Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас диэн барар сирэ бүөлэммит, өлөрө-тиллэрэ биллибэт буолбут киһи этэр тыллара.

Сахалар олус былыргы кэмнэргэ тимири уһаарыыны, уһаныыны, сэрии сэбин оҥостууну баһылааннар соҕуруу, илин, арҕаа диэки киэҥ сирдэри бас билэ сылдьан баран саҥа үөскээн тахсан иһэр омуктарга баһыттараннар, ахсаан өттүнэн аҕыйааннар уонна сайдан иһэр олох хаамыытыттан хаалан иһиилэриттэн хоту сирдэрин диэки ыгыллан, үтүрүллэн, төннөн кэлбиттэр. Соҕуруу дойдуга саха киһитэ кыайан олорбот кэмнэрэ кэлэ сылдьыбыттарын “Үтүгэн” диэн абааһы дойдутунан ааттаммыт сир онно баара биллэрэр.

Өс хоһоонноро диэн Үрүҥ айыылартан быһалыы ылынар билиилэрбит ааттаналлар. Олору сатаан, табан, кэмигэр этэн туһаныы эрэйиллэр. Өс хоһооннорун суолталарын, өйгө-санааҕа ханнык дьайыыны оҥороллорун чуолкайдык билии ирдэнэр. Сөптөөх кэмигэр этиллибит тыл дьайыыта улаатар.

Минньигэс саҥалаах дьахталлар “Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас” диэн өс хоһоонун айыы диэн тыллааҕын иһин араас алгыстарыгар тутталлар, элбэхтик этэллэр. (1,38). Айыы диэн куһаҕана элбэх тыл өс хоһоонугар син-биир суолтата куһаҕан. Саха тыла олус былыргы тыл буолан дорҕооннорун дьайыылара киһиэхэ олус улаханын, айыы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонун дьайыыта куһаҕанын бу дьон билбэтэҕэ буола сылдьан дьону барыларын албынныыллар.

Куһаҕан тыл дьайыыта ордук эдэр оҕолорго тиийэн өйдөрүн-санааларын буккуйарын билигин эдэрдэр бэрээдэги кэһэллэрэ, араас буруйу-сэмэни, сыыһа-халты туттунуулары оҥороллоро элбээбитэ биллэрэр. Эдэрдэр бэрээдэги тутуһар, киһи быһыылаах буола улааталларын туһугар сахалар оҕону иитэргэ, үөрэтэргэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн таҥара үөрэҕин этиилэрин туһаналлар.

“Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас” диэн өс хоһооно “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи сылдьар сирдэрэ икки аҥыларын биллэрэр. Тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи күн сиригэр сылдьарын “Күн сирэ көҥдөй, ...” диэн этии биллэрэр буоллаҕына, “... айыы сирэ аһаҕас” диэн этии өлбүт дьон өйдөрө-санаалара туспа баран сылдьар сирин биллэрэр.

“Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас” диэн этии сахалар баһылаабыт сирдэрэ, дойдулара олус киэҥин, муҥура суоҕун биллэрэр. Бу өс хоһооно “Күн сирэ көҥдөй, ...” диэн этиитэ күн дьонугар, тыыннаах, Орто дойдуга олорор эттээх-сииннээх дьоҥҥо аналланар, кинилэр сылдьар, баһылаабыт сирдэрэ чахчы киэҥин, муҥура суоҕун быһаарар. Олоххо ыксал тирээтэҕинэ, кыаллыбат кэмэ кэллэҕинэ ханна эрэ баран, хоту диэки сыҕарыйан, куотан биэриини бу өс хоһооно саха киһитигэр этэн биэрэр.

Бу өс хоһоонун салгыыта “..., айыы сирэ аһаҕас” диэн этии киһи хаһан баҕарар өлүөн сөбүн уонна өлүү боростуойун, олох ыараханыттан куотуу буоларын биллэрэн «аһаҕас» диэн тылынан этиллэр. Аһаҕас диэн тыл ааһарга ханнык да улахан мэһэй, эрэй суоҕун биллэрэргэ аналлаах. Киһи күн сирин хаалларан айыы сиригэр хаһан баҕарар тиийэн хаалыан сөбүн, өлүү диэн улахан эрэйэ суоҕун бу тыл арыйар. Айыы сирэ диэн өлбүттэр өйдөрө-санаалара айыы буолан сылдьар дойдулара, онно өй-санаа эрэ көҥүл сылдьар сирэ буолар.

Тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи сылдьар, олоҕун олорор сирэ биир эрэ уонна Орто дойду диэн ааттанарын саха киһитэ барыта билэр. Бу дойду Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар, ортолоругар тайаан сытар. Үөһээ дойдуга айыылар уонна үөрдэр, онтон Аллараа дойдуга араас абааһылар сылдьар буоллахтарына, саха киһитэ бэйэтин айыы да, абааһы буолбатаҕын билинэн Орто дойдуга олоробун диэн этинэр, айыы аймахтарынан бэйэтин ааттанар.

