Вернадскай Владимир Иванович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Vernadsky.jpg

Владимир Иванович Вернадскай — сэбиэскэй учуонай, ноосфера туһунан үөрэҕи олохтообут киһи, уопсастыбаннай диэйэтэл. Учуонай киэҥ далааһыннаах науканы сэргиирэ: геология, кристаллография, минералогия, геохимия, науканы тэрийии, радиогеология, биология, биогеохимия уонна философия. Сталин аатынан I истиэпэннээх бириэмийэ лауреаата.

1863 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Санкт-Петербурга төрөөбүт. 1945 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр Москубаҕа өлбүт.