Иһинээҕитигэр көс

Карачай-Черкесия

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтэ
Карачаево-Черкесская Республика
Къарачай-Черкес Республика
Къэрэшей-Шэрджэс Республикэ


Флаг КЧР Герб КЧР
Карачай-Черкесия былааҕа Карачай-Черкесия дьаралыга
Киинэ Черкесск
Иэнэ 14 300 км²
Дьонун ахсаана 434 500 к. (2005)
Федеральнай уокуруга Соҕуруу
Экономическай оройуона Хоту Хапхаас
Ил тыла абазин, карачай, ногай, нуучча уонна черкес
Президент Борис Эбзеев
Дьаhалта салайааччыта Владимир Кайшев
Кэм зоната MSK (UTC+3, сайын UTC+4)

Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтэ (Нууччалыы: Карачаево-Черкесская Республика; Кабарда-Черкестыы: Къэрэшей-Шэрджэс Республикэ; Карачай-Балкардыы: Къарачай-Черкес Республика) диэн Арассыыйа Федерациятын субъега. Киин куората Черкесск.

Тохсунньу 12 1922 тэриллибитэ.

Республика сиригэр 172 өрүс баар. Сүрүн өрүстэрэ:

Республикаҕа 130 кэриҥэ күөл баар.

Архыз


Республика сирин улахан өттө хайалаах (сирин ~80%). Эуропа ордук үрдүк хайата Эльбрус, Кабардино-Балкария кыраньыыссатыгар баар.

Карачай-Черкесия сирин баайдара: кыһыл көмүс, чох, туой уо.д.а.

  • Тохсунньу орто температурата: -3.2 °C
  • От ыйын орто температурата: +20.6 °C
  • Сыллааҕы сөҥүү орто таhыма: 550 мм (сыhыыларга), 2500 (хайаларга)

Дьоно уонна омуктара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Карачай-Черкесия элбэх омуктардаах республика: кини сиригэр 80 тахса омук олорор. Дьонун бүтүн ахсаана 434,5 тыh. к. (2005). Дьон чиҥэ — 30,8 к./км² (2005), куорат олохтоохторо — 44,1 % (2005).

ОмукАхсаана 2002,
тыh. киhи (* Архыыптаммыт 2011, Алтынньы 10 күнүгэр.)
Карачайдар169,2 (38,5 %)
Нууччалар145,4 (33,5 %)
Адыгтар (Черкестар)49,6 (11,3 %)
Абазиннар32,3 (7,4 %)
Ногайдар14,9 (3,4 %)
Осетиннар3,3
Украиннар3,3
Эрмээннэр3,2
Казактар2,5 (0,6 %)
Татаардар2,0
Чеченнар1,8
Гректар1,3
Азербайдьаннар1,0

Олохтоох пууннар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
5 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар
Тохсунньу 1 2008 туругунан
Черкесск 116,3 Теберда 7,4
Усть-Джегута 30,1 Псыж 6,8 (2002)
Зеленчукская 21,0 (2002) Преградная 6,6 (2002)
Карачаевск 20,0 Терезе 6,3 (2002)
Учкекен 15,1 (2002) Хабез 5,8 (2002)
Сторожевая 8,0 (2002) Первомайское 5,3 (2002)
Кардоникская 7,8 (2002) Али-Бердуковский 5,1 (2002)

Администрациянан араарыыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Республика 10 муниципальнай оройуоҥҥа арахсар, олорго 144 олохтоох пуун баар, олортон — 4 куорат: Черкесск, Карачаевск, Усть-Джегута уонна Теберда.

ОройуонДьон ахсаана, к.
Тохсунньу 1 2007
Абазин оройуона13 835
Адыг-Хабльскай оройуона26 223
Зеленчук оройуона50 493
Карачай оройуона24 693
Малокарачаевскай оройуона39 787
Ногай оройуона???
Прикубанскай оройуона27 654
Уруп оройуона17 858
Усть-Джегута оройуона48 927
Хабез оройуона28 118

Индустрия күүстэрэ үксэ республика киин куоратыгар Черкесскайга бааллар. Сайдыылаах салаалара химия, мас уонна ас оҥоруулара.