Дьааҥы (өрүс)
Тас көрүҥэ
| Дьааҥы өрүс | |
|---|---|
| Дьааҥы өрүс Кулар сиһи быһа охсор сирэ | |
| Ханна түһэрий | Лаптевтар байҕаллара, Дьааҥы хомото |
| Тардыытын дойдута | Арассыыйа, Саха сирэ |
| Уһуна | 1,490 km (Сартаҥ өрүһү кытары) |
| Орто түһэрэр уута | сөкүүндэҕэ 405 m³ (Баатаҕай) |
| Бассейнын иэнэ | 238,000 km² |
| ГВР | 18040100112117700006264 |
Дьааҥы өрүс. Саха сирин хоту диэкки баар өрүс. Уһуна 872 км. Дулҕалаах уонна Сартаҥ өрүстэр холбоһууларыттан ааҕыллар.
Сартаҥы эптэххэ 1490 км. буолар. Тардыытын иэнэ 238000 км². Ити өрүстэр бастара Верхоянскай сискэ бааллар.
Адыаччы өрүс төрдүттэн хочото кэҥиир. Аллараа сүүрээнигэр Кулар сиһи быһа охсор, элбэх таас харгыланар.
Ол кэнниттэн Дьааҥы - Индигиир намталынан устар. Дьааҥы хомоҕо түһүөн иннинэ киэҥ дельталаах (иэнэ 10200 км²).
Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри тоҥ. Аал сырыыта Верхоянскай куоракка дылы.
Ылыллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.