Чыҥыс Хаан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Чыҥыс Хаан
Моҕол Ыраахтааҕылыгын Хаҕана
(Моҕоллор Хааннара)
Reign 1206–1227
Coronation 1206 Курултайга, Онон өрүс, Монголия
Full name
Чыҥыс Хаан
(төрөөбүт аата: Тэмүдьин)
Монгол бичигинэн.
Titles Хаан, Хаҕан
Born c. 1162
Birthplace Khentii Mountains, Монголия
Died 1227 (65 сааhыгар)
Successor Үгэдэй Хаан

Чыҥыс Хаан (монг. Чингис хаан [tʃiŋɡɪs χaːŋ], дьиҥнээх аата - Тэмүүдьин, 1116-1227 cc.) диэн моҕоллору түмпүт хаҕан, бүтүн дьон историятын ыраахтааҕылыктарыттан саамай улахан - Моҕол Ыраахтааҕылыгын - тэрийээччитэ уонна бастакы баhылыга. Төрөөбүт аата - Тэмүүдьин (монг. Тэмүүжин). Чыҥыс Хаан аҕата, Дьөһөгөй-Боотур, бөрдьигин ууhун баhылыга. Ийэтэ, Одьулуун, ольхунут ууhуттан төрүттээх.

Чыҥыс Хаан элбэх көс моҕол уонна түрк уустарын бииргэ түмэн Моҕол Ыраахтааҕылыгын тэрийбитэ. Ол кэнниттэн Илин уонна Орто Азия дойдуларыгар кимэн киирини саҕалаабыта. Кини олоҕун тухары моҕоллор Азия улахан өттүн баhылаабыттара.

Чыҥыс Хаан 1227 с. тангуттар сирдэрин баhылаан баран өлбүтэ. Кинини ханна эрэ Моҕол сиригэр кистээн көмпүттэрэ. Кини туйаҕын хатарааччылара Моҕол Ыраахтааҕылыгын билиҥҥи Кытай уонна Россия үгүс сирдэрин, Соҕуруу Азия, Илин Эуропа уонна Орто Илин дойдуларын бас билиннэрбиттэрэ.

Төрдө-ууһа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Моҕоллор "Кистэлэҥ кэпсээннэринэн" Чыҥыс Хаан өбүгэтэ Борто-Чинэ буолар. Кини Хэнтэй (Орто-Илин Моҕол сирэ) диэн сиргэ Бурхан-Халдун хайа аттыгра олохсуйар. Борто-Чинтэн Бөрдьигин уус үөскээбит. Тэмүүдьин аҕата Дьөһөгөй-Боотур бу ууһу салайан олорбута.

Тэмүүдьин Онон үрэх үрдүгэр, Дэлүүн Болдог диэн хочоҕо, Дьөһөгөй-Боотур дьиэ-кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ол кэмҥэ Дьөһөгөй-Боотур Бөрдьигин уус баһылыга этэ. Тэмүүдьин төрөөбүт сыла чопчу биллибэт. Араас-араас источниктар атын-атын сыла этэллэр.

Онон өрүс, Моҕол сирэ. Тэмүдьин төрөөбүт уонна улааппыт сирэ.