Наара Суох

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Охлопков Петр Аммосович - Наара Суох (18581942) — Саха Сиригэр киэҥник биллибит олоҥхоһут, сэһэнньит. Суотту нэһилиэгиттэн төрүттээх. 1858 сыллаахха төрөөбүт.

Эдэригэр Бодойбонон, Булуҥунан, Дьааҥынан, Дьокуускайынан тэлэһийэн сылдьыбыт. Уонтан тахса олоҥхолоох. “Бэрт киһи Бэриэт Бэргэн” олоҥхото 1906 с. Дьокуускайга бирикээсчиктэр кулууптарыгар испэктээх быһыытынан оонньоммут. Ааптар ити туруорууга артыыс быһыытынан кыттыыны ылбыта. Норуокка кини туһунан киэҥник тарҕаммыт кэпсээннэргэ олоҕуран Кындыл Уйбаан “Наара Суох” кэмиэдьийэни суруйбута.

1942 сыллаахха өлбүт.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]