабыт дойдулар тэн буоллахтарына, 12 баал биэрбит дойдулары ааҕаллар, 12 баалы биэрбит дойдулар тэн буоллахтарына 10 баалы ааҕаллар, уонна да атын[4].

Барыта тэн буоллаҕына бастакы бэрээдэгинэн кыттыбыт дойду кыайар[4].

Lys Assia. Eurovision-1956, 1957, 1958 кыттыылааҕа. Eurovision-1958 кэмигэр уһуллубут хаартыска

Күрэх остуоруйата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1950-с сылларга EBU чилиэннэрэ ырыа күрэх санаатынан интэрэһэргээбитэрэ. Иккис аан дойду сэрии кэнниттэн Эуропаны холботооору. Марсель Безансон Швейцария телевидениятын дириэктэрэ, ырыа күрэҕин идеятын EBU'ҕа биэрбитэ. Сан-Ремо ырыа күрэҕин курдук[1].

Eurovision Grand-Prix бастакы ырыа күрэҕэ Лугано диэн Швейцария куоратыгар 1956 сылыгар ааспыта. Сэттэ дойду кыттыбыта. Бастакы кыайыылаах - Lys Assia, Refrain диэн ырыалаах[1].

  Хаһан эмит кыттыбыт дойдулар.

  Ити дойдуттан ырыаһыттара атын дойду састаабыгар кыттыбыттара.

  Кыттар былааннаах этилэр, ол эрээри табыллыбатаҕа.

  Кыттыахтарын сөп, ол эрээри интириһэргээбэтэхтэрэ.

Күрэххэ EBU'ҕа киирэр дойдулар кыттыахтарын сөп. Eurovision'ҥа барытын холбоон 52 дойду кыттыбыта.

