Иһинээҕитигэр көс

Junior Eurovision-2025

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Junior Eurovision-2025
United By Music
Буолбут күннэрэ
Финаал 2025, ахсынньы 13 күнэ
Организация
Буолбут миэстэтэ Грузия Грузия, Тбилиси
Ыытааччылар Давид Аладашвили
Лиза Тсиклаури
Режиссёр Улуу Британия Мартин Грин
Продюсер Грузия Натия Мшвенирадзе
Эстония Герт Карк
Сүрүн телевещатель GPB
Кыттааччылар
Дойдулар ахсааннара 18
Төннөр дойдулар Азербайджан Азербайджан
Хорватия Хорватия
Черногория Черногория
Аккаастаммыт дойдулар Германия Германия
Эстония Эстония
Түмүктэр
Куоластааһын туруга 50% дьүллүүр сүбэ, 50% онлайн-куоластааһын
Кыайыылаах Франция Франция, Лу Делёз — «Ce Monde»

«Junior Eurovision — 2025» ырыа күрэҕэ (ааҥл. Junior Eurovision Song Contest 2025, груз. 2025 წლის საბავშვო ევროვიზიის სიმღერის კონკურსი) — 2025 сылын ахсынньы 13 күнүгэр «Gymnastic Hall of Olympic City» диэн Тбилисигэ, Грузия, турар аренаҕа ыытыллыбыт 23-c «Junior Eurovision» ырыа күрэҕэ. Маны European Broadcasting Union (EBU) ыытар, онтон сүрүн көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньанан Georgian Public Broadcaster (GPB) буолбута, ону былырыыҥҥы күрэххэ Грузияттан кыттыбыт «To My Mom» диэн Андриа Путкаридзе ырыата кыайбытыттан сылтаан Грузияҕа буолбута.

18 дойду көрдөрөр-иһитиннэрэр хампанньалара бу күрэххэ кыттыыны ылбыта. 2021-с сыллааҕы күрэхтэн саамай элбэх кыттар дойду. Азербайджан, Хорватия уонна Черногория аккастаммыттарыттан кэннэ төннүбүттэрэ, онтон Германия уонна Эстония бу сылга кыттыбаттарын биллэрбиттэрэ.

Кыайыылааҕынан Францияттан сылдьар Лу Делёз буолла, бу бүтэһик 6 сыл иһигэр төрдүс Франция кыайыынан буолла. Украинаттан сылдьар София Нерсесян, онлайн-куоластааһыны кыайан, иккис миэстэ буолла. Үһүс миэстэнэн Анита Абгарян, Грузияттан сылдьар кыыс, буолла.

Сүрүн ыстатыйа: Тбилиси
Тбилиси (Georgia (country))
Тбилиси
Тбилиси
«Junior Eurovision-2025» буолар миэстэтэ Грузия хаартатыгар

Грузия «Junior Eurovision-2024» ырыа күрэҕигэр кыайбытын кэннэ. Аныгыскы сыл күрэҕин ыытарын сөбүлэспитэ[1]. Грузия култуура министиэрстибэтэ муус устар 10 күнүгэр «Junior Eurovision-2025» ырыа күрэҕэ Грузия киин куоратыгар — Тбилисигэ буоларын биллэрбиттэрэ[2]. Былыр Тбилиси өссө «Junior Eurovision-2017» ырыа күрэҕин ыыппыта. Күрэх буолар аренатынан 1294 миэстэлэрдээх «Gymnastic Hall of Olympic City» талыллыбыта[3].

Үөрүүлээх аһыллыыга бу сыл кыттыылаах ырыаһыттар уонна кинилэр делегациялара эрэ кыттыбыттара. Аһыллыы ахсынньы 8 күнүгэр «Pullman Tbilisi Axis Towers» диэн комплекска буолбута[4]. Бу сыллааҕы күрэххэ биир даҕаны СМИҕа киирэргэ көҥүллэммэтэх, былыр оннук хаһан даҕаны буолбатаҕа (2020 сыллааҕы күрэхтэн эрээри, Коронавирус пандемиятыттан сылтаан)[5].

