Иһинээҕитигэр көс

Баатара нэһилиэгэ (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Баатара нэһилиэк. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун нэһилиэгэ, киинэ Сыымах.

Улуус кииниттэн 65 км. хоту диэкки Тиэрэ үрэххэ сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 519 киһи (2007 сыл).

1740 с. биллэр.

Бытык аҕа ууһа, Кэҥис аҕа ууһа, Дьооҕур аҕа ууһа, Малдьаҕар аҕа ууһа, Тиэрэ аҕа ууһа[1]


Нэһилиэк биллиилээх дьоно

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Ходулов Дмитрий Федорович (04.08.1912—03.10.1976) — ССРС норуодунай артыыһа, Саха АССР норуодунай артыыһа.
Попов Фёдор Кузьмич (08.12.1921—13.10.1943) — сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Геройа.
Сергучев Лазарь Лазаревич (04.01.1928—1993) — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
Колесов Гавриил Гаврилович (08.03.1932—1997) — саха суруйааччыта, Саха АССР норуодунай артыыһа
Варламова Анастасия Николаевна (23.03.1948—16.08.2006) — саха биллиилээх ырыаһыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
  • Сыымахтан 3 км Өлөнчү диэн сиргэ былыргы саха киһитин уҥуоҕа XVII—XIX үйэ.
  • Сыымахтан 6 км Тыттагытты диэн сиргэ былыргы саха киһитин уҥуоҕа XIX үйэ.
  • Өргөннөөх диэн сиргэ 1832 сыллааҕы киһи уҥуоҕа.
  • Куккуна диэн сиргэ икки мэндиэмэннээх мас ампаар. XIX үйэ.
  • Дыбаныма диэн сиргэ XIX үйэтээҕи мэлиэһэ.
  • Сыымахтан 7 км Сыҥаһалаах диэн сиргэ Попов Федор Константинович төрөөбүт балаҕана. Хомойуох иһин, 2009 сыл ыам ыйын 6 күнүгэр бу балаҕан уокка былдьаммыт.
  • Сыымахтан 18 км Атыыр Тириитэ диэн сиргэ Попов Федор Константинович олорбут сайылыга.
  • Попов Ф. К. пааматынньыга. 1968 сыл. Чугун, скульптор Захаров П. А.
  1. Апросимов А.М., Попов Г. В. Саха улуустарын нэһилиэктэрин төрүччүтэ. — Дьокуускай: Бичик, 2015. — С. 11-12. — 64 с. 6000 экз. ISBN 978-5-7696-4551-8