Кытай

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кытай Дьон Республиката
中华人民共和国
Zhōnghuá Rénmín Gònghéguó
Flag of People's Republic of China National Emblem of People's Republic of China
Өрөгөй ырыата"March of the Volunteers"
(义勇军进行曲)
Location of People's Republic of China
Киин куората Пекин
Largest city Шанхай
Ил тыла Кытай тыла
(Мандарин тыла)
Олохтоохтор ааттара Кытайдар
Дьаhалтата Биир партия дьаhалтата, социалист республика
 -  Президент Ху Дзиньтао
 -  Премьер Уэн Дзябао
 -  Chairman of the Standing Committee У Баҥгуо
 -  Chief Grand Justice Уоҥ Шендунь
Историята
 -  Three Sovereigns and Five Emperors c. 2852 BCE 
 -  Цин династия c. 221 BC 
 -  Дьон республиката тэриллибитэ Алтынньы 1 1949 
Иэнэ
 -  Бүтүн 9 598 086 km² [d] or 9,640,821 km²[d]
(3rd / 4th–disputed)
3 704 427 sq mi 
 -  Уу (%) 2.8[c]
Олохтоохторо
 -  2007 estimate 1,321,851,888[c] (1st)
 -  2000 census 1,242,612,226 
 -  Олохтоох чиҥэ 140/km² (53rd)
363/sq mi
БИО (АКП) 2007 estimate
 -  Total $7.043 trillion[1] (2nd)
 -  Per capita $5,300[2] (99th)
БИО (номинал) 2007 estimate
 -  Total $3.42 trillion (4th)
 -  Per capita $2,800 (105th)
Дьини (2007) 47.0[3] 
КСИ (2007) 0.777 (medium) (81st)
Валюта Юань (CNY)
Кэм зоната (UTC+8)
 -  Сайыҥҥы кэм not observed (UTC+9)
Ил домен .cn[c]
Телефон кода +86[c]

Кытай (кытайдыы 中國, судургу кытайдыы 中国, пиньинь Zhōngguó, Дьунго, «орто дойду», официаллык Кытай Дьон Республиката (кытайдыы 中華人民共和國, судургу кытайдыы 中华人民共和国, пиньинь Zhōnghuá Rénmín Gònghéguó) диэн Илин Азия дойдута. Сүүрбэ икки провинциялаах, биэс аутоном регионнаах, түөрт муниципалитеттаах уонна икки анал административнай регионнаах. Кытайга 1.3 миллиард киhи олорор (аан дойду дьонун 1/5). Сирин иининэн Кытай үһүс миэстэҕэ турар (Россия уонна Канада кэннилэриттэн).

Кытай Монголиялыын, Россиялыын, Хотугу Кэриэйэлиин, Вьетнамныын, Лаостуун, Мьянмалыын, Индиялыын, Непаллыын, Пакистанныын, Афганистанныын, Тадьикистанныын, Кыргызстанныын уонна Казахстанныын кэккэлэhэр. Кытай хоту өттүгэр далалар, тыалар уонна Гоби кумах куйаар баар, арҕаа Хималайа уонна Тянь-Шань хайалара, соҕуруу субтропик тыалар, илин Соҕуруу кытай уонна Илин кытай байҕаллара бааллар. Бу байҕаллар кытылларыгар дойду дьонун улахан өттө олорор.

Былыргы Кытай цивилизацията, Хоту кытай хонуутун устун сүүрэр, Саһарҕай өрүс астаах сиригэр түөртэн тахса тыhыынча сыллааҕыта үөскээбитэ.

[уларыт] Дьоно

Кытай - саамай элбэх ахсааннаах дьонноох сир шарын урдунэн. Кытайга 50-150 араас кыра уонна улахан омуктар олороллор. Уопсай ахсааннарын барыларын холбоон - 1,3 миллиард, онтон 1,2 миллиарда Кытай омугар тиксэр. Ону таhынан - Уйгуурдар, Даурдар, Кэриэйдэр, Маньчжурдар, Эбээннэр, Эбэнкилэр, Монголлар олороллор.

Ону таhынан элбэх кытай омуга тас дойдуларга олороллор. Саамай элбэх кытай - Канада, АХШ, Тайвань, Япония, Германия уонна Россия дойдутугар олороллор. Олору Хуацяо дииллэр.


Цитата сыыһата: Баар <ref> тиэккэ сөп түбэһэр <references/> тиэк көстүбэтэ

Тус бэйэ туттар туруоруулара
Атын омук тылынан