«Junior Eurovision» ырыа күрэҕигэр кыттарга, дойду Дьобуруопа көрдөрөр-иһитиннэрэр сойууһугар (EBU) киирэр көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалаах буолуохтаах, өссө ити хампаанньа «Eurovision» ситиминэн ырыа күрэҕи толору быһа эфирынан көрдөрүөхтээх, биир даҕаны кыттааччы быһыллыа суохтаах. Өссө ассоциированнай чилиэннэр ыҥырыы ыллахтарына кыттыахтарын сөп, оннук Казахстаан уонна Австралия кыттыбыттара.

Алтынньы 1 күнүгэр EBU кыттар дойдулар толору испииһэгин таһаарбыта. Онно 18 дойду көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата киирбитэ. Азербайджан, Хорватия уонна Черногория үс, уон уонна тоҕус сылы көтүтэн баран төнөннүлэр. Онтон Германия уонна Эстония араас бэрэчиинэлэринэн бу сылга кыттыбаттар[6].

«Junior Eurovision-2025» кыттааччылара
Дойду КИХ Ырыаһыт Ырыа Ырыа тыла Суруйааччы Быһ.
Албания Албания RTSH Крони Пула «Fruta perime» Албаан тыла
  • Adrian Hila
[7]
Азербайджан Азербайджан İTV Yağmur (Йаҕмур) «Miau miau» Азербайдьаан тыла, ааҥыл тыла
  • Diana Hajiyeva
  • Hafiz Bakhish
  • Mila Miles
  • Rustam Rzayev
[8]
Армения Армения AMPTV Альберт «Brave Heart» Эрмээн тыла
  • Anita Hakhverdyan
  • Lilit Navasardyan
[9]
Грузия Грузия GPB Анита Абгаряни «Shine Like a Star» Грузин тыла, ааҥыл тыла
  • Giga Kukhianidze
  • Mariam Ghvaladze
[10]
Ирландия Ирландия TG4 Лотти О'Дрисколл Мюррей «Rúin» Ирлаан тыла
  • Ian James White
  • Jenny Ní Ruiséil
  • Nicky Brennan
  • Rob O'Connor
[11]
Испания Испания RTVE Гонсало Пинильос «Érase una vez (Once Upon a Time)» Испаан тыла, ааҥыл тыла
  • Alejandro Martínez
  • David Parejo
  • Gonzalo Pinillos
  • Luis Ramiro
[12]
Италия Италия Rai Леонардо Джованджинелли «Rockstar» Италия тыла, ааҥыл тыла
  • Claudia Zanecchia
  • Giancarlo Prandelli
[13]
Кипр Кипр CyBC Рафаэлла уонна Кристос «Away» Гириэк тыла, ааҥыл тыла
  • Andy Lys
  • Christopher Wortley
  • Greig Watts
  • Hannah Brine
  • Paul Drew
  • Peter Barringer
[14]
Мальта Мальта PBS Элиза Борг «I Believe» Ааҥыл тыла
  • Destiny Chukunyere
  • Elton Zarb
  • Matthew Mercieca
[15]
Нидерланд Нидерланды AVROTROS Meadow «Freeze» Нидерлаан тыла, ааҥыл тыла
  • Daniel van der Molen
  • Elke Tiel
  • Stas Swaczyna
[16]
Польша Польша TVP Марианна Клось «Brightest Light» Поляк тыла, ааҥыл тыла
  • Brajan Litkowiec
  • Jacek Mrówczyński
  • Jakub Laszuk
  • Jeremi Siejka
  • Krzysztof Junak
  • Paulina Elżbieta Romaniuk-Jasińska
[17]
Португалия Португалия RTP Инеш Гонсальвеш «Para onde vai o amor?» Португаал тыла
  • Aurora Pinto
  • Bernardo Espinho
  • João Direitinho
  • Miguel Cristovinho
[18]
Сан-Марино Сан-Марино SMRTV Мартина CRV «Beyond the Stars» Италия тыла, ааҥыл тыла
  • Elisa Gaiotto
  • Karin Amadori
  • Nicola Marotta
  • Valerio Carboni
[19]
Украина Украина Suspilne София Нерсесян «Мотанка» Украин тыла, ааҥыл тыла
  • Svitlana Tarabarova
[20]
Франция Франция France Télévisions Лу Делёз «Ce monde» Француз тыла
  • John Claes
  • Jonathan Thyssens
  • Pauline Thisse
[21]
Хорватия Хорватия HRT Марино Вргоч «Snovi» Хорваат тыла
  • Arjana Kunštek
  • Ines Prajo
  • Marino Vrgoč
[22]
Хотугу Македония Өрөспүүбүлүкэтэ Хотугу Македония MRT Нела Манческа «Miracle» Македония тыла, ааҥыл тыла
  • Lazar Cvetkoski
  • Magdalena Cvetkovska
[23]
Черногория Черногория RTCG Ася Джогович «I tužna i srećna priča» (И тужна и срећна прича) Черногория тыла
  • Danijel Alibabić
  • Natalija Pavićević
[24]

