Мэҥэ-Хаҥалас улууһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Мэҥэ Хаҥалас улууһа
Мегино-Кангаласский улус
Гиэрбэтэ
Былааҕа
Дойду  Арассыыйа
Статуһа  оройуон
Регион  Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
Улуус киинэ  Аллараа Бэстээх
Иһигэр киирэллэр  31 олохтоох тэриллии
Улуус баһылыга  Старостин Николай Прокопьевич
Улуус буолуута  Олунньу 10, 1930 с.
Урукку аата  Мэҥэ, Илин Хаҥалас
Иэнэ  11,7 тыс. км² км²
Официальный язык саха тыла
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Омуктара
 32 288 киһи (1995)
 Сахалар
Олохтоохторун аата  мэҥэлэр, илин хаҥаластар
Мэҥэ Хаҥалас улууһа Саха Сирин каартатыгар
Официальнай ситим-сир

Мэҥэ ХаҥаласСаха Сирин ортотугар баар улуус. Административнай киинэ — Аллараа Бэстээх. Ол гынан баран улуус сорох тэрилтэлэрэ Майаҕа бааллар. Тыа хаhаайыстыбата олус сайдыылаах. Улуус баhылыга Старостин Николай Прокопьевич.

Устуоруйата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Улуус билиҥҥи кыраныыссатынан Олунньу 10 к. 1930 с. Мэҥэ уонна Илин Хаҥалас улуустар холбоhууларыттан үөскээбитэ. Оройуоннааһын кэмигэр Мэҥэ улууһун Алтан нэһилиэгин аҥаара (Чаҥкычах аҕатын ууһа бүтүннүү, Улахан уонна Биэкэнэ аҕаларын ууһун сорох өттө) Амма оройуонугар бэриллибиттэрэ.[1]. Маны таһынан Аммаҕа Сатаҕай уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоммуттар. Оттон Мэлдьэхси, Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара) нэһилиэктэрин Чурапчы улууһугар холбообуттар.[2]

Сэтинньи 8 к. 2007 сыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин ылыммыт сокуонунан улуус киинэ Майаттан Аллараа Бэстээххэ көспүтэ.

Улуус сиригэр саха омугун аатырбыт хорсуна Манчаары Баһылай төрөөбүтэ.

Мэҥэ улууһа XVII үйэттэн өрөбөлүүссүйэ буолуор диэри Саха Сирин биир биллэр-көстөр уонна саамай бөдөҥ улуустарыттан биирдэстэрэ этэ. 1917 сыллаахха 20-ттэн тахса тыһыынча киһилээҕэ. Олохтоохтор үс улахан бөлөххө арахсаллара: Мэҥэ ууһа (Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрэ), Доллу Мэҥэ ууһа (Доллу, Дьаабыл, Араҥас нэһилиэктэрэ), Мэлдьэхси Дьаҥхаады, Мөҥүрүөн нэһилиэктэрэ. Бу үс бөлөх нэһилиэктэр уопсай төрүттээхтэр диэн буолар. Мэҥэ ууһун уопсай төрдүнэн Эллэй Боотур уола Болотой Орхон (Оххон) ааҕыллар. Сорох сэһэнньиттэр атын дьону ааттыыллар: Соҕуруу Даары, Орулаа Талый, бэл XVII үйэ 70-с сылларыгар диэри олорбут Буох Дьиэхсин ойууну (сурукка киирбитинэн Декси Орлов)[3].

МЭҤЭ — Бу төрүт-уус аат. Үһүйээннэр кэпсииллэринэн - киһи аата (антропоним). Ол ууһаан тэнийэн, кэҥээн, дорҕооннонон, сураҕыран, туругуран турар./.../ "Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ" кинигэ 1-гы чааьыгар (М.—Л. 1960) «Эллэй и его потомство» диэн таблицалар бааллар (стр. 304—307). Дьэ бу манна араас кэмҥэ суруллубут үһүйээннэргэ Мэҥэ улууһа Эллэй ханнык ыччатыттан силис тардан тахсыбыта кэпсэнэр. 1898 с. Байаҕантай улууһунааҕы Хаҥалас нэһилиэгин киһитэ П. Е. Готовцев: "Эллэй сиэнэ,Болотой Орхон уола Мэҥэ улуус төрдө буолбут" — диэбит./.../ Бу кэпсээн эрдэ суруллубут уонна улуу учуонай В. Радлов кинигэтигэр бэчээттэммит буолан, ордук ыйааһыннаах./.../ Аны сурукка киирбит саамай эрдэтээҥи туоһуну ылан көрүөҕүҥ. XVIII үйэ бастакы аҥаарыгар үлэлээбит Иккис Камчатскай экспедиция научнай үлэһитэ Я. И. Линденау: "Мэҥэ ууһун төрдө Болотой" — диэн суруйан хаалларбыт.Ити — үөһээ ахтыллыбыт Болотой Орхон. Мэҥэ, Мэҥэбил. Бас-көс буолар улуу бэлиэ дьон аҕа ууһун баһылыга буолаллар. Мэҥэлэр — Мэҥэбиллэр. Мэҥэлэр, Мэҥэбиллэр — Мэҥэ аҕатын ууһа. Халыҥнар.Нуучча казактара кэлээт да кинилэри, кинилэр олорор сирдэрин туспа улуус, волость диэн арааран ааттаабытынан киирэн барбыттара: Мегинская, (Маганская, Магальская, Мангунская)./.../

