Карелия Республиката
|
|||||
| Киинэ | Петрозаводск | ||||
| Иэнэ | 172 400 км² | ||||
| Дьонун ахсаана | 687 500 (2009) | ||||
| Федеральнай уокуруга | Хотугулуу арҕаа | ||||
| Экономическай оройуона | Хоту | ||||
| Ил тыла | нуучча (омук тыла суолталаахтар карел, финн уонна вепс) | ||||
| Республика баhылыга | Сергей Катанандов | ||||
| Премьер-министр | Павел Чернов | ||||
| Кэм зоната | MSK (UTC+3, сайын UTC+4) | ||||
Карелия Республиката (Нууччалыы: Республика Карелия; Кареллыы: Karjalan tazavaldu; Финныы: Karjalan tasavalta; Вепстыы: Karjalan Tazovaldkund) диэн Арассыыйа Федерациятын субъега. Киин куората Петрозаводск.
Бэс ыйын 8 1922 тэриллибитэ.
Ис хоһооно |
[уларыт] Географията
Республика Арассыыйа Федерациятын хотугулуу арҕаатыгар, Үрүҥ уонна Балтик байҕаллар икки ардыларынааҕы сирдэригэр баар. Үрүҥ байҕал кытылын линията 630 км.
- Иэнэ: 172400 км2
- Кыраньыыссалара:
- ис: Мурманскай уобалаhа (Х), Архангельскай уобалаhа (И/СИ), Вологда уобалаhа (СИ/С), Ленинград уобалаhа (С/СА)
- тас: Финляндия (СА/А/ХА) (кыраньыысса уhуна: 723 км)
- уу: Үрүҥ байҕал (Х/ХИ/И), Онега (СИ), Ладога (СА)
- Үрдүкү сирэ: 576 м, Нуорунен чыпчаала.
[уларыт] Өрүстэр
Карелияҕа 27,000 кэриҥэ өрүс баар. Сүрүн өрүстэрэ:
- Водла (Vodlajoki, 149 км)
- Кем (Kemijoki, 191 км)
- Ковда (Koutajoki)
- Шуя (Suojoki)
- Суна (Suunujoki)
- Выг (Uikujoki)
[уларыт] Күөллэр
Карелияҕа 60,000 кэриҥэ күөл баар. Ладога (Финныы: Laatokka) уонна Онега (Ääninen) Эуропа ордук улахан күөллэрэ. Атын күөллэрэ:
- Ньюкозеро (Nuokkijärvi)
- Пьяозеро (Pääjärvi)
- Сегозеро (Seesjärvi)
- Сямозеро (Säämäjärvi)
- Топозеро (Tuoppajärvi)
- Выгозеро (Uikujärvi)
[уларыт] Сир баайдара
Республика сирин улахан өттө (148,000 км², эбэтэр 85%) тыа.
Сир баайдара: тимир урудаата, алмаас, ванадиум, молибден уо.д.а.
[уларыт] Климата
Карелия Республиката Атлантик континентал климат зонатыгар баар. Тохсунньу орто температурата -8.0 °C, от ыйын гиэнэ +16.4 °C. Сыллааҕы сөҥүү орто таhыма 500-700 мм.
[уларыт] Дьоно
- Олохтоохторун ахсаана: 716,281 (2002)
- Куорат олохтоохторо: 537.395 (75.0%)
- Тыа сирин олохтоохторо: 178,886 (25.0%)
- Эр дьон: 331,505 (46.3%)
- Дьахталлар: 384,776 (53.7%)
- Орто саас: 37.1
- Омуктар:
| 1926 | 1939 | 1959 | 1970 | 1979 | 1989 | 2002 | |
|---|---|---|---|---|---|---|---|
| Нууччалар | 153,967 (57.2%) | 296,529 (63.2%) | 412,773 (62.7%) | 486,198 (68.1%) | 522,230 (71.3%) | 581,571 (73.6%) | 548,941 (76.6%) |
| Кареллар | 100,781 (37.4%) | 108,571 (23.2%) | 85,473 (13.0%) | 84,180 (11.8%) | 81,274 (11.1%) | 78,928 (10.0%) | 65,651 (9.2%) |
| Беларустар | 555 (0.2%) | 4,263 (0.9%) | 71,900 (10.9%) | 66,410 (9.3%) | 59,394 (8.1%) | 55,530 (7.0%) | 37,681 (5.3%) |
| Украиннар | 708 (0.3%) | 21,112 (4.5%) | 23,569 (3.6%) | 27,440 (3.8%) | 23,765 (3.2%) | 28,242 (3.6%) | 19,248 (2.7%) |
| Финнар | 2,544 (0.9%) | 8,322 (1.8%) | 27,829 (4.2%) | 22,174 (3.1%) | 20,099 (2.7%) | 18,420 (2.3%) | 14,156 (2.0%) |
| Вепстар | 8,587 (3.2%) | 9,392 (2.0%) | 7,179 (1.1%) | 6,323 (0.9%) | 5,864 (0.8%) | 5,954 (0.8%) | 4,870 (0.7%) |
| Атыттар | 2,194 (0.8%) | 20,709 (4.4%) | 29,869 (4.5%) | 20,726 (2.9%) | 19,565 (2.7%) | 21,505 (2.7%) | 25,734 (3.6%) |
[уларыт] Олохтоох пууннар
| 5 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар Тохсунньу 1 2009 туругунан, http://world-gazetteer.com |
||||||||||||||||||||||||||||||||||||
|
[уларыт] Экономиката
Олохтоох айылҕа баайдарын туттар индустрия салаалара: мас, маhы таҥастыыр, кумааҕы, хара металлургия уонна тутуу материалларын индустриялара.
Кэлии ресурстары туттар салаалар: массыына оҥоруута, өҥнөөх металлургия.
[уларыт] Бөдөҥ компаниялар
- «Авангард»
- «Вяртсильский метизный завод»
- «Карельский окатыш»
- «Карелэнерго»
- «Кондопога»
- «Ляскельский бумажный завод»
- «Петрозаводскмаш»
- «Онежский тракторный завод»
- «Сегежский ЦБК»
- «Суоярвская картонная фабрика»
- Целлюлозный завод «Питкяранта»
[уларыт] Политиката
Карелия Республикатын үрдүкү ситэриилээх былааhа Республика баhылыга. 2002 ыам ыйыттан ыла Республика баhылыга Сергей Катанандов.
Карелия Республикатын парламена Сокуон таhаарар мунньах, түөрт сыллаах болдьоххо талыллар биэс уон депутаттаах.
Карелия Республикатын конституцията олунньу 12, 2001 ылыныллыбыта.
[уларыт] Култуурата
Аан дойдутааҕы биллиилээх Калевала диэн карел-финн эпоhа.