Айыыны оҥорума

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айыыны оҥорума диэн сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕо сайдан, ону-маны билэн, көрөн истэҕинэ өйүн-санаатын киһилии суолунан салайыыга туһанар үөрэҕэ буолар.

Былыргы кэмнэргэ наука сайдан иһиитин христианскай таҥара үөрэҕэ утарар этэ. Таҥара үөрэҕэ баһылыыр эрдэҕинэ «Сир Күнү тула эргийэр» диэн саҥаны арыйбыт Н.Коперник үгүстүк хаайыыга сыппыта. Аан дойду сайдыытын үөрэппит Д.Бруно уокка уматыллыбыта. Орто үйэлэргэ олус өр кэмнэргэ дьон өйө-санаата сайдыытын таҥара дьиэтэ инквизиция көмөтүнэн хам баттаан олорбута.

Бары улахан таҥара үөрэхтэрэ өйү-санааны хааччахтыыллар, аһара барбатын хааччыйаллар. Кинилэр: «Айылҕаны барытын таҥара, бог, аллах айбыта»,- диэн этиилэрэ киһи өйө-санаата таҥараттан намыһаҕын, хайдах да кыайан таҥараны аһара барбатын билинэр. Таҥараны итэҕэйээччилэр үҥэллэр, бокулуоннууллар, таҥараттан кыраларын билинэллэр. Киһи өйө-санаата куруук аһара бара сатыырынан таҥараны билинии, таҥаралаах буолуу өй-санаа аһара барбатын хааччыйар.

Сахалар «Таҥара айбыта» диэн этиини тэҥэ олус былыргыттан сылдьар өй-санаа хааччахтарын: «Куһаҕаны, айыыны оҥорума», «Киһи буол», «Киһилии быһыылан», «Сиэри кэһимэ» диэн этиилэри куруук тутталлар. Бу дириҥ өйдөбүллээх этиилэри табатык быһаарыы уонна олоххо быһаччы оҕолору иитиигэ туһаныы төрөппүттэр сыаллара. Саха дьоно таҥараларын, итэҕэллэрин сайыннарыахтарын ис сүрэхтэриттэн баҕараллар. Таҥаралаах буолуу аҥардас үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаа баарын быһаарарын таһынан, дьоҥҥо өй-санаа бары хааччахтарын тутуһары, өйү-санааны киһи буолууга, киһи быһыылаахтык олоҕу олорорго үөрэтэри халбаҥнаабакка толорору ирдиир.

Өй-санаа хааччаҕа оҕо улаатан өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ хайаан да наада. «Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии быһыылаах киһи тахсыбат» диэн саха дьоно ити хааччаҕы былыргыттан билэн олохторугар туһаналлар этэ. Кэлин сэбиэскэй былаас ханнык да таҥара суох диэн үөрэҕэ киһи өйө-санаата көҥүлүнэн сайдан барыны барытын баһылыырын туһунан сымыйа өйдөбүлү үөскэтэн, тэнитэн кэбиспитэ Россия дьонун өйдөрүн-санааларын олус улаханнык буортулаата. Ол буортулааһын түмүгүнэн оҕону кыра эрдэҕинэ үгэстэргэ, бэрээдэккэ үөрэппэттэн билигин улааппыт эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолан быстах быһыыларга киирэн биэрэллэрэ элбээтэ. Эдэр уолаттар биирдэ арыгы истэхтэринэ сыыһа тутта охсон хара айыыны оҥорон кэбиһэллэр. Саҥа саҕаланан эрэр олохторун биир сыыһа туттууттан буортулаан хаайыыга түбэһэллэр, эрэйгэ тэбиллэллэр, ииппит, улаатыннарбыт дьоннорун бары баҕа санааларын, кырдьар, бохтор кэмнэригэр эрэллэрин, тирэхтэрин суох оҥороллор.

Саха эдэр дьонун өйдөрүн-санааларын итинник буортулааһыны билигин "айыы үөрэҕин" тарҕатааччылар эмиэ салҕаан ыыталлар.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта олус күүстээх уонна түргэн. Бу өй-санаа хайа диэки хайысхалаахтык сайдарыттан бу киһи инники олоҕо барыта тутулуктанар.

Төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах, тулуурдаах, бэйэлэрэ үлэни-хамнаһы кыайар-хотор буола улаатыахтарын баҕаран кыра эрдэҕиттэн этин-сиинин эрчийэн, өйүн-санаатын, ийэ кутун үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн биэриэхтээхтэр. Кыра оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ аҥардастыы тылынан этии эбэтэр кинигэттэн ааҕан биэрии оҕоҕо ситэ тиийбэтин, этин-сиинин эрчийиигэ, үгэстэргэ үөрэтиигэ көрдөрөн, үтүгүннэрэн, батыһыннаран биэрии хайаан да эрэйиллэр.

Таҥара өйү-санааны хааччахтааһына оҕо улаатан иһэриттэн саҕалаан өйө-санаата сайдыытыттан тутулуктанан уларыйан биэрэн иһэр. Ол иһин маннык икки көрүҥҥэ арахсар:

1. Оҕо кыра, өйө-санаата ситэ сайда, тугу оҥорорун дьүүллээн кыайан быһааран билэ илигинэ: «Куһаҕаны оҥорума», «Айыыны оҥорума» диэн хааччахтааһын, бобуу оҥоруллар.

2. Оҕо улаатан салгын кута сайдан, үөрэҕи-билиини ылынан, үгэстэри үөрэтэн тугу оҥороро туох сабыдыалланан тахсарын билэр буола улааттаҕына: «Сиэри кэһимэ» эбэтэр «Киһи быһыытын аһара барыма» диэн хааччахтар өйө-санаата аһара барбатын хааччыйаллар.

Өй-санаа бу хааччахтара атын христианскай, мусульманскай таҥаралар курдук кытаанах, кыайан уларыйбат буолбатахтар, кэмэ кэллэҕинэ, олох сайыннаҕына, өй-санаа уларыйдаҕына эмиэ уларыйан, тупсан биэрэн иһэр кыахтаахтар. Сиэр көрдөбүллэрин хааччаҕа элбэхтэр быһаарыыларынан, ылыныыларынан уларыйан биэрэн иһэр кыахтаах.

Саха дьоно оҕо, киһи өйө-санаата сайдыытын ордук дириҥник билэллэрин бу өй-санаа хааччахтара уларыйан биэриилэрэ быһаарар. Өй-санаа хааччахтара сайдыыны ситиһиини тэҥнээн уларыйан биэриилэрэ оҕо өйө-санаата сайдан, ийэ кута иитиллибитин кэнниттэн салгын кута сайдан, эбиллэн иһиитин сахалар үөрэхтэрэ таба быһаарарын биллэрэр.

Аан маҥнай оҕо кыра эрдэҕинэ бары билиитин-көрүүтүн, ханнык тылынан саҥарарын, тугу сатыырын барытын ийэтин, төрөппүттэрин, иитэр дьонун үтүктэн, онтун хос-хос хатылаан өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэр. Аан маҥнай тугу, хайдах оҥоро үөрэммитэ соннук үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар олус дириҥник иҥэн иһэр. Кыра эрдэҕиттэн «Куһаҕаны оҥорума» диэн хааччахха үөрэммит оҕо тугу эмэ оҥороору гыннаҕына хайаан да аан маҥнай толкуйдуурга, бу оҥорор быһыыта туох содулланарын быһаарарга, урукку иҥэриммит өйдөбүлүгэр тэҥнээн көрөргө, онтон биирдэ саҥаны оҥорорго үөрэнэр.

Куһаҕаны оҥоруу оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук боростуой уонна дөбөҥ, ордук таттарыылаах, ону-маны тоҕуу, ыһыы, алдьатыы улахан өйү-санааны эрэйбэттэр, ол иһин оҕо түргэнник олору оҥорорго урут бастаан үөрэнэ охсор. Ол иһин «Куһаҕаны оҥорума» диэн үөрэтии оҕоҕо хайаан да наада уонна уруттаан иһэрэ табыллар. Оҕо кыратыгар тугу оҥорорун кыайан быһааран билбэт эрдэҕинэ улахан дьон көрөн-истэн үөрэтэллэрэ эрэ туһалыыр. «Yүнэ, тэһиинэ суох барбыт» оҕоттон киһилии киһи тахсыбат. Ол аата дьону кытта тапсан, олоҕу олорууга аналлаах хааччахтары, сокуоннары тутуһарга оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ эрэ табыллар.

Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан оҕо улаатан өйө-санаата сайдан салгын кута үөскээн билиини-көрүүнү кинигэттэн ааҕан, истэн өйдүүр, өйүгэр-санаатыгар хатаан умнубат буоллаҕына, ол билиитэ-көрүүтэ элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына, аны бэйэтин ол үөрэммит үгэстэрэ салайаллар. Бу үөрэҕи сахалар «Yгэһи тутуһуу» диэн ааттыыллар.

«Айыы» диэн тылы, өйдөбүлү быһаарыыны оҕо улаатан өйө-санаата сайдан иһиититтэн саҕалаан быһааран истэххэ ордук оруннаах, табатык өйдөнөр буолар. Оҕо улаатан өйө-санаата сайдыытыгар араас элбэх саҥаны, дьон оҥорботторун оҥорон кэбиһэр кыахтааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр оҕолорун үөрэтиигэ «Айыыны оҥорума» диэн хааччахтааһыны туһаналлар. Ол аата «Айыыны оҥорума» диэн дьон билбэтин, туттубаттарын, бэйэҥ ситэ билбэккин оҥорума диэн быһаччы өйдөбүллээх. Оҕо билиитэ-көрүүтэ ситэтэ суох буолан бу оҥорбута туох содуллаах, туох сабыдыаллаах буолан тахсарын ситэ сыаналаабатыттан, араас алдьархайы оҥороруттан харыстаан итинник хааччахтааһын оҥоруллар.

Оҕо аан маҥнай тугу барытын оҥоро үөрэниитэ бэйэтин өйүгэр-санаатыгар саҥаны, урут билбэтин оҥоруу буолар. Аан маҥнай испиискэни уматан олус соһуйбут оҕо хайдах туттарын илэ көрдөххө киһи ону итэҕэйэр. Кини тугу оҥорбута барыта саҥаны оҥоруу, айыыны оҥоруу буолан иһэр. Дьэ бу саҥаны хайдах быһыылаахтык оҥоро үөрэнэрэ оҕо өйүн-санаатын төрүттүүр.

Аан маҥнай ньуосканы хаҥас илиитинэн тута үөрэнэн хааллаҕына уларытан уҥа илиитинэн туттарга олус эрэйдээхтик үөрэнэр. Ол аата үөрэтэр киһи оҕотугар ньуосканы тута үөрэтиитэ хойутаан хаалан оҕото айыыны, дьон бары оҥорботторун, хаҥас илиинэн тутууга уруттаан үөрэнэн хаалбыт. Билигин уларытан уҥа илиитинэн ньуосканы тутарга үөрэтиигэ аан маҥнай хаҥас илиитинэн тута үөрэммитин умуннаран, суох оҥорон баран аны саҥалыы үөрэтиэххэ наада буолар. Хойутаан үөрэнии олус уһаан, аны буккуллан, тардыллан хаалар уратылаах. Кут-сүр үөрэҕэ оҕоҕо билиини кэлэн иһэр кэмин хойутаппакка эрэ иҥэрэн, иитэн биэрэн иһэри эрэйэр.

Оҕо сыыһа туттан айыыны оҥороро олус элбэх. Чааскыны муостаҕа быраҕан хайдах алдьанарын көрүүтэ киниэхэ эмиэ саҥаны айыы буолар. Таас бытархайдарынан оҕо оонньуура эмиэ олус кутталлаах. Билбэт буолан айаҕар уга оонньуон эмиэ сөп. Таас кыырпаҕын айахтарыгар уган баран соһуйан, ыйыстан кэбиһэн улахан эрэйгэ тэбиллэр оҕолор эмиэ бааллар. Тааһы айахха угартан туох куһаҕан үөскээн тахсарын оҕо билэр буола үөрэнэрэ өссө да ыраах, лаппа улааттаҕына эрэ сэрэнэргэ үөрэнэр. Ол иһин аан маҥнайгы хааччаҕы быһалыы оҥорорго тиийиллэр, «Айыыны оҥорума», «Билбэккин оҥорума» диэн тохтоторго эрэ тиийиллэр эбэтэр чааскыны ылан ыраах ууруллар, атыҥҥа аралдьытыллар.