(Багдарыын Сүлбэ. Улуустар ааттара. — Дь.: «Бичик», 2001. — 69—70 с.)

Географията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хоту Уус-Алданныын, хотугулуу-илин Чурапчылыын, соҕуруулуу-илин Аммалыын, cоҕуруулуу-арҕаа Хаҥаластыын уонна арҕаа Дьокуускайдыын кэккэлэhэр.

Экономиката[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Мэҥэ-Хаҥалас улууһа - Саха Сиригэр биир бастыҥ сайдыылаах улуус буолар. Саха Сирин 11% тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар, Саха Сирин 17—25% промышленнай табаарын хааччыйар. Манна элбэх фермалар бааллар уонна 2020 (Сүүрбэ Сүүрбэ) программанан федеральнай программаҕа улуус киирбитэ — Мэҥэ бырайыак диэн. Аны 2012—2014 сыллардаахха тимир суол кэлиэхтээх, онно олохтоох дьон бэлэмэ суох диэн айдаан буола турар (2019 саҥа кэлбитэ)

  • Мэҥэ бырайыак — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ыбылы сайыннарыы, аныгы саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэлэри үлэҕэ киллэрии, саҥа олохтоох дьону аҕалыы (150 тыһ.) уонна временнай үлэһиттэри (70 тыһ). Ити былаан 2022 сыллаах сэриинэн туолбат.

Билигин харчы кириизиһинэн сибээстээн улууска үлэтэ суох дьон ахсаана улаата турар, холобур:

  • 1999 — 114 үлэтэ суох дьон
  • 2001 — 458 үлэтэ суох дьон
  • 2002 — 354 үлэтэ суох дьон
  • 2003 — 501 үлэтэ суох дьон
  • 2004 — 899 үлэтэ суох дьон
  • 2005 — 1 077 үлэтэ суох дьон (рекорд)
  • 2006 — 1 480 үлэтэ суох дьон (рекорд)
  • 2007 — 1 001 үлэтэ суох дьон (арыый намтыыр)
  • 2008 — 1 998 үлэтэ суох дьон (Саҥа рекорд)
  • 2009 — 3 470 (4 000) үлэтэ суох дьон (Саҥа рекорд)
  • 2010 — 4 500 үлэтэ суох дьон (рекорд)
  • 2011 - 1066 үлэтэ суох (эмискэ намтыыр)
  • 2012 - 522 үлэтэ суох (2003 сыллаах көрдөрүүгэ төҥнөр)
  • 2013 - 109 үлэтэ суох (олох үчүгэй көстүү экономикаҕа)
  • 2014 - 997 үлэтэ суох (Арассыыйа уонна Украина конфлига, Крым айдаана, бастакы санкциялар)
  • 2015 - 3997 үлэтэ суох (санкциялар 2014 сыл охсуута)
  • 2016 - 2441 үлэтэ суох (экономикаҕа воссьановления барар)
  • 2017 - 1021 үлэтэ суох (2007 сыл көрдөрүүтүгэр чугас)
  • 2018 - 755 үлэтэ суох (2004 сыллаах көрдөрүүгэ чугас)
  • 2019 - 656 үлэтэ суох
  • 2020 - 669 үлэтэ суох
  • 2021 - 698 үлэтэ суох
  • 2022 - 5633 үлэтэ суох (Украина сэриитин фонугар, санкциялар, экономикаҕа кризис)

Мэҥэ бырайыагы кириитикэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Демография[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сурутуу ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга олохтоох ахсаана

