Odyssey Dawn байыаннай эпэрээссийэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Operation Odyssey Dawn («Одиссея саҕаланыыта» эбэтэр «Одиссей. Саҕаланыы») — АХШ сэбилэниилээх күүстэрэ Лиибийэҕэ тэрийэн ыыппыт байыаннай эпэрээссийэлэрэ. 1973 сыллааҕы ХНТ Совбеһын резолюциятыгар олоҕурбута. Ол резолюцияҕа эйэлээх олохтоохтору көмүскүүр миэрэлэри, ол иһигэр сэбилэниилээх күүстэри туһанан (оккупациялаабакка эрэ), ылар туһунан суруллар.

Ыытыллыбыт кэмэ — 2011 сыл кулун тутар 19 күнүттэн 31 күнүгэр диэри. Буолбут сирэ: Лиибийэ. Түмүгэ: НАТО сэриилэрэ толору кыайыыны ситиспиттэр. Лиибийэ ВВС уонна ПВО сэриилэрэ олоччу кэриэтэ суох оҥоһуллубуттар.


Сэрии[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэрии кулун тутар 19 күнүгэр 2011 сыллаахха саҕаламмыта. Сэриини Франция саҕалаабыта. Лэбийэ байыаннайдара Французстар көтөр аалларын охторбуттара. Ону Французстары көмүскэһэн АХШ уонна Англия Лэбийэҕэ сэриини биллэрэллэр. АХШ үтүктэн Канаада Лэбийэҕэ сэриини биллэрэллэр. Кэнники Бельгия, Недерланд, Норвегия, Дания эмиэ Лэбийэҕэ сэриини биллэрэллэр. Италия уонна Германия Францияҕа көмө оҥороллор.

Кулун тутар 31 күнүгэр НАТО «Сойуустаах көмүскээччи» эпэрээссийэтэ саҕаламмытынан сибээстээн тохтообута.