Магаданскай уобалас

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Магадаан уобалаһа көстө)
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Маҕадаан уобалаһа

Магаданскай уобалас былааҕа Магаданскай уобалас гиэрбэтэ
Магаданскай уобалас былааҕа Магаданскай уобалас гиэрбэтэ
Киин куората Магадаан
Иэнэ 462 464 км² км²
Дьонун ахсаана 152 358 (2013)
Федеральнай уокуруга Уһук Илин
Экономическай оройуона Уһук Илин
Ил тыла Нуучча тыла
Губернатор Владимир Петрович Печеный
Кэм зоната MSK+8 (UTC+11, сайын UTC+12)

Магадаан уобалаhа (өссө биллэринэн Маҕадаан сирэ, Maҕadaan sïrè, урукку саха тылыттан Маҕан Аан) — Арассыыйа Уһук Илинигэр хоту сытар субьега. Арҕаа өттүнэн Саха сирин кытта кыраныыссалаһар, хоту өттүнэн Чукотка автономнай уокуругун, илин — Камчааткалыын, соҕуруу — Хабаровскай кыраайдыын. Уһук Илин федераал уокуругар киирэр.

1953 сыллаахха ахсынньы 3 күнүгэр үөскээбит.

Иэнэ — 462 500 км². Олохтоохторун ахсаана — 162 969 чел. (2009). Киинэ — Магадаан.

2002 сыллааҕы Биэрэпис көрдөрбүтүнэн Магадаан уобалаһыгар 182 тыһ. 726 киһи олорор эбит.

Омук 2002 с. ахсаана, тыһ
Нууччалар 146,5 (80,2 %)
Украинецтар 18,1 (9,9 %)
Эбээннэр 2,5 (1,4 %)
Белорустар 2,2 (1,2 %)
Татаардар 2,0 (1,1 %)
Кэрээктэр 0,88 (0,5 %)
Ингуштар 0,8 (0,45 %)
Ниэмэстэр 0,7 (0,45 %)
Ительменнар 0,65 (0,35 %)
Сахалар 0,47
500-тэн тахса киһилээх омуктар уонна сахалар эрэ көрдөрүллүннүлэр

Дьон олорор сирдэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2 тыһыынчаттан тахса киһилээх сирдэр
2008 сыл тохсунньу 1 туругунан
Магадаан 99,6 Ягодное 3,9
Ола 6,4 Синегорье 3,1
Сусумаан 6,3 Сеймчан 2,7
Сокол 5,2 Уптар 2,3
Омсукчаан 4,3 Оротукаан 2,2
Палаатка 4,3 Стекольнай 2,0
Уус-Омчуг 4,2

Магадаан сахалара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сүрүн ыстатыйа: Магадаан сахалара

Магадаан билиҥҥи сирдэригэр сахалар былыр-былыргыттан олороллор. Ол гынан баран аныгы этнографтар ааҕалларынан саха омук билиҥҥи бөлөҕө көһөн кэлбит дьонтон турар. Аан бастаан XVII үйэ бүтэһигэр батталтан күрээн көһөн кэлбиттэр дэнэр. Ол саҕана Тыылаах (Тыаллаах? Тыллаах? нууч. Тыллах), Балыгычаан, Сэйимчээн үрэхтэргэ олохсуйбуттар. 1930 сылларга дылы бу сирдэр Саха сирин састаабыгар киирэллэрэ - Өймөкөөн улууһун Оротук уонна Сэйимчээн нэһилиэктэрэ дэнэллэрэ.

Иккис бөлөх сахалар Охуоскай муора кытылыгар олохтоохтор. Балар өбүгэлэрэ үгүстэрэ икки долгунунан кэлбиттэр: 1909-1910 сылларга Ола-Халыма траагыгар дьаам сүүрдээччилэр, онтон 1920-с сылларга балыктыы. Балар Ола (Ольскай) оройуон Гадля (Хатылы?) уонна Ола сэлиэнньэлэригэр олохсуйбуттар.

Олорор сирдэрэ Ахсааннара
2002 с. [1] 2007 с.[2]
Тенькинскэй Киин Халыма оройуоннара 118 110
Орто Каан (Оротукаан) Киин Халыма оройуоннара 98 149
Ягоднинскай Киин Халыма оройуоннара 29 20
Хасынскай Киин Халыма оройуоннара 14 43
Сусумаан Киин Халыма оройуоннара 10 10
Омсукчаан Киин Халыма оройуоннара 1 -
Ола Муора оройуоннара 95 101
Хотугу Эбээн Муора оройуоннара 1 -
Магадаан к. Муора оройуоннара 103 54
Барыта 469 487

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Биэрэпис дааннайдара
  2. Хаховская Л.Н. матырыйааллара

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]