Павлов (Сунтаров) Василий Иннокентьевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Павлов (Сунтаров) Василий Иннокентьевич — гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл.

1900 сыллаахха Ньурба улууһугар Токос нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт үрүҥнэри урусхаллааһыҥҥа уонна Бүлүү куоратын оборонатыгар кыттыбыта. 1922 сыллаахха Үөдүгэй улууһугар саһа сылдьар 28 киһилээх Говоров этэрээтин бэриннэриигэ кыттыыны ылбыта. 1961 сыллаахтан персональнай пенсионер. Үөһээ Бүлүүгэ охрана тэрилтэтигэр үлэлээбит[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Үөһээ Бүлүү 1917—1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968