Олус былыргы олоҥхо кэмин саҕана дьон айыы уонна абааһы диэн икки аҥы эрэ арахсар эбит буоллахтарына, кэлин өй-санаа салгыы сайдыытын түмүгэр айыы дьоно бэйэлэрэ икки аҥы арахсаннар; үчүгэй уонна куһаҕан диэннэри үөскэппиттэрэ, киһи үчүгэйи, туһалааҕы эбэтэр куһаҕаны, буортулааҕы оҥорор быһыыларын арыйбыттара.

Өй-санаа бу курдук икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыытын уонна икки ардыларыгар тэҥнэһии балаһыанньатын, Орто дойдуну үөскэтэрин, киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан буоллаҕына туһата улаатар.

Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа арахсан Үөһээ дойдуга барарын саха киһитэ барыта билэр. Хас биирдии киһи өйө-санаата бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттарыттан, тус-туспаларыттан, уратыларыттан туспа айыы буолан бараллар. Киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ, өйө-санаата туспа бардаҕына эрэ айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьар. Айыы буолуу диэн киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ, өйө-санаата туспа бардаҕына биирдэ кэлэр өйдөбүл буолар. (2,71).

Өлүү диэн сирдээҕи олохтон, киһи буолууттан куотуу, арахсыы буоларын “..., айыы сирэ аһаҕас” диэн этии биллэрэр. “Өлөн куоппут” диэн этиини бары билэбит. Дьадаҥы, олоҕор табыллыбатах киһи өллөҕүнэ эрэйтэн, кыһалҕаттан сынньаммыт диэн эмиэ этиллэр. Киһи тулуурдаах, ыарахаттары кыайар дьулуурдаах буоллаҕына эрэ олоҕу олорор кыахтанарын сахалар билэн “Олох ыарахан” диэн эппиттэр.

Өлүү киһини хаһан баҕарар кэтэһэ сылдьарын сахалар билэллэр. Киһини күҥҥэ “Түөрт уон түөрт оһол кэтэһэр” диэн этии киһи сыыһа-халты туттунара олус элбэҕиттэн араас оһолго түбэһиэн сөбүн биллэрэр. Итини тэҥэ олоххо тардыстыы күүһүн “Сылдьа түһэр быалаах буоламмын тыыннаах хаалбытым” диэн этии быһааран биэрэр.

Киһи буолан, киһи быһыылаахтык олоҕу уһуннук олоруу ыарахан, улахан тулуурдаах, олоххо дьулуурдаах, тардыһыылаах буоллахха эрэ кыаллар кыахтанар. Эдэр, сэнэх эрдэххэ олох диэн аҥардастыы оонньуу, үөрүү-көтүү, үчүгэй буоллаҕына, сааһыран истэххэ киһиэхэ араас ыарыылар элбээннэр уонна кыаҕа кыччыырыттан олох ыарахана дьэ биллэн барар. Өлүү кэнниттэн киһи буолуу бүтэр, онтон өй-санаа ыһыллан, Үөһээ дойдуга тахсан айыы, үөр буолар.

Киһи олох ыарахаттарыгар кыаттарыыта, сирдээҕи, Орто дойдутааҕы олоҕун бүтүүтэ өлүү буолар. Эт-сиин өлөр, тыына быстар. Өлүү кэнниттэн олоҕор табыллыбатах киһи эрэйтэн босхолонор.

«Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас» диэн өс хоһоонун барар сирэ суох буола бүөлэммит, өлөрө дуу, тиллэрэ дуу биллибэт кэмигэр кэлбит киһи туһанара эрэ оруннаах. Олус ыксаабыт киһи олоҕор ханнык эрэ эппиэттээх быһаарыыны ылынар, хайа эрэ диэки барар, олохсуйбут сирин хаалларар кэмигэр туһанар этиитэ буолар. Аныгы сайдыылаах, иннэ-кэннэ син биллэр олоххо бу өс хоһоонун букатын да туһамматтар, элбэх дьоҥҥо анаан эппэттэр.

Бу өс хоһоонун элбэхтик туһаннахха суолтата, дьайыыта оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥнэҕинэ олоҕу соччо сыаналаабат, улахаҥҥа уурбат, ыһар-тоҕор, барар-кэлэр баҕалаах кэлэр көлүөнэлэр үөскүүллэр.

Барар сирэ бүөлэммит, өлөрө дуу, тыыннаах буолара дуу биллибэт турукка киирбит киһи этинэр тылларын мээнэ туттубаттар, оҕолору иитиигэ, үөрэтиигэ, араас алгыска туһамматтар.

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. - Дьокуускай: Бичик, 2006. - 112 с.

2. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. - 88 с.