Иһинээҕитигэр көс

Татаар тыла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Татаар тыла
татарча / tatarça / تاتارچا
Кэпсэтэллэр : Арассыыйа, урукку Сэбиэт Холбоhугун атын дойдулара
Бары кэпсэтээччилэр: 8 мөл.
Тыл ууhа: Алтай[1]
 Түүр
  Кыпчак
   Кыпчак-Болгар
    Татаар тыла 
Ил суолталаах
Ил статустаах: Татарстаан
Салайыллар: no official regulation
Тыл кодтара
ISO 639-1: tt
ISO 639-2: tat
ISO 639-3: tat

Татаар тыла (татар теле, татарча / tatar tele, tatarça / تاتارچا, تاتار تلی) — түүр тылларыттан биирдэстэрэ, кыпчаак бөлөҕөр киирэр. Татаардар национальнай тыллара, Татарстаан судаарыстыбаннай тыла, тарҕаныытынан Арассыыйаҕа иккис тыл.

Татаардыы саҥарааччылар Арассыыйаҕа, Орто Аассыйаҕа, Укырайыынаҕа, Польшаҕа, Кытайга, Фиин Сиригэр уонна Түүркүйэҕэ бааллар.

Татаар тыла Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтигэр ил статустаах.

Татаар тыла үс сүрүн түөлбэ тыллаах (диалектаах):

  • Арҕаа (Мишэр эбэтэр Мишар)
  • Орто
  • Илин (Сибиир)

Бу диалектар бары субдиалектарга арахсаллар.

Арассыыйаҕа татаар тылынан 5,300,000 киhи саҥарар. Татаар тыла хас да тыhыынча башкорттарга, мариларга уонна мордваларга (каратайдар) төрөөбүт тыллара буолар.

Татаар тыла устуоруйатын тухары араас алпабыыттарынан суруктаммыта. Олор ахсааннарыгар:

А а Ә ә Б б В в Г г Д д Е е Ё ё
Ж ж Җ җ З з И и Й й К к Л л М м
Н н Ң ң О о Ө ө П п Р р С с Т т
У у Ү ү Ф ф Х х Һ һ Ц ц Ч ч Ш ш
Щ щ Ъ ъ Ы ы Ь ь Э э Ю ю Я я
Бикипиэдьийэ
Бикипиэдьийэ

Бикипиэдьийэҕэ
татаар тылынан
салаа баар: tt:Баш бит

  1. ↑ " Ethnologue"