Хорхе Луис Борхес

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Хорхе Луис Борхес

Төрөөбүтэ Хорхе Франсиско Исидоро Луис Борхес
Атырдьах ыйын 24, 1899
Буэнос Айрес, Аргентина
Өлбүтэ Бэс ыйын 14, 1986
Женева, Швейцария
Идэтэ суруйааччы, поэт, критик, библиотекар

Хорхе Франсиско Исидоро Луис Борхес (Jorge Francisco Isidoro Luis Borges, атырдьах ыйын 24 1899бэс ыйын 14 1986) диэн Аргентина суруйааччыта, Буэнос Айреска төрөөбүтэ. 1914 с., дьонун кытта Швейцарияҕа көспүт, онно оскуоланы бүтэрбит уонна Испанияҕа бара сылдьыбыт. Аргентинаҕа 1921 с. төннөн баран, Борхес поэмаларын уонна эсселарын сюрреалист литература сурунаалларыгар таhаарыытын саҕалаабыт. Онтон ураты кини библиотекар уонна лектор идэлэрдээх эбит. Борхес испан уонна ааҥл тылларын билэрэ. Перон режимын кэмигэр политика сойуолааhыныгар түбэhэ сылдьыбыт.

Удьуордуур туругунан, Борхес алта уонча сааhыгар хараҕа суох буолбут. 1955-кэ, кини Ил Библиотека (Biblioteca Nacional) директора уонна Буэнос Айрес Университетын литература профессора буолбут. 1961-гэ, Prix Formentor диэн таhаарааччылар омуктар икки ардыларынааҕы бастыҥ бириистэрин ылан аан дойдуга биллибит. Кини үлэлэрэ элбэхэ Холбоhуктаах Штаттарга уонна Эуропаҕа тылбаастаммыттара уонна таhаарыллыбыттара. Борхес Женеваҕа 1986 сыллаахха өлбүт.

Үлэлэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Fervor de Buenos Aires (1923)
  • Inquisiciones (1925)
  • Discusión (1932)
  • Historia universal de la infamia (1935)
  • La Biblioteca de Babel (1941)
  • Poemas (1943)
  • Tlön, Uqbar, Orbis Tertius (1944)
  • El jardín de senderos que se bifurcan (1944)
  • Ficciones (1944)
  • El Aleph (1949)
  • El Hacedor (1960)
  • El informe de Brodie (1970)
  • El oro de los tigres (1972)
  • El libro de arena (1975)
  • Libro de sueños (1976)