Атын кыттааччылар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  Кыттар дойдулар

  Кыттыбат дойдулар

  • Азербайджан Азербайджан — 2025 сыллаахха, атырдьах ыйын 16 İctimai диэн Азербайдьан көрдөрөр-иһитиннэрэр хампааньыйата күрэскэ төннүүтүн биллэрбитэ[25].
  • Хорватия Хорватия[26][27] — 2025 сылга, ахсынньы 16 күнүгэр, HRT диэн Хорватия көрдөрөр-иһитиннэрэр хампааныйа таһаарбыт былааннарыгар, 78 тыһ. эуро «Junior Eurovision-2025» кыттарга халларбыта[28][29]. Муус устар ыйын 16 күнүгэр «Kod nas doma» диэн биэриигэ Хорватияттан кыттааччыны, Марино Вргоһу биллэрбиттэрэ уонна Хорватия ырыа күрэһигэр кыттарын биллэрбиттэрэ[30].
  • Черногория Черногория — 2025 сыллаахха, бэс ыйын 23 күнүгэр RTCG күрэскэ кыттыыны ыларын биллэрбитэ[31].
  • Эстония Эстония — 2025 сылга, ахсынньы 11 күнүгэр. ERR диэн Эстония көрдөрөр-иһитиннэрэр хампааныйа бүддьүөт аҕыйатыытыттан салтаан төннүбэттэрин биллэрбиттэрэ[32].
  • Германия Германия — 2025 сылга, кулун тутар 7 күнүгэр. KiKA диэн Германия көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа төннүбэттэрин биллэрбиттэрэ[33].
Дойду Ырыаһыт Ырыа Ырыа тыла Миэстэ Баал
Дь / c К / к Барыта
1 Мальта Мальта Элиза Борг «I Believe» Ааҥыл тыла 11 54 38 92
2 Азербайджан Азербайджан Yağmur (Йаҕмур) «Miau miau» Азербайдьаан тыла, ааҥыл тыла 15 12 54 66
3 Хорватия Хорватия Марино Вргоч «Snovi» Хорваат тыла 14 28 42 70
4 Сан-Марино Сан-Марино Мартина CRV «Beyond the Stars» Италия тыла, ааҥыл тыла 9 38 87 125
5 Армения Армения Альберт «Brave Heart» Эрмээн тыла 4 117 58 175
6 Украина Украина София Нерсесян «Мотанка» Украин тыла, ааҥыл тыла 2 79 98 177
7 Ирландия Ирландия Лотти О'Дрисколл Мюррей «Rúin» Ирлаан тыла 18 3 41 44
8 Нидерланд Нидерланды Meadow «Freeze» Нидерлаан тыла, ааҥыл тыла 10 47 46 93
9 Польша Польша Марианна Клось «Brightest Light» Поляк тыла, ааҥыл тыла 8 72 67 139
10 Хотугу Македония Өрөспүүбүлүкэтэ Хотугу Македония Нела Манческа «Miracle» Македония тыла, ааҥыл тыла 7 92 49 141
11 Черногория Черногория Ася Джогович «I tužna i srećna priča» (И тужна и срећна прича) Черногория тыла 17 10 39 49
12 Италия Италия Леонардо Джованджинелли «Rockstar» Италия тыла, ааҥыл тыла 12 26 47 73
13 Португалия Португалия Инеш Гонсальвеш «Para onde vai o amor?» Португаал тыла 13 32 41 73
14 Испания Испания Гонсало Пинильос «Érase una vez (Once Upon a Time)» Испаан тыла, ааҥыл тыла 5 98 54 152
15 Грузия Грузия Анита Абгаряни «Shine Like a Star» Грузин тыла, ааҥыл тыла 3 121 55 176
16 Кипр Кипр Рафаэлла уонна Кристос «Away» Гириэк тыла, ааҥыл тыла 16 3 47 50
17 Франция Франция Лу Делёз «Ce monde» Француз тыла 1 152 96 248
18 Албания Албания Крони Пула «Fruta perime» Албаан тыла 6 60 85 145
Куоластааһын түмүктэрэ
Куоластааһын туруга:

     100% дьүллүүр сүбэ     100% онлайн-куоластааһын

Барыта
Онлайн-куоластааһын
Мальта
Азербайджан
Хорватия
Сан-Марино
Армения
Украина
Ирландия
Нидерланды
Польша
Хотугу Македония
Черногория
Италия
Португалия
Испания
Грузия
Кипр
Франция
Албания
Кыттаачылар
Мальта 92 38 1 2 5 12 1 6 8 10 1 3 2 3
Азербайджан 66 54 7 3 2
Хорватия 70 42 5 1 10 7 1 4
Сан-Марино 125 87 7 3 2 5 3 5 3 4 2 4
Армения 175 58 12 3 7 4 12 8 6 8 1 6 6 4 12 10 10 8
Украина 177 98 6 8 10 6 3 4 4 10 1 3 2 6 5 6 5
Ирландия 44 41 2 1
Нидерланды 93 46 4 6 7 7 4 5 7 1 5 1
Польша 139 67 3 6 3 3 4 1 5 1 6 7 8 8 8 3 6
Хотугу Македония 141 49 2 6 7 10 6 5 7 12 12 2 5 4 3 7 4
Черногория 49 39 4 6
Италия 73 47 12 1 5 7 1
Португалия 73 41 4 2 6 2 3 3 2 3 7
Испания 152 54 10 4 10 8 5 1 7 10 1 8 12 7 7 8
Грузия 176 55 8 8 5 2 8 2 12 8 12 7 2 7 10 12 6 2 10
Кипр 50 47 2 1
Франция 248 96 1 5 12 12 4 10 10 12 10 12 8 4 8 10 10 12 12
Албания 145 85 10 3 8 5 2 4 5 6 5 12
  1. Georgia Ready to Host Junior Eurovision 2025
  2. Georgia ready to host Junior Eurovision 2025
  3. Michał. 🇬🇪 Gruzja być może zmieniła arenę Eurowizji Junior 2025?(поль.). ESC spot (24 Сэтинньи 2025). Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  4. Anthony Granger. Today: Junior Eurovision 2025 Rehearsals - Day Two & Opening Ceremony(ааҥл.). Eurovoix. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  5. José Miguel Mancheño. Eurovisión Junior 2025 no contará con prensa acreditada en Tiflis(исп.). ESCplus. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  6. 18 countries will take part in Junior Eurovision 2025. Junioreurovision.tv (1 Алтынньы 2025). Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  7. Kroni Pula(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  8. Yağmur(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  9. Albert(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  10. Anita Abgariani(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  11. Lottie O’Driscoll Murray(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  12. Gonzalo Pinillos(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  13. Leonardo Giovannangeli(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  14. Rafaella & Christos(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  15. Eliza Borg(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  16. Meadow(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  17. Marianna Kłos(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  18. Inês Gonçalves(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  19. Martina CRV(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  20. Sofia Nersesian(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  21. Lou Deleuze(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  22. Marino Vrgoč(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  23. Nela Mancheska(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  24. Asja Džogović(ааҥл.). Junioreurovision.tv. Тургутулунна 12 Ахсынньы 2025.
  25. Neil Farren. 🇦🇿 Azerbaijan: Junior Eurovision 2025 Participation Confirmed(ааҥл.). Eurovoix. Тургутулунна 9 Ахсынньы 2025.
  26. Croatia: HRT Examining Return to Junior Eurovision Song Contest
  27. Za tjedan dana zavrsava natjecaj za Doru evo sto treba znati
  28. Financijski plan HRT a 2025
  29. Croatia: Junior Eurovision in HRT’s Budget for 2025
  30. Neil Farren. 🇭🇷 Croatia: Marino Vrgoč to Junior Eurovision 2025(ааҥл.). Eurovoix. Тургутулунна 9 Ахсынньы 2025.
  31. Anthony Granger. 🇲🇪 Montenegro: Returns to Junior Eurovision After 10 Year Absence(ааҥл.). Eurovoix.
  32. Noukogu kinnitas ERR i 2025 aasta eelarve koos karbetega
  33. Germany: Withdraws From Junior Eurovision 2025