Иһинээҕитигэр көс

Сунтаар улууһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

СунтаарСаха Сирин улууһа.

Сунтаар улууһа
Сунтарский улус
Гиэрбэтэ
Былааҕа
Дойду  Арассыыйа Арассыыйа
Регион  Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ
Улуус киинэ  Сунтаар
Иһигэр киирэллэр  26 олохтоох тэриллии
Улуус баһылыга  Тихонов Владимир Иванович
Олохтоммут күнэ-дьыла  1930, тохсунньу 9
Урукку аата  Сунтаар, Хочо
Иэнэ  57 800 км²
Официальный язык саха, нуучча
Олохтоох дьонун ахсаана
 • Омуктара
 25 642 киһи (2007)
 сахалар
Олохтоохторун аата  сунтаардар
Сунтаар улууһа Саха Сирин каартатыгар
Чаһыыта  UTC+9
Кэм зоната  MSK+6 (UTC+9, сайын UTC+10)
Официальнай ситим-сир

Сунтаар улууһа — Саха Өрөспүүбүлүкэтин улууһа. Киинэ — Сунтаар.

Сирин иэнэ — 57,8 тыһ. кв.км. Дьокуускайга диэри ырааҕа: сиринэн — 985 км; уунан — 1 151 км; салгынынан — 1 390 км. 2002 с. сурутуу көрдөрөрүнэн, олохтоохторун ахсаана: 25,5 тыһ. киһи. Улуус Республика арҕаа өттүгэр тайаан сытар. Сирин ньууругар хаптал хайалаах сир баһыйар.
Улууска кыһыл көмүс, бороҥ чох, туус, эмтээх бадараан үөскээбит сирдэрдээх.

Тохсунньу ыйга орто температура -33-36 кыраадыс, от ыйыгар +16...+18 кыраадыс сылаас. Сыл устата 220—300 мм сөҥүү түһэр. Сүрүн өрүһэ — Бүлүү.

Төрүттэммит күнэ-дьыла — 1930 сыл тохсунньу 9 кунэ.

Экэниэмикэтэ тыа хаһаайыстыбатыттан тутулуктаах. Олохтоохтор ынах, сылгы-сүөһү иитиитинэн, оҕуруот аһын уонна туораахтаах култуураны үүннэриинэн дьарыктаналлар. Сунтаарга эти-үүтү оҥорор комбинат, олохтоох бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ, Кэмпэндээйигэ туус собуота улэлииллэр. Ыйынньык баһа Сунтаар сирин биир киэн туттуутунан Кэмпэндээйи курорт буолар. Манна сир анныттан тахсар туустаах эмтээх уу баар. Өссө 1640 с. тобольскай воеводалар ыыппыт киһилэрэ Воин Шахов 100 буут тууһу хостообуттаах эбит.

Биэрэпис ыытыллыбыт сыллырга уонна 2007 сылга нэһилиэнньэ ахсаана

Омуктара: сахалар — 96,6%; нууччалар — 1,5%; эбэҥкилэр — 0,4%; эбээннэр — 0,4%; атыттар — 1,1%. Дьонун ахсаана 1989 с. — 25,3 тыһ. киһи эбит.

Администрацияларынан араарыы

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Улууска 26 тыа сиринээҕи муниципальнай тэриллиилэр бааллар.

Сунтаар нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Элгээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тойбохой нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кириэстээх нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бордоҥ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кутана нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Сиэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Арыылаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күндэйэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Бүлүүчээн нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Куокуну нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Дьаархан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Маар-Күөл нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Аллыҥа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Кэмпэндээйи нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хадан нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Уустуйа нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Күүкэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Хоро нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Түбэй нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Илимниир нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Туойдаах нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Толоон нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Тэҥкэ нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Наахара нэһилиэгэ (Сунтаар улууһа)Мирнэй улууһаМирнэй улууһаЛенскэй улуусНьурба улууһаӨлүөхүмэ улууһаҮөһээ Бүлүү улууһа
# Нэһилиэктэр Кииннэрэ Кыра бөһүөлэктэр Улуус

кииниттэн, км

Иэнэ, км 2 Олохтоох дьон

ахсаана, киhи

(2010 сыл)

1СунтаарСунтаар0309,210 303
2ЭлгээйиЭлгээйиҮһүс Бордоҥ48825,12170
3ТойбохойТойбохой55485,31723
4КириэстээхКириэстээх952695,1894
5БордоҥСардаҥа402058,1986
6КутанаКутанаТумул751233,9945
7СиэйэСиэйэКомсомол, Бэс Сиэйэ97354,9839
8АрыылаахУһун Күөл54373,9687
9КүндэйэКүндэйэЭлгээн, Харыйалаах302225,8859
10БүлүүчээнХордоҕойОйууһут16016 810,9683
11Түбэй-ДьаарханАрыылаахЫгыатта, Мэлэкэ1122631,4732
12КуокунуКуокуну1113133,3563
13ДьаарханАрыылаах801552,2507
14Маар-КүөлМаар-Күөл681096,7568
15АллыҥаАллыҥа40429,9474
16КэмпэндээйиКэмпэндээйиЧайыҥда554719,4457
17ХаданАгдаарыЭйикээр, Толоон256219,2454
18УустуйаУустуйа5437,1321
19КүүкэйКүүкэй85603,1361
20ХороХоро683407,1304
21ТүбэйТүбэйНөөрүктээйи1031203,7266
22ИлимниирИлимниир21141,9255
23ТуойдаахТуойдаах203206,0168
24ТолоонТолоон63114,0133
25ТэҥкэТэҥкэ75564,4139
26НаахараНаахара130906,2129
Барыта57 738,025 920

Улуус биллиилээх дьоно

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сунтаар сирэ-уота ыһыаҕынан, оһуокайынан, сахалыы куоластаах ырыаһыттарынан аатырар: С. Зверев – Кыыл Уола, Н. Е. Петров, А. Амбросьев, Е. Захарова о. д. а. биллэр норуот ырыаһыттардаахтар.