Иһинээҕитигэр көс

Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия комитета

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Лозаннаҕа баар ыстаап-кыбартыыра

Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия кэмитиэтэ (кылг. ОыОК, нууч. кылг. МОК, фр. Comité international olympique, ааҥл. International Olympic Committee) — Олимпия оонньууларын уонна Олимпия хамсааһынын көҕүлүүр омуктар икки ардыларынааҕы тэрилтэтэ. Ыстаап-кыбартыырата Швейцария Лозанна куоратыгар баар.

ОыОК 1894 сыл бэс ыйын 23 күнүттэн, Пьер де Кубертен тыл көтөҕүүтүттэн ыла Париж куоракка аан бастаан баар буолбут. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Деметриус Викелас буолбут[1]. Онон, хас сыл аайы, бэс ыйын 23 күнүгэр Омуктар икки ардыларынааҕы Олимпия күнэ бэлиэтэнэр.

Кэмитиэт суолтата, анала

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Аналын быһыытынан — Олимпия хартиятынан салайтаран, олимпия хамсааһынын уонна Олимпия оонньууларын сайдыытын салайыы. Кэмитиэт спорду уонна спортивнай оонньууну тэрийэри итиэннэ сайыннарыыны биһириир, Олимпия оонньуулара кэмигэр ыытылларын хааччыйар.

Олимпия оонньууларын бары бырааба - кэмитиэккэ баар. Ол гынан баран, Олимпия оонньууларын ыытыы - Кэмитиэккэ буолбакка, оонньуу буолар сиригэр тэриллибит Тэрийэр бөлөххө сүктэриллэр.

Кэмитиэти үбүлээһин

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэмитиэккэ үп киирэр соҕотох суола - чааһынай эйгэ. Мантан баһыйар өттө - көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар уонна спонсордар. Онон, Кэмитиэт ити үпкэ олоҕуран Олимпия оонньууларын ыытыыга, Нассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин сыллааҕы үлэлэригэр итиэннэ омукар икки ардыларынааҕы спорт делегаттарыгар олохтоохтук көмө оҥорор кыахтаах.

2010 саҥатынааҕы туругунан, Кэмитиэккэ сүрүн барыс Олимпия оонньууларын көрдөрүүгэ быраап атыытыттан (уопсай барыстан 53%), спонсортан (34%), билиэт атыытыттан (11%) уонна лисиэнсийэ биэрииттэн (2%) киирбит. 2008 сыллаахха Кэмитиэт уопсай барыһа $2,4 млрд тэҥнэспит.[1]

Кэмитиэт кыттыылаахтара (чилиэттэрэ)

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэмитиэ чилиэттэринэн, төһө да Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киирэллэр диэн алҕас санаа тарҕаммытын иһин, 115-тэн элбээбэт ахсааннаах киһи буолар. Олортон 70 киһи дуоһунаһа суох, манна сыһыаннаах дьарыга суох, 15 кыттыылаах - күөгэйэр күнүгэр сылдьар спортсмен, 15 кыттыылааҕы Омуктар икки ардыларынааҕы спорт федерациялара эбэтэр кинилэр ассоциациялара туруораллар уонна 15 кыттыылааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киллэрэр. Өр кэм устата Кэмитиэккэ эр дьону эрэ киллэрэ сылдьыбыттар, дьахталлары аан бастаан 1981 сыллаахха талбыттар[2].

Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитинэн эрэ үлэлииллэр. 2016 сыл саҥатыгар итинник кэмитиэт ахсаана 206 тиийбит. Олортон 193 ХНТ кыттыылаах-иллэри көрдөрөллөр, өссө 13 (Американскай Самоа, Аруба, Бермуд Арыылара, Британия Виргин арыылара, Виргин арыылара (АХШ), Гонконг, Гуам, Кайман арыылара, Кук арыылара, Палестина Ил, Пуэрто-Рико, Косово Өрөспүүбүлүкэ, Кытай Тайбэйэ) араас туруктаах сирдэри көрдөрөллөр. ХНТ билиммит дойдуларыгар баар Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитин эмиэ ылар. Хас биирдии Наассыйа Олимпиятааҕы кэмитиэтэ бэйэтин континентальнай Олимпия ассоциациятыгар бас бэринэр:

