Дьадаҥы диэн буор кут ыарыыта

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьадаҥы диэн урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куһаҕан өйдөбүллээх тыл этэ, мөлтөх, кыаммат, өйө-санаата тиийбэт, аанньа ахтыллыбат дьону бэлиэтиирэ. Үлэни-хамнаһы кыайбаттар, сүрэҕэ суохтар, ыарыһахтар, бодоҥнор оччотооҕу, ырыынак олоҕун кэмигэр бары дьадаҥы буолар эбиттэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр баайа-мала суохтар баһылаан салайбыттарыттан дьадаҥы диэн тыл “үчүгэй” диэн сыыһа өйдөбүллэнэ сылдьыбыта. Бары салайааччылар, улаханныын кыралыын уонна суруйааччылар дьадаҥы өбүгэлэринэн киэн тутталлара, онон өҥнөллөрө, улахан уратыларын, “үчүгэйдэрин” курдук этинэллэрэ, дьадаҥы буолууга ыҥыраллара. Билигин да бу хаалбыт өй-санаа тарҕанан сылдьарын тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар була сатаан "айыы үөрэҕин" айбыттара уонна үлэһит сахалары барыларын албынныы сылдьаллара биллэрэр.

Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы бу тыл дириҥ, буор куттан тутулуктаах, өйгө-санааҕа дьайыылаах суолтатын булууга туһалаата. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, сатаан-табан хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэн таҕыста. Государство өттүттэн сиэрэ суох элбэх көмө баарын үрдүнэн үлэни-хамнаһы кыайан үлэлээбэттэн, ас-таҥас тиийбэтиттэн сэбиэскэй былаас эстибитин табатык өйдөөһүн эрэйиллэр. (1,50).

Дьон бары кэриэтэ үөрэҕи-билиини баһылыыр кыахтаахтарын иһин, үгүстэрэ күүстээх үлэни-хамнаһы кыайбаттар, доруобуйалара да мөлтөх. Үлэни-хамнаһы кыайбат, кыайа-хото хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин ырыынак кэмигэр билиннэ.

Дьадаҥы буолуохпутун бары баҕарбаппыт эрээри, үлэни-хамнаһы баһылыы сатаабаппыт. Бу баар биһиги сыыһабыт. Буор кут киһи хамсанарыттан сайдан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына эрэ, киһи сатаан, табан хамсана, сатаан үлэлии үөрэнэр. Былыргы кэпсээннэргэ ахтылларынан уус буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэрин таһынан өбүгэлэрэ эмиэ уустан төрүттээхтэрэ ирдэнэр көрдөбүлүнэн ааҕыллара. Өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут көмөлөстөҕүнэ эрэ улахан уус буолууну ситиһии кыаллара быһаарыллар.

Үлэҕэ-хамнаска оҕолорун үөрэппэт, үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатыыр төрөппүттэр оҕолоро дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии эрэ дьадаҥыттан үлэһиккэ, онтон баайга киһини кубулутар кыахтааҕын, билигин да арааран билбэккэ, туһаммакка сылдьабыт. Үрдүк да хамнас сорохтору баайга кыайан кубулуппат, төрүттэрин дьадаҥылара тардарынан ыһан, тоҕон, аһаан-сиэн, матайдаан туох эмэ баарын суох оҥорон иһэллэр.

Билигин баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы баарыттан, бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын арааран билии уонна олоххо быһаччы туһаныы ирдэнэр. Улахан баай дьон үчүгэй диэн санаалара дьадаҥылар үчүгэй санааларыттан букатын уратыланалларыттан, баайдар элбэх этиилэриттэн үлэһиттэр, дьадаҥылар бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ булан ылыныа этилэр. Бу быһаарыы билигин улаханнык байбыт депутаттары, салайааччылары талыыга киэҥник туһаныллыа этэ.

Баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар үлэһиттэр сылдьаллар. Арай үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайыы эрэ дьадаҥы буолартан быыһыыр кыахтааҕын туһаныы эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн истэр сымыйа, албын, аптаах остуоруйаларын дьайыыларыттан дьадаҥыттан соҕотохто байа-тайа охсорго баҕа санаа үөскүүр, бэлэми, ким эрэ аҕалан биэрэрин кэтэһэ сылдьарга үөрэнэр. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүтэр” диэн сахалар дьадаҥы киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыытын дириҥник быһааран эппиттэрин таба өйдөөн тутуспаттан уонна баар баайы-малы харыстаабаттан, ыскайдаан суох оҥоруу элбээтэ.