Кыттыылаахтар риэйтиҥнэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Дойду I II III IV V Топ-5
1 Ирландия Ирландия 7 4 1 3 4 19
2 Швеция Сибиэссийэ 7 1 7 3 10 28
3 Улуу Британия Улуу Британия 5 16 3 5 1 30
4 Нидерланд Нидерланд 5 1 1 2 2 11
5 Франция Быраансыйа 5 4 7 10 3 29
Сыл Буолар дойдута Кыттыылаахтар Кыайыылаах Кыайыылах
1956 Швейцария Швейцария 7 Швейцария Швейцария Lys Assia
1957 Германия Германия 10 Нидерланд Нидерланд Corry Broken
1958 Нидерланд Нидерланд 10 Франция Быраансыйа André Claveau
1959 Франция Быраансыйа 11 Нидерланд Нидерланд Teddy Scholten
1960 Улуу Британия Улуу Британия 13 Франция Быраансыйа Jacqueline Boyer
1961 Франция Быраансыйа 16 Люксембург Лүксембург Jan-Claude Pascal
1962 Люксембург Лүксембург 16 Франция Быраансыйа Isabelle Aubret
1963 Улуу Британия Улуу Британия 16 Дания Дания Grete og Jørgen Ingmann
1964 Дания Дания 16 Италия Италия Gigiolla Cinquetti
1965 Италия Италия 18 Люксембург Лүксембург France Gall
1966 Люксембург Лүксембург 18 Австрия Австрия Udo Jürgens
1967 Австрия Австрия 17 Улуу Британия Улуу Британия Sandie Shaw
1968 Улуу Британия Улуу Британия 17 Испания Испания Massiel
1969 Испания Испания 16 Франция Быраансыйа Frida Boccara
Испания Испания Salome
Нидерланд Нидерланд Lenny Kuhr
Улуу Британия Улуу Британия Lulu
1970 Нидерланд Нидерланд 12 Ирландия Ирландия Dana
1971 Ирландия Ирландия 18 Монако Монако Severine
1972 Улуу Британия Улуу Британия 18 Люксембург Лүксембург Viki Leandros
1973 Люксембург Лүксембург 17 Люксембург Лүксембург Anne-Marie David
1974 Улуу Британия Улуу Британия 17 Швеция Сибиэссийэ ABBA
1975 Швеция Сибиэссийэ 19 Нидерланд Нидерланд Teach-in
1976 Нидерланд Нидерланд 18 Улуу Британия Улуу Британия Brotherhood of Man
1977 Улуу Британия Улуу Британия 18 Франция Быраансыйа Marie Myriam
1978 Франция Быраансыйа 20 Израиль Исраил Izhar Koen & Alphabeta
1979 Израиль Исраил 19 Израиль Исраил Gali Atari & Milk and Honey
1980 Нидерланд Нидерланд 19 Ирландия Ирландия Johnny Logan
1981 Ирландия Ирландия 20 Улуу Британия Улуу Британия Bucks Fizz
1982 Улуу Британия Улуу Британия 18 Германия Германия Nikole
1983 Германия Германия 20 Люксембург Лүксембург Corinne Hermès
1984 Люксембург Лүксембург 19 Швеция Сибиэссийэ Herreys
1985 Швеция Сибиэссийэ 19 Норвегия былааҕа Норвегия Bobbysocks
1986 Норвегия былааҕа Норвегия 20 Бельгия Бельгия Sandra Kim
1987 Бельгия Бельгия 22 Ирландия Ирландия Johnny Logan
1988 Ирландия Ирландия 21 Швейцария Швейцария Cèline Dion
1989 Швейцария Швейцария 22 Югославия Югославия Riva
1990 Югославия Югославия 22 Италия Италия Toto Cutugno
1991 Италия Италия 22 Швеция Сибиэссийэ Carola
1992 Швеция Сибиэссийэ 23 Ирландия Ирландия Linda Martin
1993 Ирландия Ирландия 25 Ирландия Ирландия Niamh Kavanagh
1994 Ирландия Ирландия 25 Ирландия Ирландия Paul Herrington & Charlie McGettigan
1995 Ирландия Ирландия 23 Норвегия Норвегия Secret Garden
1996 Норвегия Норвегия 23 Ирландия Ирландия Eimear Quinn
1997 Ирландия Ирландия 25 Улуу Британия Улуу Британия Katrina and the Waves
1998 Улуу Британия Улуу Британия 25 Израиль Исраил Dana International
1999 Израиль Исраил 23 Швеция Сибиэссийэ Charlotte Nillson
2000 Швеция Сибиэссийэ 24 Дания Дания Olsen Brothers
2001 Дания Дания 23 Эстония Эстония Tanel Padar, Dave Benton & 2XL
2002 Эстония Эстония 24 Латвия Латвия Marie N
2003 Латвия Латвия 26 Турция Түүркүйэ Sertab Erener
2004 Турция Түүркүйэ 36 Украина Украйиина Руслана
2005 Украина Украйиина 39 Греция Греция Helena Paparizou
2006 Греция Греция 37 Финляндия Финляндия Lordi
2007 Финляндия Финляндия 42 Сербия Сербия Marija Šerifoviç
2008 Сербия Сербия 43 Арассыыйа Арассыыйа Дима Билан
2009 Арассыыйа Арассыыйа 42 Норвегия Норвегия Александр Рыбак
2010 Норвегия Норвегия 39 Германия Германия Lena
2011 Германия Германия 43 Азербайджан Азербайдьан Ell & Nikki
2012 Азербайджан Азербайдьан 42 Швеция Сибиэссийэ Loreen
2013 Швеция Сибиэссийэ 39 Дания Дания Emellie de Forest
2014 Дания Дания 37 Австрия Австрия Conchita Wurst
2015 Австрия Австрия 40 Швеция Сибиэссийэ Måns Zelmerlöw
2016 Швеция Сибиэссийэ 42 Украина Украйиина Jamala
2017 Украина Украйиина 42 Португалия Португалия Salvador Sabral
2018 Португалия Португалия 43 Израиль Исраил Netta
2019 Израиль Исраил 41 Нидерланд Нидерланд Duncan Laurence
2020 Нидерланд Нидерланд 41
2021 Нидерланд Нидерланд 39 Италия Италия Måneskin
2022 Италия Италия 40 Украина Украйиина Kalush
2023 Улуу Британия Улуу Британия 37 Швеция Сибиэссийэ Loreen
2024 Швеция Сибиэссийэ 37 Швейцария Швейцария Nemo
2025 Швейцария Швейцария 37

Eurovision курдук атын ырыа күрэхтэр

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  1. 1,0 1,1 1,2 https://eurovision.tv/history/origins-of-eurovision
  2. https://web.archive.org/web/20050113034609/http://www.museum.tv/archives/etv/E/htmlE/eurovisionso/eurovisionso.htm
  3. https://web.archive.org/web/20080528091401/http://www.ebu.ch/en/technical/trev/trev_291-editorial.html
  4. 4,0 4,1 4,2 4,3 https://eurovision.tv/about/rules