Саха сирин суруйааччыларын сойууһа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха сирин суруйааччыларын Сойууһа (нууч. Союз писателей Якутии) — суруйааччылары түмэр Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун Саха сиринээҕи салаата.


Сойуус төрүттэниитэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сойуус 1934 сыл ахсынньы ыйыгар, Саха сирин суруйааччыларын бастакы конференцияларын кэмигэр төрүттэммитэ.

Бастакы бырабылыанньа бэрэсэдээтэлинэн - Платон Алексеевич Ойуунускай талыллыбыта.


Бырабылыанньа бэрэсэдээтэллэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1934-1938 - Платон Алексеевич Ойуунускай;

1939-1948 - Серафим Романович Кулачиков-Эллэй;

1948-1953 - Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай;

1953-1958 - Василий Андреевич Протодьяконов-Кулантай;

1958-1961 - Николай Гаврилович Золотарев-Якутскай;

1961-1979 - Семен Петрович Данилов;

1979-1993 - Софрон Петрович Данилов;

1993-1998 - Савва Иванович Тарасов;

1998-2003 - Иван Григорьевич Спиридонов;

2003-2023 - Наталья Ивановна Харлампьева;

2023 сылтан - Андросов Гаврил Гаврильевич.

Саха сирин суруйааччыларын сийиэстэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

I сийиэс - 1939 сыл от ыйын 1-5 күннэрэ;

II сийиэс - 1948 сыл бэс ыйын 28 - от ыйын 1 күннэрэ;

III сийиэс - 1953 сыл ол ыйын 30-31 күннэрэ;

IV сийиэс - 1958 сыл алтынньы 23-25 күннэрэ;

V сийиэс - 1963 сыл муус устар 3-4 күннэрэ;

VI сийиэс - 1965 сыл тохсунньу 12-13 күннэрэ;

VII сийиэс - 1968 сыл кулун тутар 5-6 күннэрэ;

VIII сийиэс - 1973 сыл бэс ыйын 5-6 күннэрэ;

IX сийиэс - 1978 сыл алтынньы 19 күнэ;

X сийиэс - 1983 сыл алтынньы 25 күнэ;

XI сийиэс - 1988 сыл балаҕан ыйын 15-16 күннэрэ;

XII сийиэс - 1993 сыл сэтинньи 5 күнэ;

XIII сийиэс - 1998 сыл сэтинньи 5 күнэ;

XIV сийиэс - 2003 сыл алтынньы 7 күнэ;

XV сийиэс - 2008 сыл алтынньы 7 күнэ;

XVI сийиэс - 2013 сыл алтынньы 1 күнэ;

XVII сийиэс - 2018 сыл алтынньы 11 күнэ;

XVIII сийиэс - 2023 сыл алтынньы 6 күнэ.

Эбии көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]