Junior Eurovision

Junior Eurovision (ааҥ. Junior Eurovision Song Contest) - ырыа күрэҕэ, EBU чилиэннэрин дойдуларын кытта. Eurovision курдук ырыа күрэҕэ, ол эрээри 14 тиийбэтэх оҕолорго эрэ.
Күрэххэ дойдуттан биир эрэ кыттааччы кыттар (солист эбэтэр коллектив), ырыалара үс мүүнүтэ уһун буолбат, сценаҕа алтаттан элбэх киһи буолбат.
Быраабылалар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Junior Eurovision быраабылара үксүн Eurovision быраабыларын кытта майгыннаһалаллар. Ол эрээри хас та даҕаны уратылаахтар:
- Кыттааччы 9-тан 14 саастаах дылы буолуохтаах.
- Ырыа биирдэ ыллынар уонна тыыннах вокаал буолуохтаах.
- Көрөөччү бэйэтэ сөбүүлэбит ырыатыгар куоластыыр, бэйэтин дойдугар эмиэ куоластыан сөп.
- Жюриҕэ эбэһээт үс улахан киһи уонна икки оҕо баар буолуохтаах.
- Жюри уонна көрөөччүлэр бааллара эбилэллэр.
- Глашатайдар 12 эрэ баалы этэллэр, атына барыта көстөр.
- Ыытааччылар бэйэлэрэ көрөөччүлэр куоластарын этэллэр.
- Кыайыылаах ааты, саамай элбэх баалы ылбыт ырыа ылар.
- Ырыаһыт кыттар дойдутун граждаанстбата баар буолуохтаах.
- "Улахан киһи" таҥаһа оҕоҕо кэтиллиэ суохтаах.
Ырыа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ырыа саҥа буолуохтаах.
- Ырыа уһуна 2 мүнүүтэ 30 сөкүүндэ 3 мүнүүтэгэ дылы уһун буолуохтаах.
- Ырыа тиэкиһэ кыттар дойду тылынан буолуохтаах - 60%, атын 40% ханнык баҕар тыл буолуон сөп.
Буолар миэстэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
2018-с сылга дылы буолар дойдуну EBU бэйэтэ талар этэ. 2019-с сылтан үксүн кыайбыт дойду ыытар.
Куоластааһын
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Билиҥҥи куоластааһын систиэмэтэ 2017-с сылтан туттуллар. Жюри 1-8, 10 уонна 12 баал биэрэр, онлайн куоластааһын маннык буолар, холобур: 2024-с сылга, жюри уопсайынан 986 баал биэрбитэ, ол иһин онлайн-куоластааһыҥҥа эмиэ 986 баал бэриллибитэ.
Бааллар тэн буоллахтарына
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Билиҥҥи быраабыларынан, кыайыылаах ааты элбэх дойду куоластаабыт буоллаҕына ылар, куоластаабыт дойдулар тэн буоллахтарына, 12 баал биэрбит дойдулары ааҕаллар, 12 баалы биэрбит дойдулар тэн буоллахтарына 10 баалы ааҕаллар, уонна да атын[1].
Барыта тэн буоллаҕына бастакы бэрээдэгинэн кыттыбыт дойду кыайар[1].

Күрэх остуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2003-с сылга, Эуропаҕа MGP Nordic диэн эмиэ оҕолор күрэхтэрэ улахан ситиһиилээх этэ, ол иһин EBU эмиэ оҕо ырыа күрэҕин оҥороору интириһиргээбитэ. Скандинавия дойдулара эмиэ кыттыбыта, ол иһин 2003-2005 сылларга MGP Nordic буолбатаҕа. Дания уонна Норвегия күрэхтэн барбыттарын кэннэ күрэх тохтооботоҕо.
Күрэх сопродюсера - UNICEF буолар.
Кыттыылаахтар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Күрэххэ EBU'ҕа киирэр дойдулар кыттыахтарын сөп.
Junior Eurovision'ҥа уопсайынан 41 дойду кыттыбыта.
Кыттыылаахтар риэйтиҥнэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]№ | Дойду | I | II | III | IV | V | Топ-5 |
---|---|---|---|---|---|---|---|
1 | ![]() |
4 | 2 | 1 | 3 | 1 | 11 |
2 | ![]() |
3 | 1 | 1 | 1 | 2 | 8 |
3 | ![]() |
2 | 5 | 3 | 0 | 1 | 11 |
4 | ![]() |
2 | 2 | 0 | 4 | 1 | 9 |
5 | ![]() |
2 | 1 | 2 | 2 | 3 | 10 |
Кыайыылаахтар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сыл | Буолар дойдута | Кыттыылаахтар | Кыайыылаах |
---|---|---|---|
2003 | ![]() |
16 | ![]() |
2004 | ![]() |
18 | ![]() |
2005 | ![]() |
16 | ![]() |
2006 | ![]() |
15 | ![]() |
2007 | ![]() |
17 | ![]() |
2008 | ![]() |
15 | ![]() |
2009 | ![]() |
13 | ![]() |
2010 | ![]() |
14 | ![]() |
2011 | ![]() |
13 | ![]() |
2012 | ![]() |
12 | ![]() |
2013 | ![]() |
12 | ![]() |
2014 | ![]() |
16 | ![]() |
2015 | ![]() |
17 | ![]() |
2016 | ![]() |
17 | ![]() |
2017 | ![]() |
16 | ![]() |
2018 | ![]() |
20 | ![]() |
2019 | ![]() |
19 | ![]() |
2020 | ![]() |
12 | ![]() |
2021 | ![]() |
19 | ![]() |
2022 | ![]() |
16 | ![]() |
2023 | ![]() |
16 | ![]() |
2024 | ![]() |
17 | ![]() |
2025 | ![]() |
Билигин: 7 | Буола илик |
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|