Тиит

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тиит мас

Тиит (лат. Larix spp.) диэн Саха Сиригэр элбэх сиргэ үүнэр мас. Ирбэт тоҥҥо улахан буола улаатарын дьиктиргииллэр. Онто маннык быһаарыллар: сүрүн силиһэ эдэр эрэ маска баар эбит. Улааппытын кэннэ онто өлөн хаалар, аҥаардас оҕос силистэрэ хаалаллар эбит.

Тиит мас, тыа биир сүрүн маhа. Тиит мастар сүрүннээн бу дойдуларга үүнэллэр — Россия (79 %), Саха Сирэ (97,8 %), Кытай (28 %), Финляндия (85 %), Швеция (97 %), Норвегия (88,9 %), Дания (13 %), АХШ (30—45 %), Канада (100 %), Германия (13—40 %), Австрия (30 %), Англия (31 %), Эстония (1 %), Дьоппуон (1—7 %). Биллэн туран бэс мастан өлүүтэ (нууч. процент) үрдүк, тоҕо диэтэххэ кинилэр сииктээх сиргэ үүнэллэр.

Аҥаалык - бөдөҥ куруҥ тиит. Титирик - эдэр тиит. Иһирик - хойуу кыра титирик бөлкөйө.