Улахан, барыны-бары билэр, уоппуттаах киһи, төрөппүт оҕото сыыһа туттан куһаҕаны, ордук бэйэтигэр оҥорботун көрө-истэр, маныыр. Улаатан иһэр оҕону куруук көрө-истэ сырыттахха табыллар. Арыычча сылбырҕа, хамсыыр-имсиир оҕо, ордук уол оҕо үөһээ ытта оонньуурга тардыстыылаах. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр остуол үөһээ тахсыбыта эрэ баар буолар. Yөһээттэн охтуу, төбөнү дэҥнээһин оҕолорго олус элбэх. Хайдах эрэ кыра-кыратык охтон, сууллартан «айа-айа» буолан, этэ-сиинэ ыалдьан сыыйа-баайа сэрэнэргэ үөрэннэҕинэ дэлэ абырал буолуо этэ. Сахаларга «Эти үөрэтэн биэрии» диэн этии баар. Бу этии оҕо этэ ыалдьарыттан олус күүскэ уонна ылыннарыылаахтык үөрэнэр диэн быһаарар. Кыра-кыратык охто үөрэннэҕинэ эбэтэр итиини тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан биллэҕинэ бэйэтэ сэрэнэрэ ордук күүһүрэр. Манна кыратык «Айа-айа» буолуута улахан оруолу ылар.

Тугу эмэ алдьатыы оҕо син-биир саҥаны айыытыгар киирсэр. Иһигэр туох баарын билээри оонньууру көтүрэн, арыйа охсон уол оҕолор урут көрөллөр. «Оонньууру алдьатыма» диэн этии оҕону тохтоторун таһынан айыыны, куһаҕаны оҥорума, алдьатыма диэн эмиэ өйдөбүллэнэр.

Обуойу хайыта тыытан оонньуурун оҕо эмиэ сөбүлүүр, киниэхэ үчүгэй курдук, тырылатан тыаһыыра эмиэ астык. Оҕо саҥаны арыйан обуойу хайыта тыыппыта киһи оҥорор быһыытыгар сөп түбэспэт. Ол иһин маннык быһыылары хайдах эрэ тохтоттоххо эрэ табыллар, ону-маны алдьатыы олус куһаҕан быһыы, киһи оҥорор-тутар аналыгар сөп түбэспэт. Ол иһин саха дьоно оҕолорун: «Айыыны оҥорума» диэн тохтотон, аралдьытан атыннык, киһи быһыылаахтык оҥорорго үөрэтэллэр.

Оҕо айыыны оҥороро олус кутталлаах. Дьон бары оҕо испиискэнэн, уотунан оонньууруттан олус сэрэнэллэр. Оҕо испиискэни умата оонньууруттан улахан баһаардар баралларын тэҥэ, оҕолор бэйэлэрэ кутталга киирэллэр. Куттал баарын кыра оҕо хантан билиэҕэй? Умайартан буруо тахсарын уонна киһи тыына хааттарарын оҕо лаппа улаатан баран биирдэ билэр. Аан маҥнай испиискэнэн оонньуур олус үчүгэй, умайан сирилээн тахсарыттан уонна бырахтахха умуллубатыттан киһи эрэ умата туруох курдук. Кыра оҕоҕо быһаара сатааһын уонна оҕо ону ылынан толорорго үөрэниитэ олус уһун кэми ыларынан аан маҥнай испиискэни былдьаан ылыы, үөһээ ууруу, бобуу хайаан да оҥорулуннаҕына эрэ табыллар быһыыларга киирсэллэр. Оҕо баҕатын испиискэни умата оонньуурун, бэйэтин санаатыгар саҥаны, айыыны оҥорорун хааччахтааһын хайаан да оҥоруллар. Оҕо саҥаны айарыттан дьиэ умайан хаалара уонна онно оҕолор бэйэлэрэ түбэһэллэрэ ордук иэдээннээх.

Оҕолор вааннаҕа ыт оҕотун сууйа сырыттахтарына ыттара тимирэн, өлөн хаалбыт. Бу быһыыларын кинилэр ыт оҕото төһө уһуннук уу анныгар тыыммакка эрэ сылдьарын билбэттэриттэн сууйан-ыраастаан, үчүгэйи оҥорор санааларыттан оҥорбуттар. Yчүгэйи оҥороору кыһаммыттара куһаҕан буолан тахсыбыт. Ким да кинилэргэ ыт эмиэ тыынарын, тумнастарын туһунан этэн, үөрэтэн биэрбэтэх, билии-көрүү хойутаабыт эбит.

