Грузия
Грузия (груз. საქართველო [sɑkʰɑrtʰˈvɛlɔ]
истэргэ, абх. Қырҭтәыла[Комм. 1]) — Закавказье арҕаа уонна орто чааһыгар турар, Хара байҕал кытылыгар баар судаарыстыба[4][5]. Үксүн, Грузияны Азия уонна Дьобуруопа кыраныыссатыгар турар диэн саныллар, ол эрээри үгүс дойдулар Азия уонна Дьобуруопа кыраныыссатынан Дон уонна Волга өрүстэри ааҕаллар, маннык гыраныыссанан Грузия Дьобуруопаҕа киирбэт[4]. Онтон Дьобуруопа Сойууһа уонна атын Дьобуруопа дойдулара Грузияны онно киллэрэллэр[6]. Устуоруйа уонна култуура өттүлэринэн кинини Дьобуруопаҕа киллэрэллэр[7][8]. Аан дойдунан билиммит кыраныыссаларынан Арассыыйаны кытта, хоту өттүнэн, Азербайдьаны кытта, соҕурулуу-илин өттүнэн, Эрмээнийэни кытта, соҕуруу өттүнэн уонна Туурсуйаны кытта, соҕурулуу-арҕаа өттүнэн, кыраныыссалыыр. Онтон фактическай кыраныыссаларынан өссө Абхазиялыын уонна Соҕуруу Осетиялыын кытта кыраныыссалыыр.
Грузия иэнэ 69 700 км² буолар[9]. Нэһиэлиэнньэтин ахсаана 3,9 миллион киһи буолар[10]. Үс гыммыт биирэ киин уонна саамай нэһилиэнньэммит куоракка — Тбилисигэ олорор.
Киин куората — Тбилиси. Судаарыстыбынай тыла — грузин тыла.
Грузия төрүт сокуонунан, Грузия састаабыгар икки автономнай өрөспүүбүлүкэ, тоҕус кыраай уонна биир, кыраайдар курдук статустаах, киин куорат эргинэ киирэр.
АХШнан уонна Дьобуруопа сойууһунан Абхазия уонна Соҕуруу Осетия сирдэрэ Араассыыйанан былдьаммыт дойдулар курдук көрүллэллэр. Никарагуа, Науру, Венесуэла, Сирия уонна Арассыыйа бэйэтэ бу дойдулары тутулуга суох Абхазия Өрөспүүбүлүкэтинэн уонна Соҕуруу Осетия Өрөспүүбүлүкэтинэн билинэллэр[11].
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Грузия историята былыргы Колхида уонна Иберия Хоруоллугуттан саҕаланар. Христианизмы ил итэҕэлинэн аан бастаан ылыммыт дойдулар ахсааннарыгар киирсэр (IV үйэ иннинэ). XIX үйэ саҥатыгар Грузия Арассыыйа Империятыгар киирбитэ. 1917 с. буолбут Арассыыйа өрөбөлүүссүйэтин кэннэ, аҕыйах кэм тутулуга суох буолан баран, 1922 с. Сэбиэт Холбоhугар киирбитэ.
1991 с. хаттаан тутулуга суох буолбута. Атын посткоммунизм кэмин ааhар дойдулар курдук, Грузия 1990-с сс. экономика кризиhыттан уонна олохтоох сэрииттэн эмсэҕэлээбитэ. 2003 с. Оруоhа өрөбөлүүссүйэтэ буолбутугар, урукку президент Эдуард Шеварднадзе салалтаттан кыйдаммыта.
2008 с. атырдьах ыйыгар, Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэриниин, Абхазия уонна Соҕуруу Осетия сепаратист бөлөхтөрүнүүн кыргыhыы буолбута. Бу сэрии түмүгүнэн, Арассыыйа Грузия регионнарын, Соҕуруу Осетияны уонна Абхазияны, тутулуга суох иллэр быhыыларынан билиммитэ. Ол гынан баран, аан дойду атын иллэрэ (Никарагуаттан уонна Венесуэлаттан ураты) ону утарбыттара уонна ол регионнар Грузия илэ бас билэр сирдэрэ буолалларын бигэргэппиттэрэ. Атырдьах ыйын 28, 2008, Грузия парламена Абхазия уонна Соҕуруу Осетия "Арассыыйа былдьаабыт сирдэрэ" буолалларын туhунан уурааҕы ылыммыта.
- Грузия
- Tbilisi
- Mtskheta
- Stepantsminda
- Bodbe
Эбии маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1 2 3 4 Report for Selected Countries and Subjects.
- ↑ Georgia, from CIA World Factbook
- ↑ Statistics Georgia: Population by region
- 1 2 Georgia (country)(ааҥл.). Encyclopaedia Britannica. Тургутулунна 7 Ахсынньы 2025.
- ↑ Н. А. Михалёва, М. А. Аршинова, М. П. Ратанова, Д. Ю. Арапов. ГРУ́ЗИЯ(нууч.). Улахан Арассыыйатааҕы энциклопедия. Тургутулунна 7 Ахсынньы 2025.
- ↑ european-union.europa.eu. EU countries(нууч.). Тургутулунна 7 Ахсынньы 2025.
- ↑ Donnacha Ó Beacháin уонна Frederik Coene. Go West: Georgia's European identity and its role in domestic politics and foreign policy objectives. Cambridge university press (20 Сэтинньи 2018). Тургутулунна 7 Ахсынньы 2025.
- ↑ European Parliament resolution of 17 July 2014 on Ukraine (2014/2717(RSP)). European Parliament (17 От ыйын 2014). — «Warmly welcomes, also, the signing of the Association Agreements with Georgia and Moldova, which mark the beginning of a new era in the political and economic relations of these countries with the EU; calls for their swift ratification and welcomes the fact that the parliament of Moldova has already done this; refutes the adoption of ‘punitive’ trade measures by Russia against those countries that have signed Association Agreements with the EU, as these agreements do not pose threats to Russia; underlines the fact that these moves are in contradiction with World Trade Organisation rules, are politically motivated and are therefore not acceptable;»
- ↑ Нана Болашвили (2018). National Atlas of Georgia. ISBN 978-3-515-12057-9.
- ↑ 2024 POPULATION AND AGRICULTURAL CENSUS OF GEORGIA PRELIMINARY RESULTS. Geostat (25 Бэс ыйын 2025). Тургутулунна 7 Ахсынньы 2025.
- ↑ Редакция сайта ТАСС. Сирия признала независимость Южной Осетии и Абхазии(нууч.). ТАСС (29 Ыам ыйын 2018). — «Ранее независимость Южной Осетии, а также другой бывшей грузинской автономии - Абхазии, признали Россия, Венесуэла, Никарагуа и Науру.» Тургутулунна 8 Ахсынньы 2025.
Комментарийдар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Абхаас тыла Абхазия Автономнай Өрөспүүбүлүкэтигэр (де-факто Грузия састаабыгар киирбэт) официальнай тылынан буоларыттан сылтаан, Грузияҕа официальнай билиммит региональнай тылынан буолар.
| Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
| |||||
| |||||
