Азия
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Азия диэн саамай улахан уонна элбэх киһилээх континент. Сир ньуурун 8,6% ылар (эбэтэр кураанах сир ньуурун 29,4%). Азияҕа 4 миллиардтан тахса киһи олорор (аан дойду дьонун 60%). Азия Эуропалыын Эуразия континент буолар. Азия кыраныыссалара: Суэц канаала, Урал хайалара, Хапхаас хайалара, Каспий уонна Хара байҕаллар. Азия илин өттүгэр Чуумпу океан, соҕуруу өттүгэр Индия океана уонна хоту өттүгэр Хоту океан сыталлар.