Оонньуу сылдьар обургу оҕолор телевизорга көрбүттэрин үтүктэннэр кыра балыстарын хоппуруон бантигынан моонньуттан ыйаан баран турар олоппоһун туура тэбэн кэбиспиттэрин хата ийэлэрэ түбэһэ тиийэн кэлэн быыһаабыт түбэлтэтэ эмиэ баар. Бу оҕолор киһи ыйаннаҕына хайдах буоларын билбэттэриттэн хара айыыны оҥоро сыспыттар. Оҕо айыыны оҥороро ол иһин кутталлаах, хайаан да тохтотуллара наада. Ити курдук сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ оҕо өйө-санаата сайдыытын ордук табатык быһаарар.

Билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕарар уол оҕолор ону-маны булан-талан оҥорон, боруобалаан көрүүлэриттэн араас сыыһа туттуулар тахсалларыттан оҕолор бэйэлэрэ эчэйэллэр. Испиискэ сиэрэтин кыһыйан мас мутугун дьөлөҕөһүгэр кутан баран тоһоҕонон оҕустахха эстэн тоҕо барар. Оҕо олус кыһанан саҥаны оҥорор күүһүттэн хас оҕустаҕын аайы дириҥээн биэрэр үүтүгэр элбэх сиэрэни кутан баран күүскэ охсубутугар тоһоҕото өрө көтөн сирэйин дэҥниирэ ыраахтан буолбатах.

Кумааҕы ботуруоҥҥа кутуллубут буораҕы бырахтахха эстэрин наадатыгар испиискэ хас да маһын холбуу баайан баран кытыытыттан уматыллар. Хараҥаҕа үөһээ бырахтахха түүтэх саҕа уот күлүм гынан эстэн тоҕо барара олус таттарыылаах. Быраҕа охсоору тиэтэйэн эбэтэр алҕаска аҥар өттүттэн уматан кэбиһэн быраҕыан иннинэ, илиитигэр дэлби тэптэрбит оҕо дэҥнэнэр, ытыһын уокка сиэтэр. Саҥаны айан боруобалаары илиитин эчэтэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ айыыны оҥорорун куттала ордук эбиллэн иһэр. Бу оҥороруттан туох содул үөскээн тахсарын ситэ билбэтиттэн табаах тарда, арыгы иһэ, наркотиктары боруобалыы сылдьан аны олоругар ылларын хаалыан сөп. Ити дьаллыктар оҕо аан маҥнай боруобалыырыгар киниэхэ эмиэ саҥаны айыы, урут билбэт суолларын боруобалааһыҥҥа тэҥнэнэннэр ордук кутталлаахтар, билбэккэ, боруобалыы оонньуу сылдьаннар арыгыга, наркотикка ылларан хаалыахтарын сөп.

Ытыалыы оонньооһун уолаттар олус сөбүлүүр дьарыктара. Араас пугаастары, бэстилиэттэри оҥорон көрөн боруобалаан ытыалаабатах уол аҕыйах буолуо. Аны буораҕы эбэтэр атыны буллахтарына дэлби тэптэрэ сатыыллар. Дэлби тэптэриилэр содуллара ыарахана бу быһыылар чахчы айыы буолалларын быһаарар. Уотунан оонньуур эмиэ айыы. Күүскэ умайар, дэлби тэбэр убаҕастары умата оонньооһун, урут билбэт быһыыларын оҥоруу оҕо бэйэтин санаатыгар саҥаны айыы буолар. Ол иһин оҕо ордук кыһанан, бары кыаҕын ууран дьарыктаныан сөп. Сахалар оҕо итинник майгынын тохтото сатаан: «Айыыны оҥорума»,- диэн этэллэр.

Сахалар үөрэхтэринэн оҕо ханнык баҕарар быһыыны улахан, олоҕу олорбут, элбэҕи билбит-көрбүт, уоппуттаах киһи хайдах оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитин аата «Киһи буолуу» диэн ааттанар. Онтон киһи оҥороруттан атыннык, уратытык оҥоруу, саҥаны арыйыы «Айыыны оҥоруу» буолар. Ити иһин саха дьоно оҕолору ханнык да айыыны оҥорортон сэрэтэллэр, оҥорбот буолуҥ диэн этэллэр.

Бэйэтэ элбэх инициативалаах, инники баран иһэр санаалаах оҕо ону-маны барытын оҥоро охсуон баҕата туох да муҥура суох. Тугу барытын уруттаан оҥорон иһэр. Билиитэ-көрүүтэ ситэ тиийбэт, уоппута суоҕа таайан үгүстүк сыыһа туттар. Yөрэнэ иликкэ тоһоҕону сыыһа охсон тарбаҕы өтүйэлээтэххэ киһи сэрэнэн туттарга ордук түргэнник үөрэтэр.

