Швейцария

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
ниэм. Schweizerische Eidgenossenschaft
фр. Confédération suisse
ит. Confederazione Svizzera
ромш. Confederaziun svizra
лат. Confoederatio Helvetica
Швейцария Конфедерацията
Flag of Switzerland Coat of arms of Switzerland
ЫҥырыытаUnus pro omnibus, omnes pro uno (Латин)[1]
«One for all, all for one»
Өрөгөй ырыата"Swiss Psalm"
Location of Switzerland
Location of Switzerland
Location of  Швейцария  (orange)

in on the Эуропа  (white)

Киин куоратаБерн[2]
Largest city Цүрих
Ил тыла ниэмэс,
француз тыла,
итал,
романш[3]
Олохтоохтор ааттара Swiss
Дьаhалтата Direct democracy
Federal parliamentary republic
 -  Federal Council M. Leuenberger
P. Couchepin (Pres. 08)
U.Maurer
M. Calmy-Rey
H.-R. Merz (VP 08)
D. Leuthard
E. Widmer-Schlumpf
Independence
 -  Foundation date 1 August[4] 1291 
 -  de facto 22 September 1499 
 -  Recognized 24 October 1648 
 -  Restored 7 August 1815 
 -  Federal state 12 September 1848[5] 
Иэнэ
 -  Бүтүн 41,285 km² (136th)
15,940 sq mi 
 -  Уу (%) 4.2
Олохтоохторо
 -  2008[6] estimate 7,676,500 (94th)
 -  2000 census 7,288,010 
 -  Олохтоох чиҥэ 181.4/km² (61st)
479,8/sq mi
БИО (АКП) 2007 estimate
 -  Total $301.181 billion[7] (38th)
 -  Per capita $41,264[7] (IMF) (6th)
БИО (номинал) 2007 estimate
 -  Total $427.074 billion[7] (19th)
 -  Per capita $58,513[7] (IMF) (7th)
Дьини (2000) 33.7 (medium
КСИ (2007) 0.955 (high) (7th)
Валюта Swiss franc (CHF)
Кэм зоната CET (UTC+1)
 -  Сайыҥҥы кэм CEST (UTC+2)
Ил домен .ch
Телефон кода +41

Швейцария (официаллык Швейцария Конфедерацията) диэн Арҕаа Эуропа дойдута. Олохтоохторун ахсаана 7.6 мөл киhи, иэнэ 41,285 км². Швейцария федерал республика, 26 кантоннардаах (штаттардаах). Киин куората Берн. Суолталаах куораттар: Женева, Базель уонна Цүрих. Швейцария аан дойду ордук баай дойдуларын ахсааннарыгар киирэр.

Кирбиилэhэр Германиялыын хоту уонна хотугулуу-илин, Франциялыын арҕаа уонна хотугулуу-арҕаа, Италиялыын соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа, Аустриялыын уонна Лихтенштайнныын илин.

Географията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Альпа хайалара дойду сирин 60-ча бырыһыанын ылаллар уонна дойдуну хотугулуу-илинтэн соҕуруулуу-арҕаа быһа охсоллор. Швейцария хайа хайыһарынан дьарыгырар курортарынан биллэр, онтулара 200-тэн тахсалар, онтон сорохторо аан дойдуга саамай үчүгэйинэн ааҕыллалар.

Швейцария өссө күөллэринэн (саамай биллэллэрэ Цүрих, Тун уонна Женева күөллэрэ), күрүлгэннэринэн, ледниктарынан, минеральнай дьүүктэ ууларынан биллэр. Женева күөлэ Арҕаа Еуропа саамай улахан тууһа суох уу саппаастааҕынан аатырар. Эуропа Рейн, Рона уонна Инн курдук улахан өрүстэрэ Швейцаряи Альпатын хайаларыттан саҕаланаллар.

Олохтоохторо[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Элбэх култуура бэйэ-бэйэтигэр дьайыыта Швейцарияҕа 4 ил тыла баарыгар тиэрдибит: ниэмэс (65 %), француз (20 %), итальянскай (9 %) уонна ретер-роман тыла (1 % кыра).

Олохтоохторун ахсаана 7 мөл киһи. Онтон 20 % атын омук дьоно. Швейцарецтар ортотунан 79 саастарыгар диэри олороллор. Олохтоохторун 46 % католиктар, 40 % протестааннар, уоннааҕылара — атын итэҕэллээхтэр.

Ил тутула[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Швейцария 26 сувереннай кантонтан турар, ол кантоннартан үһэ иккилии полукантонтан тураллар. Бу кантоннар Конфедерацияҕа хобоммуттар. Хас биирдии кантон туһунан сокуоннаах, нолуок систиэмлээх, үөрэҕирии систиэмэлээх, сууттаах. Федеральнай бырабыыталыстыба тас политиканы, тас эргиэни дьаһайар, дойду көмүскэлинэн дьарыктанар.

Ниэмэстии саҥарар кантоннар:

  • Ааргау
  • Аппенцель-Ауссерроден
  • Аппенсель-Иннерроден
  • Базель-Ланд
  • Базель-Штадт
  • Берн
  • Гларус
  • Граубюнден
  • Люцерн
  • Санкт-Галлен
  • Золотурн
  • Тургау
  • Нидвальден
  • Обвальден
  • Ури
  • Цуг
  • Швиц
  • Шаффхаузен
  • Цүрих

Француузтуу саҥарар кантоннар:

  • Вале
  • Во
  • Женева
  • Невшатель
  • Дьура (Jura)

Итальянскайдыы саҥарар кантон:

  • Тичино

Икки тыллаах кантон (ниэмэстии уонна французтуу):

  • Фрибург

Эуропа сойууһун кытта сыһыан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Швейцария Эуропа сойууһугар киирбэт. Ол гынан баран көҥүл атыы туһунан ЭС кытта сөбүлэҥнээх, уонна элбэх дойдулар ыккардыларынааҕы сөбүлэҥнэрдээх, онон атыы-эргиэн уонна өҥө оҥоруута көҥүллүк ыытыллар. Онон Швейцария политика өттүнэн Эуропаттан тутулуга суох эрээри Эуропа рыынагар толору киирэ сылдьар. Эуропаҕа табаар киллэриитинэе Швейцария үһүс миэсэҕэ турар, Эуропа табаарын туһаныытынан иккис миэстэлээх.

Туһаныллыбыт сирдэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Недвижимость в Швейцарии. Фогт Татьяна, Сандер Сергей, М., «Экономика», 2008 ISBN 978-5-282-02795-2

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. The motto is traditional; it is not defined by law.
  2. De jure «federal city»; de facto capital. Because of historical federalist sensibilities, Swiss law does not designate a formal capital, and some federal institutions such as courts are located in other cities.
  3. Federal Constitution, article 4, «National languages» : National languages are German, French, Italian, and Romansh; Federal Constitution, article 70, «Languages», paragraph 1: The official languages of the Confederation are German, French, and Italian. Romansh shall be an official language for communicating with persons of Romansh language.
  4. Traditional. The Federal Charter only mentions «early August» and the treaty is a renewal of an older one, now lost.
  5. A solemn declaration of the Tagsatzung declared the Federal Constitution adopted on 12 September 1848. A resolution of the Tagsatzung of 14 September 1848 specified that the powers of the institutions provided for by the 1815 Federal Treaty would expire at the time of the constitution of the Federal Council, which took place on 16 November 1848.
  6. Current population and population growth, Source: Annual Population Statistics (ESPOP), Swiss Federal Statistical Office.
  7. 7,0 7,1 7,2 7,3 Report for Selected Countries and Subjects.