  • Африка — ANOCA (ааҥл. Association of National Olympic Committees of Africa — Африка Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин Ассоциацията)
  • Америка — PASO (ааҥл. Pan American Sports Organisation — Панамериканскай спортивнай тэрилтэ)
  • Азия — OCA (ааҥл. Olympic Council of Asia — Азия Олимпиятааҕы сэбиэтэ)
  • Европа — EOC (ааҥл. European Olympic Committees — Европатааҕы олимпия кэмитиэттэрэ)
  • Океания — ONOC (ааҥл. Oceania National Olympic Committees — Океаниятааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ)

Кэмитиэт толорооччу бөлөҕө (кэмитиэтэ)

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
ДолжностьИмяСтрана
БэрэсидьиэнБах, Томас Германия
Бииссэ-бэрэсидьиэнЭль-Мутавакель, Наваль Марокко
Бииссэ-бэрэсидьиэнРиди, Крейг Улуу Британия
Бииссэ-бэрэсидьиэнКоутс, Джон Австралия
Бииссэ-бэрэсидьиэнЦайцын Ю Кытай
Генеральнай дириэктэрКеппер, Кристоф де Бельгия
КыттыылаахВу Чин-куо Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ
Кыттыылаах Фазель, Рене Швейцария
Кыттыылаах Хики, Патрик Ирландия
Кыттыылаах Бокель, Клаудиа Германия
Кыттыылаах Самаранч, Хуан Антонио (аччыгыйа) Испания
Кыттыылаах Бубка, Сергей Назарович Украина
Кыттыылаах Лухан, Вили Калтшмитт Гуатемала
Кыттыылаах Дефранц, Анита АХШ
Кыттыылаах Эрденер, Угур Турция
Кыттыылаах Линдберг, Гунилла Швеция

Кэмитиэт хамыыһыйалара, хос кэмитиэттэрэ, тутула

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

По состоянию на 23 июня 2015 года

Хамыыһыйа-кэмитиэтАнглийскайдыы суруллуутаТөрүттэммит сылаБэрэсэдээтэлэ
Толорооччу кэмитиэтIOC Executive Board1921Германия Томас Бах
Спортсмен хамыыһыйатаAthletes’ Commission1981Германия Клаудия Бокель
Спортсменнар сыһыаннаһыыларын хамыыһыйатаAthletes’ Entourage CommissionУкраина Сергей Бубка
Аудит хамыыһыйатаAudit CommitteeБельгия Пьер-Оливье Бекерс-Вьёжан
Коммуникация хамыыһыйатаCommunications CommissionНидерланд Камил Эйрлингс
Рио-де-Жанейро-2016 салайар хамыыһыйатаCoordination Commission For Rio de Janeiro 2016Марокко Наваль эль-Мутавакель
Пхёнчхан-2018 салайар хамыыһыйатаCoordination Commission For PyeongChang 2018Швеция Гунилла Линдберг
Токио-2020 салайар хамыыһыйатаCoordination Commission For Tokyo 2020Австралия Джон Коатс
Лиллехаммер-2016 салайар хамыыһыйатаCoordination Commission For The Lillehammer 2016 YOGАмерика Холбоһуктаах Штаттара Анджела Руджеро
Буэнос-Айрес-2018 салайар хамыыһыйатаCoordination Commission YOG Buenos Aires 2018Намибия Фрэнк Фредерикс
Олимпия удьуорун уонна култуура хамыыһыйата[3]Culture and Olympic Heritage CommissionГреция Ламбис Николау
Delegate MembersDelegate MembersИрландия Патрик Хики
Этика хамыыһыйатаEthics Commission1999Сенегал Юссуфа Ндиай
ЮОИ-2020 сыаналыыр хамыыһыйатаEvaluation Commission YOG 2020Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ Ян Ян (A)
ЗОИ-2022 сыаналыыр хамыыһыйатаEvaluation Commission Olympic Winter Games 2022Арассыыйа Александр Жуков
Үп хамыыһыйатаFinance CommissionСингапур Ын Сер Мианг
Кэмитиэт кыттыылаахтарын талар хамыыһыйа[4]IOC Members Election CommissionУлуу Британия Принцесса Анна
ВАДА олохтооччу Сэбиэтигэр Кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэIOC Representatives on the WADA Executive Committee and Foundation BoardУлуу Британия Крэйг Риди
Быраап дьыалатыгар хамыыһыйа[5]Legal AffairsАвстралия Джон Коатс
Маркетинг хамыыһыйатаMarketing CommissionЯпония Цунэкадзу Такэда
Наука уонна медицина хамыыһыйата[6]Medical And Scientific CommissionТурция Угур Эрденер
Олимпия үөрэхтээһинин хамыыһыйата[7]Olympic Education CommissionУлуу Британия Филип Крэйвен
Олимпия бырагырааматын хамыыһыйатаOlympic Programme CommissionИталия Франко Карраро
Солидарность олимпиятааҕы хамыыһыйатаOlympic Solidarity Commission1981Кувейт Ахмед аль-Фахад ас-Сабах
Общественноһы кытта сибээс уонна спорт нөҥүө социальнай сайдыы кэмитиэтэ[8]Public Affairs And Social Social Development Through SportИталия Марио Песканте
«Спорт уонна көхтөөх общество» хамыыһыйа[9]Sport And Active Society Commission1983Соҕуруу Африка Сэм Рамсами
«Сайдыы уонна удьуор-утум» хамыыһыйа[10]Sustainability and Legacy Commission1995Монако Альбер II
«Дьахталлар спортка» хамыыһыйа[11]Women In Sport Commission2004Бурунди Лидия Нсекера
Олимпия ханаалаOlympic ChannelАмерика Холбоһуктаах Штаттара Лэрри Пробст
Olympic Channel Services S.A. (Швейцария)Olympic Channel Services S.A.Германия Томас Бах
Olympic Broadcasting Services S.A. (Швейцария)Olympic Broadcasting Services S.A.Канаада Ричард Паунд

