Родионов Константин Константинович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сабырык (Родионов Константин Константинович)Мэҥэ-Хаҥалас биллиилээх кыраайы үөрэтээччитэ, Бүтэйдээх нэһилиэгин туһунан кинигэ ааптара, устуорук учуутал.

Олоҕун олуктара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1960 сыллаахха Чурапчы улууһун Хайахсытыгар төрөөбүтэ. Бүтэйдээх орто оскуолатын 1977 сыллаахха, СГУ историческай факультетын 1982 сыллаахха бүтэрбитэ. Оскуолаҕа устуоруйа учууталынан үлэлээбитэ. Билигин Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр духуобунас түмэлин комплексын үлэһитэ.
Сэттэ кинигэ ааптара.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна
  • РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ
  • Бүтэйдээх нэһилиэгин ытык олохтооҕо