Сайдыы суола

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сайдыы суола диэн олоххо тутуһар хайысха сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэрэ ааттанар.

Өй-санаа, таҥара үөрэҕин тутуспакка эрэ омук сайдыыны ситиһиитэ, кэлэр көлүөнэлэри киһилии быһыыга иитиитэ, үөрэтиитэ кыаллыбатын сэбиэскэй былаас эстиитэ биллэрэр. Аны ырыынак үйэтигэр аҥардастыы баайы-малы эккирэтии, баай-мал үчүгэйи, бэлэми үөскэтиитин батыһа сатааһын диэки дьон өйө-санаата салалыннаҕына “Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһооно олоххо киирэр кэмэ кэлэр. Кэлэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутуттан, киһи быһыытын аһара барыылара, сыыһа-халты туттунуулара элбээн эстиигэ, симэлийиигэ тиийиэхтэрин сөп.

Олоххо сайдыыны ситиһиигэ сахаларТуох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэрин хайаан да тутуһуу ирдэнэр. Сайдыыны ситиһиигэ баай-мал ылар оруола аһара үрдээн, бастакы оруолга, өрүккэ таҕыстаҕына, өй-санаа сайдыыта иккис өрүккэ түһэн хаалыыта үөскүүр. Баайдар аймахтара сайдан, ахсааннара эбиллэн иһэригэр кыһамматтарын бэлиэтинэн кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ, үөрэтиигэ өй-санаа бастаан иһэр тутугугун умнан, баайы-малы өрө тутан оҕону атаахтатыы диэки халыйан хаалаллара буолар.

Оҕону сыыһа иитии, атаахтатыы содулугар баай дьон урутаан, кэлэр көлүөнэлэриттэн саҕалаан түбэһэн бараллар. Кинилэр баайдара, харчылара аһара элбэҕинэн оҕолорун дэлэччи хааччыйалларынан, баҕа санааларын барытын толорон иһэллэринэн атаахтатан, бэйэмсэх оҥорон кэбиһэллэрэ элбиир. Сахалыы таҥара үөрэҕин тарҕатыыга, оҕону тулуурдаах, көрсүө, сэмэй буолууга иитиигэ, үөрэтиигэ баайдар аан бастаан ылсыһыахтара, кыһаныахтара этэ. Үйэлэрин тухары күүскэ үлэлээн-хамсаан булуммут баайдарын-малларын эрэллээх, ыспат-тохпот, ыскайдаабат, элбэтэр, өссө хаҥатар кыахтаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга ордук улаханнык кыһаныахтара этэ.

Омук сайдарыгар, ахсааннара элбииригэр дьахталлар ылар оруоллара эмиэ улахан. Ыал олоҕо туруктаах буолуутуттан кинилэр элбэхтик төрүүллэрэ уонна оҕолорун киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга, көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрэ аймахтарга, омукка сайдыыны аҕалар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн оҕо тутаах кута, ийэ кута ийэтин иитиитинэн, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэриитинэн кыра эрдэҕиттэн үгэс буолан иҥэн өйө-санаата сайдыыта төрүттэнэр.

Олус былыргы кэмҥэ туттулла сылдьыбыт үгэстэри тутуһуу аныгы сайдыыны ситиһэн түргэнник уларыйан иһэр олоххо хаалан хаалыыны үөскэтэр. Тыл үөрэхтээхтэрэ 2 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр баар буолбут олоҥхолору үөрэтэннэр өйдөрө-санаалара хаалыы диэки салалынна уонна ол хаалыыларын сахаларга барыларыгар тарҕата сатыыллар.

Сахалар нууччалары кытта 400-чэ сыллар усталара кыттыһан, бииргэ олорон саха тылыгар сайдыыны аҕалбыт нуучча тылыттан элбэх тыллар киирэн сылдьаллар. Билигин сахалар олоххо ситиспит ситиһиилэригэр элбэх нуучча тыла киирбитэ туһата улахан.

Сайдыыны, үөрэҕи нууччалартан ылынан, нуучча тылын үөрэтиллэр. Нууччалыы билбэт буоллахха сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыы үөскүүр. Сайдыыны ситиһии бэлиэтинэн саха тылыгар нуучча тыллара, онтон кэлин арҕаа омук тыллара киирэн эбиллэн иһэллэр. Омук тылыгар саҥа тыллар эбии киириилэрэ сайдыыны ситиһиини дьон өйүгэр-санаатыгар тириэрдэллэр.

Нуучча тылын суох оҥоруу, бары тыллары сахалыы тылбаастааһын сахалары сайдыыны ситиһэллэрин бытаардар, олохтон, атын омуктар сайдыыларыттан хаалан хаалыыны үөскэтэр. Бу ситиспит таһымтан, ол аата нууччалартан ылынар билиини туһанан салгыы сайдары атахтыыр. Сайдыыны ситиһиини түргэтэтээри билигин оҕолорго английскай тылы үөрэтии туһата олус улахана биллэн иһэр.

Сахатыйыы, төһө да истэргэ үчүгэйин иһин олоххо халыйыыны үөскэтэн субу ситиспит таһымтан хаалан хаалыыны үөскэтэр кыахтанар. Туох баар киирии тыллары сахатыта сатааһын дорҕоонноро сөп түбэспэттэриттэн саҥа тыллары үөскэтэргэ тириэрдэрэ туһата суох, таах хаалар үлэни элбэтэр. Киирии тыллары хос тылбаастааһын үөскүүрэ сайдыы киириитин биллэрдик бытаардан түргэнник сайдан иһэр олохтон хаалан хаалыыга олук буолар.

Сахалар сайдыахтарын баҕараллар, олох бары көрүҥнэригэр сайдыыны ситиһэ сатыыллар. Өй-санаа сайдыытын ситиһэн иһии бэлиэтинэн саҥарар тылга сайдыылаах омуктар билиилэрэ, саҥа тыллар буолан киирэн эбиллэн иһэллэр. Үлэ-хамнас, үөрэх тылларын барыларын сахатытыы хайдах да кыаллыбат, ону тэҥэ үгүс саҥа тыллар дорҕоонноро сахалыыга сөп түбэспэттэр. Саха омук сайдарыгар аналлаах барылы туһаныы ирдэнэр. (1,48).

Төһө эмэ кэминэн дьон саҥаралларыгар тутталларынан киирии тыллар уларыйан сахалыы дорҕоонноох буолан бараллар. Тыл уларыйыытын ыксатымыахха, ыгымыахха. Бэйэлэрэ кэмигэр сыыйа уларыйыахтара. Билигин баар көлүөнэлэр өлөн, өйдөрө-санаалара айыы буолбутун кэнниттэн да сахалар баар буолуохтара. Оҕолорун, сиэннэрин сахалыы өйгө-санааҕа, үгэстэргэ, саҥарарга үөрэппит төрөппүттэр саха тыла сүтүө диэн санаарҕаабакка сылдьыахтарын сөп.

Саха омуга сайдыыны ситиһэр кыаҕа улахан. Сахалар атын омук тылынан саҥаралларыгар ханнык да хос акцена суох саҥарар кыахтаахтар. Саха дьонун күөмэйдэрин оҥоһуута аһара сайдыыны ситиһэр, хас да омук тылларынан ыраастык саҥарар кыаҕы биэрэр. Атын омуктарга холоотоххо айылҕа бу биэриитин толору туһанар кыахтаахтар.

Икки омук тылын баһылааһын сахалары сайдыыга тириэрдэр кыаҕа улахан. Икки омук тылын саппааһын эптэххэ өй-санаа элбииринэн саха дьонун өйдөрүн-санааларын сайыннарар, мэйии үлэтин күүһүрдэр, толкуйдуур кыаҕын улаатыннарар. Икки омук тылын билэр, холбуу туһана сылдьар дьон сайдыыны урутаан ситиһэр кыахтаналлар. (1,46).

Билигин сахалар сайдан иһиилэрэ биллэрдик түргэтээтэ. Биир тылы эрэ билэр нууччалары лаппа баһыйа сайдан Аан дойдуга биллэн эрэллэр. Былыргы төрүттэрбититтэн илдьэ кэлбит араас спорт көрүҥнэрин эбиннэххэ Россияҕа баһылыыр оруолу ылар кыахтаныахпытын сөп.

Сайдыыны ситиһиини таба туһаныллар. Эт-сиин 4 үйэ тухары нууччалардыын холбоһон билигин нууччалыы хааннаах дьон ордук элбэхтэр. Нууччалардыын холбоһон саха дьоно көрүҥнүүн тубустулар, ону бааһынайдар баһылаан иһэллэр. Өбүгэлэрбит билиилэриттэн туһанан ыал буолуу былыргы үгэстэрин олоххо киллэрдэххэ ахсаан лаппа эбиллэр, кэлэр көлүөнэлэр киһилии хаачыстыбалара тупсар.

Эт-сиин холбоһуута биир хааннаах дьону үөскэтэр буоллаҕына, өй-санаа холбоһуута бааһынайдары үөскэтэр. Икки омук тылын билэр бааһынайдар өйдөрүн, сатабылларын туһунан кэпсээннэр сахаларга элбэхтэр. Омугу бааһынайдар, эттэрэ-сииннэрэ хаан тупсарыытын барбыт, икки омук тылын, үөрэҕин холбуу туһанааччылар түргэнник сайыннараллар.

Өйү-санааны куруук дьарыктыахха, эрчийиэххэ. Өй-санаа сайдыытыгар икки омук тылын билии туһата олус улахан. Икки омук тылын, олоҕун үөрэҕин билии өйү-санааны, билиини сайыннарар, мэйиини дьарыктыыр.

Өй-санаа инники барыы диэки хайысхалаах, сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэр баҕа санаалары дьоҥҥо үөскэтэн биэрдэҕинэ омук сайдыыны ситиһэр кыахтанар. Омук ахсаана эбиллиитин көрсүө, сэмэй, үлэһит дьон үөскэтэлэриттэн сахалыы таҥара үөрэҕин туһата сыыйа-баайа биллэн иһэр.

Сэбиэскэй былааска государство бары үлэттэн-хамнастан, сир баайын атыылааһынтан киирбит баайын тэҥнээн, аналлаах хамнас сиэткэтигэр сөп түбэһиннэрэн үллэстэр этилэр.

Билигин бэлэми үллэстии, түҥэттии кэмэ ааһан, ким бэйэтэ үлэлээн-хамсаан, мунньунан олоҕун оҥостор ырыынак кэмэ кэлбитинэн көрсүө, сэмэй, сыыһа-халты туттубат, үлэни кыайа-хото үлэлиир дьон инники күөҥҥэ сыыйа-баайа тахсан иһиэхтэрэ.

Көрсүө диэн бэрээдэктээх, боччумнаах, болҕомтолоох, аһара барыылары оҥорботуттан сыыһа-халты туттубат киһи ааттанар.

Сэмэй киһи оҕотун бэрээдэккэ, сыыһа-халты туттубат, аһара барбат буолууга үөрэттэҕинэ, сиэннэрэ кини курдук туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааттаҕына, олоҕун устата быстах быһыыга киирэн биэрбэккэ, бу аймахтар ахсааннара эбиллэн, элбээн атыттары сабырыйан иһиилэрэ ситиһиллэр.

Сэмэн диэн аат сэмэй диэнтэн тахсыбыт. Сэмэн диэн ааттаах дьон сыыһа-халты туттубаттарынан биллэллэр. Сэмэйдэрэ атын дьоннордооҕор ордук элбэх, барыга-бары сэрэхтээхтик, харыстабыллаахтык дириҥник ырытан сыһыаннаһаллар.

Сэмэй киһи диэн сэрэхтээх, сыыһа-халты туттубат, аһара барбат, сиэри тутуһар киһи ааттанар. Көрсүө, сэмэй киһи үлэни-хамнаһы кыайар кыахтанар. Саха дьоно бары көрсүө, сэмэй буолуохтарын баҕараллар, сэмэй дьону хайгыыллар, оҕолорун көрсүө, сэмэй буолуҥ диэн этэн үөрэтэллэр.

Билигин Айылҕаҕа халлаан сылыйыытыттан улахан уларыйыылар тахсаннар дьон Айылҕаны харыстыыр, оннунан хаалларар санаалара ордук улаатта. Дьоҥҥо Айылҕаны харыстыыр санаа улаатыыта тугу барытын харыстыыр санааларын улаатыннарар. Бу үтүө, үчүгэй санаа дьоҥҥо барыларыгар тарҕанан “Харыстас” таҥараны үөскэттэҕинэ, олоххо киллэрдэҕинэ ордук күүһүрэр кыахтанар. Айылҕаны харыстааһын эрэ уһун үйэлиир кыахтаах.

Дьон бары атын-атын таҥараларынан тус-туспа арахсыспакка эйэлээх буолууларын Аан дойду үрдүнэн биир улахан таҥара баар буолара хааччыйар кыахтаах. Сахалар Күн таҥаралара бары атын киһи таҥаралартан үрдүктүк турарынан, Айылҕа сүрүн тутулуга буоларынан дьоҥҥо барыларыгар биир санааланыыны үөскэтэр кыахтаах.

Олоххо сайдыыны ситиһэргэ сайдыыны аҕалар баҕа санаалары иҥэринии, оннук үгэстэри үөскэтинии туһалыырын тэҥэ, көрсүө, сэмэй, үлэһит буолуу омук ахсаанын элбэтэр, үлэнэн кыайыылары ситиһэргэ тириэрдэр.

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]