Өй-санаа сайдыыта

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Өй-санаа сайдыыта аһара баран айылҕа сүрүн тутулуктарын хамсаппата эрэйиллэр.

Итэҕэл, өй-санаа үөрэҕинэн дьарыктанааччылар дьон өйө-санаата уһун үйэлэргэ сайдан кэлбит суолун билэллэрэ, уларыйыылар киирбиттэрин таба өйдүүллэрэ эрэйиллэр. Өр сылларга сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро сатаабыта Россия олохтоохторун өйдөрүн-санааларын үлтү буккуйан, билигин саҥалыы урукку, умнулла сыспыт өй-санаа, сахалыы таҥара үөрэҕэр үөрэнии саҕаланна. Киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны билигин, саҥа баһылаан үөрэниллэр, киһи таҥараны өссө итэҕэйэн, олоххо улахан туһалааҕын билинэн оҕолору иитиигэ туһаналлар.

Олус былыргы кэмнэргэ киһи өйө-санаата ситэ сайда илигинэ сири-дойдуну икки аҥы, бу дойду, ол дойду диэн араараллара саха тылыгар иҥэн сылдьар. Дьон бэйэлэрэ олорор сирдэрин бу дойду, онтон түүлгэ көстөр эбэтэр өй-санаа уларыйар кэмигэр көрөр дойдуларын, ол эбэтэр анараа дойду диэн ааттыыллара. Бу икки аҥы, тус-туспа дойдуларга арахсыы былыргы христианнар икки тарбахтарын холбуу тутан үҥэ сылдьыбыттарынан бигэргэтиллэр.

Ол хаалыылаах кэмҥэ дьон бэйэлэрэ эмиэ икки аҥы арахсыылара айыы уонна абааһы диэн боростуойдук быһаарыллара. Оччолорго айыы дьоно диэн бэйэ дьонун, онтон атын дьону барыларын абааһылар, адьарайдар диэн үөҕэн ааттыыллара. Олус былыргы кэмнэргэ дьон ахсааннара аҕыйах эрдэҕинэ бэйэ-бэйэлэрин бултаһаллара, тутан ылан сиэһэллэрэ, хас биирдии атын киһи абааһы көрүүгэ киирсэрэ, көрсүстэххэ өлөрсүү, өһөрсүү буолара. Ол иһин атын киһини итинник куһаҕаннык этэллэрэ.

Оччотооҕу, олоҥхо кэмигэр бэйэлэрин айыы дьоно диэн ааттанар эрдэхтэринэ куһаҕан, атын дьону туспа, үөхсэр тылынан ааттааһын, үөҕүү, өстөөхтөрү быһаарыы, булуу судургу буолара. Бары атын дьон абааһыларга, адьарайдарга киирсэллэрэ, өлөрүүгэ-өһөрүүгэ аналланаллара. Бу дьон өйдөрө-санаалара ситэ сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран «Туох барыта үһүстээх» диэн өйдөбүлгэ өссө тиийэ иликтэринэ итинник, дьону икки аҥы эрэ араараллара.

Дьон өйө-санаата салгыы сайдан истэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан дьон диэн арахсыы бэйэ, айыы дьонун истэригэр баалларын быһаараннар дьон өссө икки аҥы арахсыбыттара; үчүгэй уонна куһаҕан дьон диэн баар буолбуттара. Маннык арахсыы үөскээн кэлэрин оччотооҕу, хаалыылаах кэмҥэ өссө да билбэттэр этэ. Айыы уонна абааһы диэн дьон арахсыылара өй-санаа ситэ сайда илигинэ баара.

Өй-санаа үөрэҕэ сайдыыта икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр киһи өйө-санаата оҥорор быһыыларыттан көрөн үчүгэй уонна куһаҕан диэн тус-туспа арахсарын быһааран үчүгэй киһи таҥараны Христоһу үөскэппиттэрэ. Үчүгэй киһи, Христос таҥараны үтүктэн дьон үчүгэй быһыылары оҥороллоро элбээбитэ.

Уһун үйэлэргэ дьон өйө-санаата сайдан иһиитэ киһи ханнык санаалааҕыттан тутулуктанан үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун, санаа киһиэхэ оҥорор дьайыылара икки аҥы арахсалларын быһаарыы кыаллыбыта. Киһи бэйэтин өйө-санаата тус-туспалара, икки аҥы араарыллыыта арыллыбыта, санаа киһини салайар кыаҕа быһаарыллан тахсыбыта, үчүгэйи оҥоруу элбээтэҕинэ олох иннин, сайдыы диэки салаллара биллибитэ, дьон үчүгэй санаалара мунньустубут таҥарата – Христос таҥара үөскээн үгүс дьоҥҥо тарҕаммыта.

Киһи санаата икки аҥы арахсан, тус-туспа хайысхалаахтара быһаарыллыбытын кэнниттэн оҥорор быһыылара, бу икки хайысха икки ардынан, ортотунан көрөн бардаҕына эрэ, киһи оҥорор быһыылара аһара барбаккалар, киһилии буолар кыахтаналларын быһааран дьон өйүгэр санаатыгар үс; Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулар уонна “Туох барыта үһүстээх” диэн этии үөскээбитэ. Бу быһаарыы олоххо киириитэ христианнар үс тарбахтарын холбуу тутан үҥүүлэринэн бигэргэтиллибитэ уонна икки тарбахтарынан тутан үҥээччилэри туоратыынан түмүктэммитэ.

