Бэс ыйа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэс ыйа Très riches heures du duc de Berry

Бэс ыйа - 6 ый.

Бэс ыйа — сайыҥҥы кэм саҕаланыыта. Кэҕэ чоргуйар, чыычаах ырыата уҕараабат, күөлгэ балык күннээн ыыр. Толоон-толоон аайы, сыһыы-сыһыы ахсын сибэкки ситэр: намыһах налыы сиргэ таҥара кийиитэ, кулун ньургуһуна, чуораан от, талах анныгар — ге-рань, кырдалга — алтан от, сир симэҕэ буо-лан, сир ийэни киэргэтэллэр. Хатыҥ, тэтиҥ, үөт, талах сэбирдэхтэрэ тыллаллар. Ходуһаҕа араас от үүнэр, дьикти кэрэ үрүмэччилэр көтөн тэлимнэһэллэр. Ый саҥатыгар саха ыала сайылыкка тах-сар. Тэлгэһэ аайы оҕо саҥата айманар. Титииктэр тиэргэннэригэр түптэ буруота унаарар, маныыһыт сайдыыра иһиллэр, ынах маҥырыыр, атыыр оҕус айаатыыр, ньирэйдэр мэҥирэһэллэр. Ити барыта самаан сайын саҥата буолан иһиллэр.

Бэс ыйыгар ыһыы үлэтэ бүтэн, хомуур-га бэлэмнэнэллэр, сири оҥороллор. Бэс ыйа — ыһыах ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах туһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оһуокай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр.

Бэс ыйыгар саамай уһун күннэр тураллар, саа-май сырдык үрүҥ түүннэргэ киэһээҥҥи уонна сарсыардаантгы саһарҕалар оонньууллар.


[уларыт] Бэс ыйын күнүн-дьылын билгэтэ

Бэс ыйа — от-мас, сир симэҕэ тиллэр, чыычаах ыллыыр кэмэ, сайын саҕаланыыта, үрүҥ түүн түһүүтэ. Норуот билгэлээһининэн, бэс ыйыгар түүн сьшаас буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэһиэххэ сөп. Сарсыарда туманнаах буоллаҕына тэллэй хойуутук үүнүө. Сарсыардааҥҥы сиик элбэ-ҕэ — эмиэ үрдүк үүнүүгэ. Дьон-сэргэ бэс ыйа хайдаҕый да, от үүнүүтэ эмиэ оннук буолуо диир.

Күнү-дьылы билгэлииргэ маннык күннэри кэтээн көрүү ордук суолталаах:

3 — сөҥүү түстэҕинэ, күһүн эмиэ ардах-таах буолар.
10 — чуумпу буоллаҕына, үрдүк үүнүүнү кэтэс.
16 — хотугулуу-арҕааттан тыал үрдэҕинэ, өҥ сайын буолуо. Этиҥнээх ардах — от үлэтэ уустуктук ааһарын бэлиэтэ. Күнү быһа самыырдаатаҕына — тэллэй элбэх.

[уларыт] Сигэлэр

Тохсунньу | Олунньу | Кулун тутар | Муус устар | Ыам ыйа | Бэс ыйа | От ыйа | Атырдьах ыйа | Балаҕан ыйа | Алтынньы | Сэтинньи | Ахсынньы
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан