Иһинээҕитигэр көс

1886

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1882 1883 1884 1885 — 1886 — 1887 1888 1889 1890
Уоннуу сыллар
1850-с 1860-с 1870-с — 1880-с — 1890-с 1900-с 1910-с
Үйэлэр
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ

1886 сыл.

  • Кулун тутар 13 — Харьков университетыгар мэдиссиинэҕэ үөрэнэ сылдьыбыт устудьуон Сергей Ястремскай 1879 сылтан хаатыргаҕа сылдьыбытыттан босхолонон Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт. Көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбитэ, 1900 сыллаахха босхолонон Саха сириттэн барбыта, Одессаҕа олорбута.
  • От ыйын 3 — Ньиэмэс инженерэ Карл Бенц бастакы ис умайыылаах хамсатааччылаах (ДВС) массыынаны сүүрдүбүт.
  • Балаҕан ыйын 4 — Апач индеецтэр баһылыктара Джеронимо 30 сыллаах охсуһуу кэнниттэн АХШ аармыйатыгар бэриммит. Кини баһыйар ахсааннаах Мексика уонна АХШ сэриилэригэр саба түһүүлэргэ хорсун быһыытынан уонна таба туттарбатынан аатырбыта.