Буор кут диэн эти-сиини хамсатарга аналлаах, хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа мунньуллуута ааттанар. Буор кут мөлтөөтөҕүнэ киһи боростуой да хамсаныылары кыайан оҥорбот турукка киириэн сөп. Эт-сиин үгүс ыарыылара быччыҥнар кыайан хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Бу өй-санаа, буор кут ыарыыларын сахалар кыахтаах ойууннара эмтиир этилэр.

Үлэлиэн, хамсыан баҕарбат, сүрэҕэлдьиир, сытарын, сынньанарын, уһуннук утуйарын сөбүлүүр киһи олоҕор дьадаҥы буолара былыргыттан биллэр. Кини хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута ситэ сайдыбатаҕыттан хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйыырыттан үлэни-хамнаһы кыайбат кыахтанар.

Дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыыта, хамсаныыларга дьоҕурун сүтэриитэ ааттанар. Бу ыарыы ситэ сайдыбатах буор куту кытта көҥүлүнэн барбыт дьахталлар көмөлөрүнэн тарҕанан баран, тэнийэн кэлэр көлүөнэлэргэ барыларыгар бэриллэн иһэр, хас да көлүөнэлэр усталара күүстээх үлэттэн-хамнастан эрэ нэһиилэ көннөҕүнэ эрэ тупсуон сөп. Бу быһаарыы сахалар “Төрүт уус” диэн этиилэрэ хас да көлүөнэ уустары быһаарарынан бигэргэтиллэр.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан, арбаан, хайҕаан, киэҥник тарҕатан, билигин Россия дьоно бары, бу дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыытынан ыалдьалларыттан, хамсаныахтарын, үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан Россияҕа үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта букатын таҥнары түстэ. Бу, дьадаҥы буолуу ыарыыта Россия дьонугар тарҕаммыта маннык уларыйыылартан биллэр:

1. Ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолуута.

2. Баар баайы-малы ыһыы-тоҕуу дэлэйиитэ.

Аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтии, ону “үчүгэй” диэн өрө тутуу, хас да көлүөнэлэр усталара үөрэхтээх дьон буола сатааһын, буор куту дьадаҥы буолуу ыарыытыгар тириэрдэн кэбистэ. Үлэттэн кэлээт дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото сытара өссө эбиллэринэн хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута мөлтөөн, ыарыы буолан барар. Буор куттара мөлтөөбүт аймахтар кэлэр көлүөнэлэрэ дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Куорат мааны үөрэхтээхтэрин оҕолоро илии үлэтигэр чахчы мөлтөхтөр.

Дьадаҥыттан дьадаҥылар төрүүллэр. Былыргы ыал буолуу үгэстэрин туһаммакка хаалларан кэбиһииттэн Россия дьоно барылара дьадаҥылар буор куттарынан сутуллан хааллылар.

Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһоонун хас биирдии үлэһит, кэлэр көлүөнэлэрэ сайдыахтарын баҕарар киһи билэн олоҕор туһаныа этэ. Бу өс хоһооно сайдыылаах, үлэһит буор кут дьадаҥыны кытта холбостоҕуна күүһүн сүтэрэрин, хааларын биллэрэр.

Баар баайы-малы ыскайдаан бүтэрии дьадаҥы буолуу сүрүн бэлиэтэ буолар. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн этии умнаһыкка төһөнү да биэрдэххэ син-биир суох оҥоруо, күдэҥҥэ кубулутан тыалга көтүтүө диэн өйдөтөрүн таба өйдүөхпүт этэ. Умнаһыты аан маҥнай үлэлэтэн, харыстыырга үөрэтэн баран ону-маны биэриэххэ сөп буолар.

“Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этии буор кут сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Олох ыараатаҕына киһи элбэхтик хамсанара, үлэлиирэ эбиллэринэн буор кутун эрчийэрэ улаатарыттан сайдыыны ситиһэрэ эбиллэр.

“Сүрэҕэ суох буолума, дьадаҥы буолуоҥ” диэн этии оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсанан, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, буор кутун эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэн буор кута сайдар кыахтанар.

Үлэни үлэлээһин хамсаныылара барылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллалларынан күрэхтэһии хамсаныыларыттан быдан атыннар. Аҥардастыы күрэхтэһиилэр, спорт буор куту эрчийиилэрэ кэлтэйдии баран хаалыахтарын сөп. Күүһүн элбэхтик дьарыктаабыт спортсмен тарбаҕын төбөтүнэн тутан тугу эмэ оҥороро улахан эрэйи үөскэтиэн, букатын да кыаллымыан сөп.

Үлэ, үлэлии үөрэнии эрэ киһи буор кутун нэмин билэн дьарыктаан, үөрүйэх оҥорон киһини киһи буолууга тириэрдэр кыахтааҕа быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаран үөрэтии эрэ дьадаҥы буолууттан харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр билэн, оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри ийэ кутугар иҥэринэрин ситиһиэ этилэр. (2,66).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2020. -116 с.