Украин тыла
Тас көрүҥэ
| Укырайыын тыла українська мова (украйинська мова) | ||
|---|---|---|
| Кэпсэтэллэр : | Укырайыына | |
| Бары кэпсэтээччилэр: | 35-37 мөл | |
| Тыл ууhа: | Индо-Эуропа Балто-Славянскай Славянскай Илин Славян Укырайыын тыла | |
| Суруга: | Кириилиссэ (Укырайыын алпабыыта) Укырайыына Брайля | |
| Ил суолталаах | ||
| Ил статустаах: |
| |
| Салайыллар: | Укырайыына Билимин Акадьыамыйата: Укырайыын тылын Института, Ukrainian language-informatical fund, Potebnya Institute of Language Studies | |
| Тыл кодтара | ||
| ISO 639-1: | uk | |
| ISO 639-2: | ukr | |
| ISO 639-3: | ukr | |
| Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. | ||


Укырайыын тыла (укр. українська мова) — илин славян тылларын бөлөҕүгэр киирэр. Бу тыл Индо-Европа тыл ууһугар киирэр.
Укырайыын тыла атын славян тылларын кытта тэҥнээтэххэ тарҕаммытынан уонна саҥарар киһитинэн иккис буолар. Укырайыына официальнай тыла буолар. Укырайыына иһигэр саҥарар киһи ахсаана 37 мөл. киһи. Үксэ саҥарар дьон төрөөбүт тыла буолар. Аан дойду үрдүнэн саҥарар киһи ахсаана 50 мөл. киһи. Бу тыл сүрүннээн Укырайыынаҕа, Арассыыйаҕа, Бөлөрүүссүйэҕэ, Польшаҕа, Каһахстааҥҥа, Румыын Сиригэр, Мадьаар Сиригэр уонна да атын иллэргэ тарҕаммыт.
Кириилиссэнэн суруллар. Сорох тыллара поляк уонна бөлөрүүс тылыгар майгынныыр.
Алпабыыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]| А а | Б б | В в | Г г | Ґ ґ | Д д | Е е | Є є | Ж ж | З з | И и |
| І і | Ї ї | Й й | К к | Л л | М м | Н н | О о | П п | Р р | С с |
| Т т | У у | Ф ф | Х х | Ц ц | Ч ч | Ш ш | Щ щ | Ь ь | Ю ю | Я я |
| Буукуба | Саха тыла |
|---|---|
| А а | А а |
| Б б | Б б |
| В в | В в |
| Г г | Ҕ ҕ |
| Ґ ґ | Г г |
| Д д | Д д |
| Е е | Э э |
| Є є | Е е |
| Ж ж | Ж ж |
| З з | З з |
| И и | Ы ы |
| І і | И и |
| Ї ї | Йи йи |
| Й й | Й й |
| К к | К к |
| Л л | Л л |
| М м | М м |
| Н н | Н н |
| О о | О ө |
| П п | П п |
| Р р | Р р |
| С с | С с |
| Т т | Т т |
| У у | У у |
| Ф ф | Ф ф |
| Х х | Х х, Һ һ |
| Ц ц | Ц ц |
| Ч ч | Ч ч |
| Ш ш | Ш ш |
| Щ щ | Щ щ |
| Ь ь | Ь ь |
| Ю ю | Ю ю |
| Я я | Я я |
- Укырайыына тылын туһугар кытаанах тыаһы, тоҕо диэтэххэ Ч уонна Щ - кытаанах.
- Укыраййыын тылыгар "Ъ" буукубата суох — кини «ʼ» (апостроф) бэлиэтин солбуйар.
| Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |