Фуйуй кыргыс тыла

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Фуйуй кыргыс тыла — Кытайга Хэйлунцзян провинциятын Фуйуй уеһыгар олорор фуйуй кыргыстарын төрөөбүт тыллара. Фуйуй кыргыс тыла түүр тыллар хакас-алтаай бөлөҕөр киирэр. Фуйуй кыргыс тыла кыргыс тылыттан уратыта диэн z-тыл буолар (хакас тылын курдук). Фуйуй кыргыс тыла хакас тылларыттан XVII–XVIII үйэлэргэ арахсыбыт. Фуйуй кыргыстара Енисей кыргыстарын сыдьааннара буолаллар[1]. Кинилэри 1703–1706 сылларга Хакас сириттэн Дьуҥҕаар сиригэр көһөрбүттэр. Дьуҥҕаар дойдута суох буолбутун кэннэ мандьулар 1755–1757 сылларга кыргыстары Мандьу сиригэр көһөрбүттэр.

Тыл туһунан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Фуйуй кыргыс тыла сарыг йоҕыр тылыгар чугас, ол эрээри уратыта диэн төрүт -š- уонна -č- дорҕооннор уларыйбакка хаалбыттар (сарыг йоҕыр тылыгар -š- дорҕоон -s- дорҕооҥҥо уонна -č- дорҕоон -š- дорҕооҥҥо уларыйбыт), ону таһынан j > n (ń?) дорҕооннор уларыйыылара буолбут.

Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан фуйуй кыргыс тыла XVIII үйэҕэ хакас тылын саҕай эбэтэр качин диалектарыттан арахсыбыт. Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн фуйуй кыргыс тыла сарыг йоҕыр тылыгар быдан чугас.

Сурук-бичик[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2000 сыллар бүтүүлэригэр Кытай тыл үөрэхтээхтэрэ латыын алпабыытыгар олоҕуран (эбии Č č, Ğ ğ, Ï ï, Ö ö, Š š, Ü ü буукубалардаах) фуйуй кыргыс тылын суругун айбыттара. Ол эрээри бу сурук киэҥник тарҕана илик.

Эбии көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кинигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Hu, Zhen-hua; Imart, Guy (1987), Fu-Yü Gïrgïs: A tentative description of the easternmost Turkic language, Bloomington, Indiana: Indiana University Research Institute for Inner Asian Studies 
  • Li, Yongsŏng; Ölmez, Mehmet (2007), Some Newly Identified Words in Fuyu Kirghiz (Part 1), Neue Folge 
  • Тенишев Э.Р. О языке кыргызов уезда Фуюй // Вопросы языкознания. 1961. № 1. С. 88–95.
  • Янхунен Ю. К вопросу о зарубежных хакасах // Проблемы сохранения природы и культурно-исторического наследия Хакасии. Абакан. 1994. Вып. 1. С. 99–107.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Языки мира: Тюркские языки / Институт языкознания РАН. — Москва: Индрик, 1997. — С. 456. — 542 с. — ISBN 9785857590614

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]