Мохсоҕоллуҥулар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Мохсоҕоллуҥулар
Билим классификацията
Саарыстыба:
Кэлим: Хордалыктар
Подтип: тоноҕостоохтор
Кылаас: көтөрдер
Подкласс: Новонёбные
Аймах: Хордалыктар
Латыынныы аата
Falconiformes Sharpe, 1874
ITIS 175262
NCBI 8948

Мохсоҕоллуҥулар этэрээттэрэ (лат. Falconiformes, нуучч.: соколообразные) — көтөрдөр этэрээттэрэ.

[уларыт] Тас көрүҥнэрэ

Мохсоҕоллуҥулар күүстэринэн уонна кэтит түөстэринэн уратылаахтар. Атахтарын уонна түөстэрин былчыҥнара күүскэ сайдыбыт, төбөлөрө улахан, төгүрүк. Моойдоро кылгас, бөҕө. Харахтара уонна таныылара бөдөҥнөр. Бу этэрээт бэрэстэбиитэллэрэ кыраҕы харахтаахтарынан биллэллэр. Тумустара бөҕө оҥоһуулаах кылгас, аллара диэки токуруйар, олоҕо түүтэ суох тириинэн бүрүллубут. Атахтара кылгастар, уһун тарбахтаахтар, сытыы тыҥырахтардаахтар. Сорох көрүҥнэр атахтара түүллээх. Эдэр көтөрдөр улааталларыгар хаста да түүлэрин өҥүн уларыталлар.


[уларыт] Саха сирэ

Саха сиригэр мохсоҕоллуҥулар этэрээттэригэр 3 семейство, 9 биис-ууһа, 21 көрүҥ киирэр.

  1. Умсаннар[1] семействолара (Скопиные, Pandiondae)
    1. Умсаннар биис-уустара
      1. Собоһут
  2. Кыырдар семействолара (Accipitridae)
    1. Осоедтар биис-уустара
      1. Көҕүллээх кыырт
    2. Элиэлэр биис-уустара
      1. Элиэ
    3. Лунь биис уустара
      1. Кутуйахсыт
      2. Кусчут кыырт
    4. Кыырдар биис-уустара
      1. Улар кыырда
      2. Чыычаахсыт
      3. Кыра чыычаахсыт
    5. Сардар биис-уустара
      1. Үрүҥ сар
      2. Улахан сар
      3. Сар элиэ
    6. Хотойдор биис уустара
      1. Хотой
      2. Кыра хотой
    7. Боруллуолар биис-уустара
      1. Боруллуо
      2. Ала боруллуо
  3. Мохсоҕоллор семействолара
    1. Мохсоҕоллор биис-уустара
      1. Харылыыр
      2. Мохсоҕол
      3. Тыытыкы
      4. Хардааччы
      5. Хара кырбый
      6. Кугас кырбый

Саха сирин мохсоҕоллуҥулара Кытай, Корея, Япония сирдэригэр, Индокитай тумул арыытыгар, Соҕуруулуу-Илин Азия муораларын арыыларыгар кыстыыллар быһыылаах диэн орнитологтар сабаҕалыыллар. Аҕыйах көтөрдөр арааһа Индияҕа уонна Америкаҕа кыстыыллар быһыылаах[2].

[уларыт] Быһаарыылар

  1. К.А.Воробьев «Птицы Якутии» кинигэтигэр сөп түбэһиннэрэн
  2. Б.И. Сидоров, Знаете ли вы птиц Якутии? Бичик, 1999
Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан