Иһинээҕитигэр көс

Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ көҥүлүн күнэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ көҥүлүн күнэ эбэтэр Пресса көҥүлүн күнэ (ХНТ тылларынан: ааҥл. World Press Freedom Day, исп. Día Mundial de la Libertad de Prensa, нууч. День свободы печати, фр. Journée internationale de la liberté de la presse) — сыл ахсын 1994 сылтан саҕалаан ыам ыйын 3 күнүгэр бэлиэтэнэр. ХНТ Сүрүн Ассамблеята 1993 сыллаахха Ахсынньы 20 күнүгэр анал резолюцияннан олоххо киллэрбитэ (Резолюция № A/DEC/48/432).

Аан дойду күнүн быһыытынан бу күнү аныыры Экономиҕа уонна Түмэккэ Сэбиэт (ЭКОСОС) сүбэлээбитэ — 1993/54 нүөмэрдээх резолюциятыгар. Оттон ЭКОСОС бэйэтэ ЮНЕСКО Генеральнай конференцията 26-с сиэссийэтигэр1991 сыл сэтинньи 6 күнүгэр таһаарбыт резолюциятынан салайтарбыта. Ол кэмпириэнсийэҕэ ЮНЕСКО ыам ыйын 3 күнүн Виндхуктааҕы Декларация ылыныллыытыгар сөп түбэһиннэрбитэ, бу декларация ылыныллыбыт сэминээрэ 1991 с. Виндхукка буолбута, Африка тутулуга суох прессата сайдарыгар анаммыта.

Сылын ахсын бу күҥҥэ анаан ХНТ Генеральнай сэкиритээрэ туһаайыы сурук ыытар. Холобура, 2006 сыллааҕы туһаайыытыгар: Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ абааһы көрүүнү, кэхтиини күөттүө суохтаах, — диэбитэ.

Пресса көҥүлүгэр үлэтин иһин бириэмийэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1997 сыллаахтан ыам ыйын 3 күнүгэр «Пресса көҥүлүгэр үлэтин иһин» диэн Гильермо Кано аатынан ЮНЕСКО бириэмийэтэ туттарыллар. Бириэмийэ аан дойду ханнык баҕарар муннугар пресса көҥүлүгэр улахан үлэни оҥорбут киһиэхэ эбэтэр тэрилтэҕэ ананар.

Сылынан тиэмэлэрэ

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • 2026 сыл: «Эйэлээх кэскили тэрийии» (ааҥл. Shaping a Future at Peace). Көҥүл пресса киһи быраабын көмүскүүргэ, сайдыыга уонна аан дойдуга бигэтэ суох быһыы бүрүүкээн турар кэмигэр куттала суох буолууну кэрэһэлииригэр туһуланар. Манна аналлаах кэмпириэнсийэ Лусака куоракка, Замбияҕа былааннанар.
  • 2025 сыл: «Саҥа Дьикти Сиртэн кэпсээн: Оҥоһуу Өй пресса көҥүлүгэр дьайыыта» (ааҥл. Reporting in the Brave New World: The Impact of Artificial Intelligence on Press Freedom and the Media). Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ Брюссельгэ (Бельгия) буолбута.
  • 2024 сыл — «Бэчээт Сир ийэ туһугар: айылҕа алдьархайын иннигэр турар суруналыыстыка» (A Press for the Planet: Journalism in the Face of the Environmental Crisis)
  • 2023 сыл — «Быраап кэскилин түстээһин: санааны көҥүллүк этии — атын киһи бырааптарын барытын хамсатар күүһэ» (Shaping a Future of Rights: Freedom of expression as a driver for all other human rights)
  • 2022 сыл — «Суруналыыстыка саҥа технологиялар анныларыгар» (Journalism under Digital Siege)
  • 2021 сыл — «Билии бар дьон туһатыгар» («Information as a Public Good»)
  • 2020 сыл — «Куттаммат уонна ким да диэки буолбат суруналыыстыка» («Journalism without Fear or Favour»)
  • 2019 — Media for Democracy: Journalism and Elections In Times of Disinformation
  • 2018 сыл — «Былааһы хонтуруоллааһын: СМИ, правосудие уонна быраап баһыйыыта»
  • 2017 сыл — «Критическому времени критический подход: роль средств информации в построении миролюбивых, справедливых и инклюзивных обществ»
  • 2016 сыл — «Информацияны ылыы уонна киһи көҥүлүн хааччыйыы: Эн быраабыҥ!»
  • 2015 сыл — «Суруналыыстыка чэлгийэ сайыннын! Сыыппара эпохатыгар суруналыыстыка туругун бөҕөргөтүөххэ, эр киһи уонна дьахтар тэҥ буолууларын, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйыахха»
  • 2014 сыл — Үс тиэмэлээх этэ:
«Көҥүл иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ гражданнар бырааптарын уонна кыахтарын сөпкө салайыыны, кэҥэтиини хааччыйаллар уонна дьадаҥы буолууну суох гынарга көмөлөһөллөр»
«Сокуону өрө тутуу суруналыыска куттал суох буолууну хааччыйар ньыма»
«Суруналыыстыка туруктаах буолуута уонна идэтийии сайдыы сорҕото буолаллар»
  • 2013 сыл — «Куттаммакка саҥарыы: көҥүл саҥарыыны иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ бүтүннүүтүгэр хааччыйыахха»
  • 2012 сыл — «Саҥа саҥа: Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ көҥүлэ түмэти уларытарга көмөлөһөр».
  • 2011 сыл — «21 үйэ иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэтэ: саҥа саҕахтар уонна саҥа харгыстар»
  • 2010 сыл — «Көҥүл информация: билэр быраап»
  • 2009 сыл
  • 2008 сыл — «Доступ к информации и расширение прав и возможностей»
  • 2007 сыл — «Свобода печати, безопасность журналистов и прекращение безнаказанности»
  • 2006 сыл — «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уларыта тутууну хамсатар күүс»
  • 2005 сыл — «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уонна үтүөтүк салайыы»
  • 2004 сыл — «Түбэлтэни кэпсээһин итэҕэһэ: ким быһаарарый?»
  • 2003 сыл — «Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ уонна сэрии»