Ылыллыбыт сирэ

Кэмитиэт бэрэсидьиэннэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кэмитиэт бары бэрэсидьиэннэрэ Брендеджтан ураты Европа дьоно.

БэрэсидьиэнИлСалайбыт сыллараБэлиэтээһиннэр
Деметриус Викелас Греция Греция 18941896
Барон Пьер де Кубертен  Франция 18961916 уонна 19191925 1925 - 1937 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ
Барон Годфруа де Блоне  Швейцария 19161919 (э. т.)
Граф Анри де Байе-Латур  Бельгия 19251942
Зигфрид Эдстрём  Швеция 19461952 (э. т. 19421946)
Эвери Брендедж  АХШ 19521972 Олимпия оонньууларыгар спортсмен быһыытынан кыттыыны ылбатах бастакы бэрэсидьиэн
Лорд Майкл Моррис, 3-й барон Килланин  Ирландия 19721980
Маркиз Хуан Антонио Самаранч  Испания 19802001 2001 - 2010 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ
Граф Жак Рогге  Бельгия 20012013 Олимпия оонньууларыгар хас да төгүл спортсмен быһыытынан кыттыбыт (1968, 1972 уонна1976)бастакы бэрэсидьиэн. 2013 сылтан ОыОК бочуоттаах бэрэсидьэнэ
Томас Бах[12]  Германия с 2013 года Олимпия чемпиона буолбут бастакы бэрэсидьиэн (1976, фехтование)
  1. 1 2 Александр Губский. «Учтен каждый доллар», — Жак Рогге, президент Международного олимпийского комитета // Ведомости, 03.02.2010, 18 (2536)
  2. FACTSHEET THE OLYMPIC MOVEMENT(ааҥл.). olympic.org (октябрь 2013). — «In 1981, Pirjo Häggman and Flor Isava Fonseca were the first women to be elected as IOC members.»  Тургутулунна 5 Алтынньы 2014.
  3. Ранее — Комиссия по культуре и олимпийскому образованию
  4. Ранее — Комиссия по номинациям
  5. Ранее — Юридическая комиссия и комиссия «Спорт и право»
  6. Ранее — Медицинская комиссия
  7. Ранее — часть комиссии по культуре и олимпийскому образованию
  8. Ранее — Комиссия по международным отношениям
  9. Ранее — Комиссия «Спорт для всех»
  10. Ранее — комиссия «Спорт и окружающая среда»
  11. Ранее — комиссия «Женщины и спорт»
  12. Томас Бах стал новым президентом Международного олимпийского комитета.