Эуро

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Euro көстө)
Перейти к навигации Перейти к поиску
Банкноталар Манньыаттар
Банкноталар Манньыаттар
ISO 4217 кода EUR (978)
Туттааччылар
Unofficial user(s)
Инфляция 2.1%
Source ECB, Сэтинньи 2008
Method HICP
Күөнэ
Бэлиэтэ
Хос аата Биир тэҥ валюта
Плюрал See Euro linguistic issues
Манньыаттар
Субуллук туттуллаллар 1, 2, 5, 10, 20, 50 cent, €1, €2
unless otherwise stated as rarely used
Дэҥник туттуллаллар 1 and 2 cent
(applies to Finland and The Netherlands)
Банкноталар
Субуллук туттуллаллар €5, €10, €20, €50, €100
Дэҥник туттуллаллар €200, €500
Киин баан Эуропа Киин Баана
Уэбсайта www.ecb.int
Принтер
Уэбсайта

Эуро (бэлиэтэ: €; кода: EUR) диэн Эуропа Униятын 28 кыттааччы иллэриттэн 19 билинэр валюталара.

1999 сыллаахха айыллыбыта, ол гынан баран 2002 сыл тохсунньу 1 күнүгэр дылы электроннай валюта курдук үлэлиирэ. 2002 сыллаахха Европа Сойууһун 12 дойдута бэйэлэрин валюталарын тохтоппуттара уонна харчыларынан евроны эрэ ылынар буолбуттара. Икки ый устата урукку валюталары туттарыахха сөп этэ уонна маҕаһыыннарга төлүөххэ сөп этэ. Ол гынан баран олунньу 28 күнүттэн бааннарга эрэ уларытахха сөп.

2007, Словения 13-c дойду буолбута. 2008 сыллахха Мальта уонна Кипр холбоспуттара. 2009 сыллаахха Словакия 16-с дойду буолбута. 2011 Эстония 17-с дойду буолбута. 2014 Латвия 18-с дойду буолбута. 2015 Литва 19-с дойду буолбута.

Сэттэ араас банкнота баар, хас биирэ араас өҥнөөх, кээмэйдээх уонна сыаналаах: €5 (бороҥ), €10 (кыһыл), €20 (халлаан күөх), €50 (оранжевай), €100 (от күөх), €200 (араҕас), €500 (фиолетовай).

Манньыаталар араас сыаналаахтар: €0.01, €0.02, €0.05, €0.10, €0.20, €0.50, €1, €2. Хас банкнота аайы араас Европа тутуута уруһуйдаммыт. Бары еврозонаҕа банкноталар бары биирдэр, онтон манньыаталар араас араастар, биир өттө бары дойдуларга тэҥ, онтон атын өттүгэр хас дойду символа уруһуйдаммыт. Ол курдук билигин 12 дойду арааһа туттуллар. Манньыаталара араас да буоллар ханнык баҕар дойдуга туттуллуохтарын сөп. 2004 сыллаахха Европа Униятыгар уон дойду холбоспуттара уонна евроны ылынар былааннаахтар. Ол буолуон иннинэ сорох экономика услуобуйаларын көннөрүөхтээхтэр.

Банкноталар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Символа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Евро официальнай символа

Евро символынан икки кэрдиилээх грек эпсилон буукуба буолар: . Сорох дьон ону Латыын улахан С буукубатын уонна тэҥнэһии бэлиэлээх (=) диэн ааттыылар. Оннук суруйуу табыллыбат буоллаҕына, судургутук евро диэн суруйуу эмиэ көҥүллэнэр.

Тарҕаныыта[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Эурозона кыттааччы иллэрэ:

  1. АвстрияFlag of Austria.svg Австрия
  2. БельгияFlag of Belgium (civil).svg Бельгия
  3. ГерманияFlag of Germany.svg Германия
  4. ГрецияFlag of Greece.svg Греция
  5. ИрландияFlag of Ireland.svg Ирландия
  6. ИспанияFlag of Spain.svg Испания
  7. ИталияFlag of Italy.svg Италия
  8. КипрFlag of Cyprus.svg Кипр
  9. ЛатвияFlag of Latvia.svg Латвия
  10. ЛитваFlag of Lithuania.svg Литва
  11. ЛюксембургFlag of Luxembourg.svg Люксембург
  12. МальтаFlag of Malta.svg Мальта
  13. НидерландFlag of the Netherlands.svg Нидерланд
  14. ПортугалияFlag of Portugal.svg Португалия
  15. СловакияFlag of Slovakia.svg Словакия
  16. СловенияFlag of Slovenia.svg Словения
  17. ФинляндияFlag of Finland.svg Финляндия
  18. ФранцияFlag of France.svg Франция
  19. ЭстонияFlag of Estonia.svg Эстония

Европа Юниятын чилиэнэ да буолбатар бу дойдулар евроны киэҥник тутталлар:

  1. Flag of San Marino.svg Сан Марино
  2. ВатиканFlag of the Vatican City.svg Ватикан
  3. МонакоFlag of Monaco.svg Монако
  4. АндорраFlag of Andorra.svg Андорра

Бу дойдулар Экономика уонна Үп Униятыгар (EMU) кытталлар.

Атын дойдулар харчылара билигин евроны кытта ситимнэһэ тураллар, ол аата евро 1% сыаната үрдээтэҕинэ, бу валюталар сыаната эмиэ 1% үрдүүр.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]