Билигин “айыы үчүгэй” диэн этээччилэр олус былыргы олоҥхо кэмин саҕанааҕы хаалбыт, ситэ сайда илик өйү-санааны тарҕатааччылар буолаллар. Кинилэр дьону олус былыргылыы икки аҥы; айыы уонна абааһы диэн араараллара сайдан иһэр өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ ситиспит ситиһиилэригэр сөп түбэспэт, онно сайдыытын таһымынан тиийбэт. Айыы диэн тыл бэйэтэ икки аҥы, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу диэн арахсарын, икки тус-туспа, утарыта өйдөбүллээҕин, бу дьоммут өссө да арааран быһаара иликтэр.

Сайдан иһэр олохтон хаалбыт, олус былыргы өйү-санааны тутуһуу өй-санаа халыйыытын, хаалыытын үөскэтэр. Аһара баран былыргы диэки халыйыы сайдыы буолбатах, олохтон хаалан хаалыы, кэннигэ тэбиллии буолар.

Дьон өйө-санаата өссө сайдыыта «Туох барыта үһүстээх» диэн этии чахчы табатын дакаастыыр. Бу быһаарыыга олоҕуран олорор сири-дойдуну үс аҥы араарыы киһи өйө-санаата арахсыытыгар билигин даҕаны сөп түбэһэр. Үчүгэй киһи таҥара, Христос баар буолбута икки тыһыынча сыллартан ордон эрэр эрээри, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар өй-санаа ити уларыйыыларын билигин да арааран билэ иликтэр.

Сахалар өй-санаа тус-туспа арахсыыларын быһаарар дойдулары Үөһээ, Аллараа уонна Орто дойдулар диэн хаһан ааттаабыттара өссө биллибэт ыраах, бу дойдулар ааттара олоҥхоҕо баалларыттан олус былыргы кэмнэргэ буолбутугар сөп. Үөһээ дойдуга үчүгэй санаалар мунньустар буоллахтарына, куһаҕан санаалары туспа арааран Аллараа дойдуга мунньа сатааһын куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар, ол аата үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдиигэ аналлаах. Дьон бэйэлэрэ айыы да, абааһы да буолбатахтарын билинэн, Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар, Орто дойдуга олохсуйан олоробут диэн этинэллэрэ өй-санаа үөрэҕин билэллэрин, олохторугар туһаналларын биллэрэр.

Сир уонна Күн төрүт тутулуктара олус күүстээх тэҥнэһиигэ олоҕуран тутуллан тураллар уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэллэр. Айылҕа маннык икки өттүттэн тутулуктааҕа хайа да өттүгэр аһара барыы халыйыыны үөскэтэринэн, олоххо табыллыбат, саҥаны айыыны оҥоро сатааһыны туһата суох оҥорор. Хаһан эрэ үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйан биэриитэ син-биир кэлиэхтээх эбэтэр төттөрү буолан, куһаҕан үчүгэйгэ уларыйыахтаах. Элбэх уларыйыылартан тэҥнэһиини тутуспут өрүт ордон тахсан сайдыыны ситиһэр кыахтанарын сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар “Туох барыта ортотунан буолуохтаах” диэн этэллэр. (1,16).

Дьон өйдөөх-санаалаах буоланнар үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйарын уһатан, хойутатан биэрэр эрэ кыахтаахтарын билиниэхтэрэ этэ. Хайа да өттүгэр аһара барыылары, айыыны оҥорбокко олороллоро эбитэ буоллар үйэлэрэ балачча уһуо этэ диэн быһаарыы таба буолар. Сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ Сир уонна Күн тэҥнэһиигэ тутуллан туралларын хамсаппакка, оннугар туруорарга туһалыыр аналлаах, олус улахан суолталаах этии буолар. Бу этиини хас киһи барыта тутуһа сылдьара буоллар Сиргэ олох уларыйбакка эрэ уһуннук туруо этэ.

Сайдыыны аһара түргэнник ситиһии эстиини, быстыыны эрдэлээн аҕалар кыахтааҕын “айыыны оҥорон ис” диир дьон өссө да билэ иликтэр. Саҥаттан саҥаны арыйан, айыыны оҥоро охсон, сир баайын булан, тоҕо хаһан хостооһунтан, сотору ол саппаастар бүтэллэрин ахсааны үөрэппит дьон билэллэр.

Сахалар киһи буолуу, таҥара үөрэҕин оннугар түһэрэн, оҕолору кыра эрдэхтэринэ көрсүө, сэмэй буолууга иитиини, үөрэтиини кытаатыннаран, чиҥэтэн биэрдэхтэринэ эрэ сайдыыны, омук ахсаана эбиллиитин ситиһэр кыахтаахтар. Оҕолору иитиини бас-баттах ыытыы, көҥүлүнэн барбыт дьону үксэтэн, быстах быһыылары оҥорууларын элбэтэринэн омугу эстиигэ тириэрдэр. (2,140).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. "Туймаада" хаһыат. №131. 13.12.2012.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2017. - 156 с.