Дьадаҥы диэн үлэни кыайбат буолуу ааттанар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьадаҥы диэн былыр ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ куһаҕан өйдөбүллээх тыл этэ, мөлтөх, кыаммат, өйө-санаата тиийбэт, аанньа ахтыллыбат дьону бэлиэтиирэ. Үлэни-хамнаһы кыайбаттар, сүрэҕэ суохтар, ыарыһахтар, бодоҥнор оччотооҕу, ырыынак олоҕун кэмигэр бары дьадаҥы буолар эбиттэр.

Дьадаҥылар салайар былааһы күүстэринэн ылбыттарын сахалар бары кэриэтэ сөбүлээбэккэлэр кыахтара баарынан утарылаһан, сэриилэһэн кыаттарын баран билиммиттэрэ.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр баайа-мала суохтар баһылаан салайан олорбуттарыттан дьадаҥы диэн тыл “үчүгэй” диэн өйдөбүллэнэ сылдьыбыта. Бары салайааччылар, улаханныын-кыралыын уонна  суруйааччылар дьадаҥы өбүгэлэринэн киэн тутталлара, онон өҥнөллөрө, улахан уратыларын курдук этинэллэрэ.

Өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин сайыннарыы бу тыл дириҥ, буор куттан тутулуктаах өйгө-санааҕа дьайыылаах суолтатын булууга туһалаата. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлээбэт, сатаан-табан хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэн таҕыста. Ол курдук государство өттүттэн сиэрэ суох элбэх көмө баарын үрдүнэн үлэни-хамнаһы кыайан үлэлээбэттэн, ас-таҥас тиийбэтиттэн сэбиэскэй былаас эстибитин табатык өйдүө этибит.

Дьа диэн өй-санаа баарын биллэрэр тыл.

Даҥ диэн дьиэ үрдүгэр таах сытар буор ааттанар.

Дьа уонна даҥ диэн тыллар дьадаҥы диэн тылы үөскэппиттэр. Кут-сүр үөрэҕэ этэринэн бу тыл киһи буор кута төһө сайдыылааҕын, хамсаныылары хайдах оҥорор кыаҕын биллэрэр.

Дьон бары кэриэтэ үөрэҕи-билиини баһылыыр кыахтаахтарын иһин, үгүстэрэ күүстээх үлэни-хамнаһы кыайбаттар, доруобуйалара да мөлтөх. Үлэни-хамнаһы кыайбат, кыайа-хото хамсаммат, сүрэҕэ суох киһи дьадаҥы буолара билигин биллэр буолла.

Дьадаҥы буолуохпутун бары баҕарбаппыт эрээри, үлэни-хамнаһы баһылыы сатаабаппыт. Бу баар биһиги сыыһабыт. Буор кут киһи хамсанарыттан сайдан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына эрэ киһи сатаан, табан хамсана үөрэнэр. Былыргы кэпсээннэргэ ахтылларынан уус буолууга киһи олус өр кэмҥэ үөрэнэрин таһынан өбүгэлэрэ эмиэ уус буолаллара ирдэнэр көрдөбүлүнэн ааҕыллара. Ол аата өбүгэлэртэн бэриллэр буор кут көмөлөстөҕүнэ эрэ, улахан уус буолууну ситиһии кыаллар эбит.

Үлэҕэ-хамнаска оҕолорун үөрэппэт, үөрэҕи эрэ эккирэтиннэрэ сатыыр төрөппүттэр оҕолоро дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Кыра эрдэхтэн үлэлии үөрэнии эрэ дьадаҥыттан үлэһиккэ, онтон баайга киһини кубулутар кыахтааҕын билигин да арааран билбэккэ, туһаммакка сылдьабыт. Ол курдук үрдүк да хамнас сорохтору баайга кыайан кубулуппат, төрүттэрин дьадаҥылара тардарынан ыһан, тоҕон, аһаан-сиэн, матайдаан туох эмэ баарын суох оҥорон иһэллэр.

Билигин баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы баарыттан бу дьон өйдөрүн-санааларын уратыларын арааран билии уонна олоххо быһаччы туһаныы ирдэнэр. Ол курдук улахан баай дьон үчүгэй диэн санаалара дьадаҥылар санааларыттан букатын уратыларыттан, баайдар элбэх этиилэриттэн үлэһиттэр, дьадаҥылар бэйэлэригэр туһалааҕын эрэ булан ылыныа этилэр. Бу быһаарыы билигин улаханнык байбыт депутаттары, салайааччылары талыыга киэҥник туһаныллыа этэ.   

Баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар үлэһиттэр сылдьаллар. Арай үлэһит, үлэни-хамнаһы кыайыы эрэ дьадаҥы буолартан быыһыыр кыахтааҕын умнубатахпытына табыллабыт. Кыра эрдэхпитинэ кэпсиир сымыйа, албын, аптаах остуоруйалар дьайыыларыттан дьадаҥыттан соҕотохто байа-тайа охсуохпутун баҕарабыт, бэлэми, ким эрэ аҕалан биэрэрин кэтэһэ сылдьабыт. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүтэр” диэн сахалар дьадаҥы киһи өйүн-санаатын, оҥорор быһыытын дириҥник быһааран эппиттэрин таба өйдөөн тутуспаппытыттан уонна баар баайы-малы харыстаабап-пытыттан ыскайдаан суох оҥоробут.

