От ыйын 19 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 200-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 201-c күнэ). Сыл бүтүө 165 күн баар.
Түбэлтэлэр [уларыт]
- 711 — Вестготтар уонна Омейядтар армияларын ыккардыгар Гвадалета таһыгар кыргыһыы буолбут. Бу кыргыһыыга араабтар кыайбыттар. Бу кэнниттэн вестготтар государстволара эстибит, Пиреней полуостровын араабтар сэриилээбиттэр уонна 800 сыл кэриҥэ реконкиста саҕаламмыт.
- 1696 — Петр I салайааччылаах нуучча сэриитэ Азов диэн турок кириэппэһин ылбыт. Россия Хара уонна Азов муораларыгар тахсыбыт.
- 1859 — Дьокуускайга Троица кафедралаах собуоругар аан бастаан саха тылынан литургия оҥоһуллубут.
- 1870 — Ватикааҥҥа баар Святой престол римнээҕи папа айыыта суоҕун туһунан догматы бигэргэппит.
- 1918 — бастакы сэбиэскэй конституция РСФСР-га олоххо киирбит.
- 1949 — Лаос Францияттан тутулуга суох буолбут.
- 1980 — Москубаҕа XXII Олимпийскай оонньуулар аһыллыбыттар.
Төрөөбүттэр [уларыт]
- 1851 — Польша поэта Томаш Зан.
- 2009 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүкү уордьанынан наҕараадаламмыт аатырбыт Арассыыйа реставратора Савва Ямщиков.
Бырааhынньыктар уонна бэлиэ күннэр [уларыт]