Кэриэй тыла
| Кэриэй тыла 한국어, 조선말 韓國語, 朝鮮말 Hangugeo, Chosŏnmal |
||
|---|---|---|
| : | ![]() |
|
| Дойдулар: | Соҕуруу Кэриэйэ, Хоту Кэриэйэ, Кытай | |
| Total speakers: | 74 мөлүйүөн | |
| Language family: | Атлай Быһаарылла илик Кэриэй тыла |
|
| Ил суолталаах | ||
| Ил статустаах: | Соҕуруу Кэриэйэ, Хоту Кэриэйэ | |
| Салайыллар: | Соҕуруу Кэриэйэ: Кэриэй Тылын Национальнай Института 국립국어원/ 國立國語院 Хоту Кэриэйэ: |
|
| Language codes | ||
| ISO 639-1: | ko | |
| ISO 639-2: | kor | |
| ISO 639-3: | kor | |
| Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. | ||
Кэриэй тыла — алтаай тылларыгар киирэр тыл. Кэриэй народнай демократическай республикатыгар, Соҕуруу Кэриэйэҕэ, Кытайга, Японияҕа, АХШ-ка, Арассыыйаҕа, Орто Азия дойдуларыгар тарҕаммыт тыл.
Бу тылынан 78 мөл кэриҥэ киһи саҥарар. КНДР уонна Соҕуруу Корея судаарыстыбаннай тыллара.
Ис хоһооно |
[уларыт] Историята уонна чинчийиилэр
Былыргы үс кэриэй саарыстыбаларын тыллара (Пэкче, Силла уонна Когурё) билиҥҥи кэриэй тылыгар туох сыһыаннаахтарын туһунан учуонайдар билигин даҕаны биир санааҕа кэлэ иликтэр. Үксүгэр чугас тылынан Силла тылын билинэллэр, оттон саамай тэйиччи турар тылынан Когурё тылын - дьоппуон тылыгар майгынныыр тылы - билинэллэр.
[уларыт] Тыл бэйэтин аата
1945 сылга дылы «чосонмаль» (조선말) ол эбэтэр «чосоно» (조선어) диэн ааттанар эбит, билигин Хоту Кэриэйэҕэ эрэ туттуллар. Соҕуруу Кэриэйэҕэ билигин тылы «хаҥгукмаль» (한국말) ол эбэтэр «хаҥгуго» (한국어); эбэтэр судургутук «куго» (국어 (ил тыл) дииллэр. Икки Кэриэйэлэргэ иккиэннэригэр маны таһынан «урималь» (우리말, «биһиги тылбыт») тиэрмин диэн туттуллар.
[уларыт] Тутаах фразалар
- 안녕하세요 (аннёҥ хасэё) — Дорообо!
- 감사합니다 (камсахамнида) — Махтал
- 네 (не) — Сөп
- 아니요 (аниё) — Суох.
- 안녕히 계세요 (аннёҥхи кесеё) — Көрсүөххэ диэри! (барар киһи этэр).
- 안녕히 가세요 (аннёҥхи касеё) — Көрсүөххэ диэри! (хаалар киһи этэр).
[уларыт] Сигэлэр
| Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
