Күөрчэх ытыйыы, оонньуу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күөрчэх ытыйыы - былыргы саха оҕолорун оонньуута.

Халыҥ тымтыгы төгүрүччү кыһаллар. Ортотунан курдаттыы үүттүүллэр. Үүккэ ытыйарга (эргитэргэ) сөптөөх тутаах угаллар. Тутаах аллараа өттүн чочулаан кыһаллар. Оонньооччулар күөрчэхтэрин угун икки ытыстарын тилэҕэр кыбытан баран, бары ытыйаллар уонна остуол үрдүгэр тэҥҥэ ыһыктан кэбиһэллэр. Күөрчэх атаҕар тура түһээт, эргийбитинэн барар. Ким күөрчэҕэ уһуннук эргийбит ол кыайар.

Өссө көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]