Арыгыны иһэн көрө илик эдэр киһи элбэх арыгыны истэххэ итирэн хаалыахха сөбүн билбэт. Ханнык эрэ хампаанньаҕа кыттыһан арыгы хайдах дьайарын билбэттэриттэн элбэҕи иһэн кэбиһэн итирэн хаалар эдэрдэр эмиэ элбэхтэр. Уолаттар улаата охсубуттарын биллэрээрилэр, улахан дьон оҥорор быһыыларын оҥорууга кыттыһаарылар табаахтааһыҥҥа уонна арыгы иһиитигэр элбэхтик түбэһэллэр. Арыгыны оҕо аан маҥнай иһиитэ урут билбэт дьыалатын оҥорууга, саҥаны айыыга тэҥнэнэр. Аан маҥнай арыгы иһэн үөрэн дэбдэйбит оҕо чахчы саҥа быһыыны, урут билбэтин боруобалыы сылдьара биллэр. Билигин наркотик дэлэйэн иһиитэ оҕо билбэт араас эмтэрин боруобалыы сылдьара ордук кутталланан иһэрин быһаарар. Оҕолор наркотик дьайыытыгар ылларан хаалалларын сүрүн биричиинэтэ итиннэ саһан сылдьар. Арай оҕону билбэт дьыалалары оҥороруттан тохтотор этиинэн: «Айыыны, билбэккин оҥорума» диэн сахалар үөрэхтэрин этиитэ буолар.

Айыы диэн тыл икки өйдөбүллээх. Биир өттө - үчүгэй, онтон аҥара – куһаҕан. Саҥаны арыйыы куһаҕаны оҥорорго эмиэ туттуллара итини өссө чуолкайдыыр. Бу тыл оҕо өйө-санаата сайдарыгар ордук куһаҕаны оҥорор. Оҕо сайдан иһэр өйө-санаата элбэх саҥаны айыылары оҥоруон баҕарар. Онтон куһаҕаны оҥоруу үчүгэйи оҥорордооҕор ордук судургу, ол иһин оҕо куһаҕаны оҥоруу диэки өйө-санаата урут бастаан салаллыан сөп. Ол иһин куһаҕаны оҥоруу уруттаан хааччахтаннаҕына эрэ табыллар.

Бары төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрэ киһилии быһыылаах дьон буола улаатаннар олоххо элбэх туһалаах дьыалалары оҥоруохтарын баҕаралларыттан оҕолору киһи буолуу үөрэҕэр үөрэтэллэр.

Оҕо киһи буолууга үөрэнэрэ сүрдээх уһун уонна эрэйдээх. Киһи буолуу - сахалар таҥараларын үөрэҕэ. Оҕо улаатан киһи буолууну баһылаан баран айыыны, саҥаны арыйыыны оҥорорун сахалар үөрэхтэрэ боппот. Ол аата оҕо улаатан, өйө-санаата ситэн, бу оҥорбута туох сабыдыалы оҥорорун билэн, киһи буолан аны бэйэтэ быһаарынан тугу барытын оҥороро көҥүллэнэр. Арай ол айыы, саҥаны арыйыы сиэри таһынан барбакка, киһи быһыылаах буолара ирдэнэр.

Оҕо улаатан өйө-санаата киһи буолуу таһымын ситистэҕинэ «Айыыны оҥорума» диэн бобуу бүтэр, быстар кэмэ кэлэр. Оҕо өйө-санаата төһөнөн эрдэ сайдан улахан киһи оҥорор быһыыларын оҥорор буола үөрэннэҕинэ айыыны оҥорума диэн бобуу эрдэлээн бүтэр. Мантан салгыы өйө-санаата сайдыбыт, киһи буолууну ситиспит оҕо улахан киһи буолан аны айыыны оҥороро сиэр көрдөбүллэрин, киһи быһыытын кэспэтигэр олоҕуран салҕанар.

Сахалар таҥаралара өйү-санааны хааччахтыыра оҕо өйө-санаата сайдан иһиититтэн уларыйан биэрэн иһэр. Ол иһин киһи өйө-санаата сайдыытыгар ордук сөп түбэһэр. (1,28).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. - 88 с.