Бикипиэдьийэ:Сирдьит/Бэлэмэ суох

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Суолта

Туох эрэ эбэтэр ким эрэ туһунан бэчээккэ элбэхтэ суруллубут буоллаҕына, ол кини суолталааҕын туоһулуон сөп.

Бикипиэдьийэ:Суолта

Сирдьити туһаммыккар махтанабыт!

Баҕар ыстатыйаҥ ситэ илик буолан, эбии тупсарыллыахтааҕа буолуо. Хаһан эмит саҥа ыстатыйаны суруйуоххун баҕардаххына, бука диэн, бу сирдьити туһанаар. Ону таһынан баар ыстатыйалары тупсарыаххын сөп.

Төрүт (источник) маннык буолуохтаах
  1. аптарытыаттаах
  2. тутулуга суох
  3. тургутуллар

Төрүт (источник) — барытын (үксүгэр) быһаарар

Ыстатыйаҕар суолталааҕы суруйбут буолуоххун сөп, ол эрээри үчүгэй төрүккэ сигэммэтэх буоллаххына, ким да Эн суруйбуккун тургутар, сыаналыыр кыаҕа суох буолуо. Олуһун, төһөннөн элбэх аптарытыаттаах, тутулуга суох төрүккэ сигэнэҕин да — оччоннон үчүгэй.

  • Төрүттэри көрдөө!
  • Умнума, бары барыта суолта киритиэрийигэр хоруйдаабат — сорох кэлин суолталаныа, сорох — хаһан да суолтаҕа ылыллыа суоҕа.
  • Умнума, суолталаах барыта энциклопедия тиэмэтэ буолбат — FAQ, көмпүүтэр оонньуутун ааһыы, ыйыылар-кэрдиилэр, тылдьыт быһаарыылара энциклопедияҕа киирбэттэр. Көр Бикипиэдьийэ туох буолбатаҕый.

Ыйааһыннаах төрүттэри буларга бу сигэлэр көмө буолуохтарын сөп:

Төрүттэри буларга: «new article» — көрдөөһүн, сонуннар, кинигэлэр, билим, ойуулар.
Умнума, элбэх ыйааһыннаах төрүт ситимҥэ суох.