Буор кут диэн эти-сиини хамсатыыга аналлаах, хас биирдии быччыҥҥа иҥэн сылдьар өй-санаа мунньуллуута ааттанар. Буор кут мөлтөөтөҕүнэ киһи боростуой да хамсаныылары кыайан оҥорбот турукка киирэр. Эт-сиин үгүс ыарыылара быччыҥнар кыайан хамсаабаттарыттан тутулуктаахтар. Бу өй-санаа, буор кут ыарыыларын сахалар ойууннара кыайа-хото эмтиир этилэр.

Үлэлиэн, хамсыан баҕарбат, сүрэҕэлдьиир, сытарын, сынньанарын, уһуннук утуйарын сөбүлүүр киһи олоҕор дьадаҥы буолара былыргыттан биллэр. Кини хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута ситэ сайдыбатаҕыттан хамсаныылары оҥорор кыаҕа аҕыйыырыттан үлэни-хамнаһы кыайбат кыахтанар.

Дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыыта, хамсаныыларга дьоҕурун сүтэриитэ ааттанар. Бу ыарыы ситэ сайдыбытах буор куту кытта тарҕанан баран, тэнийэн кэлэр көлүөнэлэргэ барыларыгар бэриллэн иһэр. Бу ыарыы хас да көлүөнэлэр усталара күүстээх үлэттэн-хамнастан эрэ нэһиилэ көнүөн сөп. Бу быһаарыы сахалар “Төрүт уус” диэн уус буолуу улахан үлэлээҕин уонна кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэрин биллэрэр этиилэринэн бигэргэтиллэр.

Сэбиэскэй былаас дьадаҥылары өрө тутан, арбаан, хайҕаан, киэҥник тарҕатан билигин Россия дьоно бары, бу дьадаҥы диэн өй-санаа, буор кут ыарыытынан ыалдьалларыттан, үлэлиэхтэрин баҕарбаттарыттан Россияҕа үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта букатын таҥнары түстэ. Бу ыарыыттан тутулуктаах уларыйыылар Россия дьонугар бааллара билиннэ:

1. Ханнык да үлэни үлэлээһин кыаттарбат буолуута.

2. Баар баайы-малы ыһыы-тоҕуу дэлэйиитэ.

Аҥардастыы үөрэҕи эрэ эккирэтии, ону үчүгэй диэн өрө тутуу хас да көлүөнэлэр усталара үөрэхтээх дьон буола сатааһын буор куту дьадаҥы буолуу ыарыытыгар тириэрдэр. Ол курдук үлэттэн кэлээт дьыбааҥҥа сытар киһи оҕото сытара өссө эбиллэринэн хамсаныылары оҥорорго аналлаах буор кута мөлтөөн, ыарыы буолан барар. Үөрэҕи эрэ аҥардастыы эккирэтэн буор куттара мөлтөөбүт аймахтар кэлэр көлүөнэлэрэ дьадаҥы буолар дьылҕаланаллар. Ол курдук куорат мааны үөрэхтээхтэрин оҕолоро илии үлэтигэр чахчы мөлтөхтөрө биллэр.

“Баай дьадаҥыны уруурҕаабат” диэн өс хоһоонун хас биирдии үлэһит, кэлэр көлүөнэлэрэ сайдыахтарын баҕарар киһи билэн олоҕор туһаныа этэ. Бу өс хоһооно сайдыылаах, үлэһит буор кут дьадаҥыны кытта холбостоҕуна күүһүн сүтэрэрин, хааларын биллэрэр.

Баар баайы-малы ыскайдаан бүтэрии дьадаҥы буолуу сүрүн бэлиэтэ буолар. “Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүт” диэн этии умнаһыкка төһөнү да биэрдэххэ син-биир суох оҥоруо, күдэҥҥэ кубулутан тыалга көтүтүө диэн өйдөтөрүн таба өйдүөхпүт этэ. Ол аата умнаһыты аан маҥнай үлэлэтэн, харыстыырга үөрэтэн баран ону-маны биэриэххэ сөп буолар.

“Олох ыараатаҕына омук күүһүрэр” диэн этии буор кут сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол курдук олох ыараатаҕына киһи элбэхтик хамсанара, үлэлиирэ эбиллэринэн буор кутун эрчийэрэ улаатарыттан сайдыыны ситиһэрэ эбиллэр.

“Сүрэҕэ суох буолума, дьадаҥы буолуоҥ” диэн этии оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн элбэхтик хамсанан, туһа киһитэ буолан үлэлии үөрэннэҕинэ, буор кутун эрчийдэҕинэ, дьарыктаатаҕына үчүгэй үөрүйэхтэри үөскэтинэн буор кута сайдар кыахтанар.

Үлэни үлэлээһин хамсаныылара барылара нэмин билэн, сэрэхтээхтик оҥоруллалларынан күрэхтэһии хамсаныыларыттан быдан атыннар. Ол иһин аҥардастыы күрэхтэһиилэр, спорт буор куту эрчийиилэрэ кэлтэйдии баран хаалыахтарын сөп. Ол курдук күүһүн элбэхтик дьарыктаабыт спортсмен тарбаҕын төбөтүнэн тутан тугу эмэ оҥороро улахан эрэйи үөскэтиэн, букатын да кыаллымыан сөп.

Онон үлэ, үлэлии үөрэнии эрэ киһи буор кутун нэмин билэн дьарыктаан, үөрүйэх оҥорон киһини киһи буолууга тириэрдэр кыахтааҕа быһаарыллар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска сыһыаран үөрэтии эрэ дьадаҥы буолууттан харыстыыр кыахтааҕын төрөппүттэр билэн оҕо кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ буолан үлэлиир үгэстэри иҥэринэрин ситиһиэ этилэр. (1,120).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.