Планк Макс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Планк Макс

Төрөөбүтэ Муус устар 23 1858(1858-04-23)
Киль, Хольстейн
Өлбүтэ Алтынньы 4 1947 (сааhыгар 89)
Гөттиҥен, Германия
Nationality Германия Германия
Эйгэлэрэ физика
Үлэлээбит сирдэрэ Киль университета
Берлин Гумбольдт университета
Гөттиҥен университета
Кайзер Вильгельм Гессельшафт
Үөрэммит сирэ Людвиг Максимиллиан аатынан Мюнхен университета
Доктор буолуутугар салайааччыта Александр фон Бриль
Doctoral students Густав Людвиг Герц
Эрик Кретшманн
Валтер Майшнер
Вальтер Шоттки
Макс фон Лай
[Макс Абрахам]]
Моритц Шлик
Вальтер Бот
Юлиус Эдгар Лиленфельд
Үлэлэрэ Планк константата
Планк постулата
Хара эттик радиациятын Планк сокуона
Суолталаах бэлэхтэрэ физикаҕа Нобель бириэмийэтэ (1918)
Итэҕэлэ лютеранин[1]
Илии баттааhына
Планк Макс's signature
Notes
Ону тэҥэ Эрвин Планк аҕата - кинини Гестапо 1945 өлөрбүтэ, тоҕо диэн Гитлеры өлөрүөн баҕарар тэрилтэҕэ баара.

Планк Макс Карл Эрнст Людвиг (муус устар 23, 1858 Кильалтынньы 4, 1947, Гөттиҥен) — Германияттан сылдьар физик. Кини квантовай механиканы арыйбыта уонна ол иһин Нобель бирииһин ылбыта.

Олоҕо[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Планк эргэ, интеллигентнай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Кини хос эһэтэ Гөттиҥен университетын теологиятын профессора этэ, аҕата Киль университетыгар юриспруденция профессора этэ, тас убайа судьуйанан үлэлиирэ.

10 саастааҕар илии баттааһына.

Планк Кильга Дьулиус Вильгельм Планк уонна кини иккис кэргэнигэр Эмма Патцик дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Сүрэхтииллэргигэр Маркс диэн ааттаммыта, ол гынан баран кылгатан Макс диэни туттар этэ.[2] Ол гынан баран, 10 саастааҕар аатын уларыппыта уонна олоҕун бүтэриэр дылы Макс буолан сылдьыбыта.[3]

Дьиэ кэргэҥҥэ алтыс оҕо этэ, ол гынан баран бастакы икки оҕо ийэтин бастакы кэргэниттэн этилэр. Бастакы өйдүүрүттэн кинни Пруссия уонна Австрия армията Киль куоракка киириилэрин өйдүүр эт. 1867 сыллаахха Мюнхеҥҥа көспүттэр, уонна Планк гимназияҕа киирбит, онно кини учууталын Херманн Мюллеры көрсүбүт, ол учуутал эдэр оҕону астрономияҕа уонна механикаҕа уонна бэйэтин предметын - математиканы үөрэппит. Мюллертан энергия хаалар бастакы сокуонун киниттэн үөрэппит. Планк эрдэ, 17 саастааҕар оскуоланы бүтэрбит. [4]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. The dilemmas of an upright man: Max Planck and the fortunes of German science. J. L. Heilbron. Harvard University Press, 2000. ISBN 0674004396. p.183.
  2. Christoph Seidler, Gestatten, Marx Planck, Spiegel Online, 24 April 2008. [1]
  3. Press release Архыыптаммыт 2009, Алтынньы 18 күнүгэр. of the Max Planck Society about Max Planck's name.
  4. Encyclopædia Britannica: Max Planck