Администрацияларынан араарыы[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Аллараа Бэстээх (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Майа нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Төҥүлү нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Нөөрүктээйи нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дьаҥхаады нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Тараҕай нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хорообут нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Хаптаҕай нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мэҥэ нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бүтэйдээх нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Иккис Наахара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дьабыыл нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бастакы Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Доллу нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бастакы Наахара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Бэдьимэ нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Ходоро нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мөҥүрүөн нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Ороссолуода нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Алтан нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Баатара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Мэлдьэхси нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Моорук нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Томтор нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Чыамайыкы нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Догдоҥо нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Араҥас нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Холгума нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Иккис Тыыллыма нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Дойду нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)Уус-Алдан улууһаЧурапчы улууһаДьокуускайАмма улууһаХаҥалас улууһа
# Бөһүөлэк

уонна нэһилиэктэр

Кииннэрэ Кыра сэлиэнньэлэр Улуус

кииниттэн, км

Почта

индекса

Олохтоох

ахсаана

(2010 сыл)

1 Аллараа Бэстээх, бөһүөлэк улуус киинэ 0 3513
2 Майа Майа 34 7287
3 Төҥүлү Төҥүлү 48 2306
4 Нөөрүктээйи Павловскай Хомустаах 10 2004
5 Дьаҥхаады Төхтүр Бөдьөлөк 15 1184
6 Хара Петровка 36 1139
7 Тараҕай Табаҕа 72 892
8 Хорообут Хорообут Харба Атах 70 984
9 Хаптаҕай Хаптаҕай 18 1004
10 Мэҥэ Балыктаах 56 883
11 Бүтэйдээх Бүтэйдээх 106 701
12 Иккис Наахара Хочо 71 662
13 Дьабыыл Нуораҕана 60 718
14 Бастакы Тыыллыма Лоомтука 50 701
15 Доллу Тумул 47 578
16 Бастакы Наахара Тиэлиги 103 534
17 Бэдьимэ Бэдьимэ 30 541
18 Ходоро Чүүйэ 39 611
19 Мөҥүрүөн Матта Көрдүгэн 65 489
20 Ороссолуода Ороссолуода 26 472
21 Алтан Өлөчөй 98 502
22 Баатара Сыымах 99 502
23 Мэлдьэхси Суола 62 426
24 Моорук Суола 84 505
25 Томтор Томтор 23 420
26 Чыамайыкы Даркылаах 156 434
27 Догдоҥо Бөкө Сото 42 361
28 Араҥас Тарат 51 353
29 Холгума Бырама 97 294
30 Иккис Тыыллыма Хаатылыма 68 118
31 Дойду Хапчаҕай 92 132
Барыта 31268

Үөрэҕирии[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун биллиилээх дьоно[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ходулов Дмитрий Федорович (04.08.1912—03.10.1976) — СССР норуодунай артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Попов Фёдор Кузьмич (08.12.1921—13.10.1943) — сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Баишева Февронья Алексеевна — РСФСР үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.

Попова Марина Константиновна (21.12.1927 - 16.07.2014) - ырыаһыт, Саха АССР норуодунай артыыһа.

Манчаары Баhыылай (Слободчиков Василий Федорович) (18051870) — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи.

Владимир Петрович Ларионов (10.02.1938 — 04.03.2004) — саха биллиилээх учуонайа, сахаттан бастакы Россия билимнэрин Академиятын академига (1997), техническэй билимнэр доктордара, профессор.

Сергучев Лазарь Лазаревич (04.01.1928—1993) — Саха АССР үтүөлээх артыыһа. 

Колесов Гавриил Гаврилович (08.03.1932—1997) — саха суруйааччыта, Саха АССР норуодунай артыыһа

Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.

Борисова Степанида Ильинична — театр уонна киинэ артыыһа, ырыаһыт, Российскай Федерация норуодунай артыыһа.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Г. В. Попов
  2. Владислав Доллонов: 1930 сыллаахха оройуоннааһыҥҥа быспыттар. Олимпиец Павел Пинигин дьиҥэ Мэҥэ. Эһэтин убайа Бараммат Байбал (Пинигин) аарыма күүстээх киһи эбитэ үһү. Олимпиец Байбал эһэтэ Мас Булгунньахха, билиҥҥитэ Суолаҕа олордоҕуна Боссоойкоҕо көмөлөстүҥ диэн олус эрийбиттэрэ үһү чекистэр. Ол иһин сир уларыйан Мэлдьэхси хоту өттүгэр көспүт. Ону Чурапчыга холбоон кэбиспиттэр, быһаннар, оройуоннааһын кэмигэр. Чурапчыга өссө икки Мэҥэ нэһилиэгэ холбонон турар - Бахсы уонна Алаҕар (Чыаппара). Аммаҕа Алтаны, Сатаҕайы, Эмиһи холбообуттар. Онон Мэҥэ сирин бассабыыктар балай да сарбыйбыттар.
  3. Г. В. Попов. Алтан, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин төрүттэрэ. — Дь.: «Кудук», 1998. — 88 с.