Бикипиэдьийэ:Сирдьит/Киһи/Иһинээҕитэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
5. Иһинээҕитэ
6. Түмүгэ
Ааптар бырааба
Важно!
Важно!
Атын сиртэн тиэкиһи сүһэн ылыма. Бу быраабылаттан кыра туорааһыннар бааллар[1][2]: аҕыйах тыл, сытаата быһыытынан суруллубут буоллаҕына, — барсар.

Ыстатыйаҥ ааптар быраабын күөмчүлүө суохтаах.

Атын ситим-сиртэн тиэкиһин сүһэн ылыма, оннук сүһэн ылыы сытаата эрэ быһыытынан, сөпкө суруллуохтаах. Ааптар быраабын күөмчүлүүр ыстатыйалар хайаан да сотуллуохтара[1]. Ыстатыйаны Бэйэҥ уонна Бэйэҥ тылгынан суруй[2]. Тиэкиһиҥ ситэтэ суох буолуон сөп — кэлин да көннөрүөххэ, тупсарыахха сөп. Ойууну киллэрэргэ эмиэ ааптар быраабын тутуһары умнума[3].

Суолтата ырылыччы көстүөхтээх.

Ааспыт хаамыыга эбийиэк суолта өттүнэн ханнык киритиэрийгэ хоруйдуохтааҕа ырытыллыбыта. Ааҕааччы, ыстатыйаны ааҕан баран, эбийиэк суолтатын чахчы өйдүө дуо?

Ыстатыйаҥ кытыга суох сыһыаннаах суруллубут буолуохтаах.

Бикипиэдьийэ ыстатыйалара кытыга суох сыһыан ирдэбилигэр хоруйдуохтаахтар, ол аата, ааптар бэйэтэ ким да диэки буоларын ыстатыйаҕа көрдөрүө суохтаах. Чахчылары эрэ суруй — бэйэ тус санаатын суруйар оннугар ханна эрэ бэчээттэммит атын киһи санаатын киллэриэххэ сөп. Болҕомтоҕо ылыллыан сөптөөх утарыта санаалары барытын тэҥҥэ тутан суруйар ордук. Эбийиэги аҥаар кырыытыттан кириитикэлиир эрэ ыстатыйа сотуллуон сөп, оттон аҥаар өттүттэн хайгыыр ыстатыйа бүүс-бүтүннүү хат суруллуон сөп.


Ыстатыйаҥ ити ирдэбиллэргэ хоруйдуур дуо?

Быһаарыылар
  1. 1,0 1,1 Сорох сиртэн тиэкиһин куопуйалыыр көҥүллэнэр, — өскөтө тиэкис бар дьон бас билиитигэр киирбит буоллаҕына эбэтэр Бикипиэдьийэ лиссиэнсийэтигэр майгынныыр лиссиэнсийэлээх буоллаҕына (бу түгэҥҥэ ону сөпкө көрдөрүллүөхтээх).
  2. 2,0 2,1 Өскөтө урут бэчээттэммити бас билэр буоллаххына эбэтэр туһанар бырааптаах буоллаххына, көҥүл тургутуллубут буолуохтаах.
  3. Ойуулары туһанар үчүгэй, ол эрээри бэйэҥ оҥорботох ойууларгын туһаныы ааптар быраабын күөмчүлүөн сөп. Сөп түбэһэр ойууну Бикипиэдьийэҕэ бэйэтигэр эбэтэр Биики Ыскылаакка көрдөөн көрүөххүн сөп.