Шахурдина-Стручкова Варвара Иннокентьевна

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Шахурдина-Стручкова Варвара Иннокентьевна — педогогическай үлэ ветерана

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Төҥүлү бөҕүелэгэр олорор, олоҕун кырачааннары иитиигэ анаабыт Шахурдина-Стручкова Варвара Иннокентьевна 1931 сыл от ыйын 15 күнүгэр төрөөбүтэ. Хомойуох иьин, Варвара үс эрэ сааһыгар төрөппүт ийэтэ Борисова Елена Ивановна эдэр сааһыгар олохтон барбыта. Онон кыыс төрөппүт ийэ сылаас тапталын билбэтэҕэ. Ити эрээри аҕата Шахурдин Иннокентий Иннокентьевич олох салҕанар айылҕатын тутуһан, иккистээн Эверстова Варвара Николаевна диэн дьахтары кэргэн ылан, кырачаан Варя ийэлэммитэ уонна Зина диэн балтыламмыта, Дима, Коля диэн сурдьулардаммыта.

Эһэтэ Шахурдин Иннокентий Прокопьевич 1851 сыллаахха төрөөбүтэ уонна 1940 сыллаахха, Варя 9 саастааҕар олохтон барбыта. Эбэтэ Анна Игнатьевна 1854 сыллаахха төрөөбүтэ, 1942 сыллаахха өлбүтэ. Кинилэр кыһыҥҥы олохторо Уһумас алааска баара, сайын Төҥүлү эбэ арҕаа баһыгар баар сайылыкка сайылыллара. Оҕустарын силис сыарҕаҕа көлүйэн, утуйар таҥастарын уонна аһыыр иһиттэрин кыра мас хоппоҕо тиэнэн сайылыкка киирэллэрин Варвара өйдөөн хаалбыт этэ. Эһэтэ оҕонньор сайынын туулаан, илимнээн оҕолорун, сиэннэрин балыгынан аһатан уонна аҕыйах сүөһулэнэн иитиллэн олорбуттара. Эһэлэрэ сорох сайын холкуоска сибинньэ көрөрө.

Аҕата Иннокентий Иннокентьевич 1904 сыллаахха төрөөбүт. Үөрэҕэ суох эрээри бэйэтэ баҕаран суруйар, ааҕар буолбута. Онон кинини сэрии иннинэ «Чкалов» холкуоска бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн талан улэлэппиттэрэ. Сэрии кэмигэр 1941—1944 сылларга Монголияга үлэ фронугар сылдьыбыта. Кэлин холкуостар холбоһон Күеллэрики киин бөһүөлэк буолбута, нэһилиэгэ Доллу диэн этэ. Аҕата онно сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн хас да сыл улэлээбитэ. Ол кэнниттэн холкуоска биригэдьиирдээбитэ уонна тутууга үлэлээбитэ.

Сэрии саҕанааҕы аас-туор олох Шахурдиннар да дьиэ кэргэттэрин тумнубатага. Сэрии суоһар сокуона барыларыгар биир этэ. Сэрии сылларыгар Төҥүлү эбэ арҕаа баһыттан 7-8 биэрэстэлээх сиртэн сатыы сылдьан оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Кинилэр да диэки аччыктааһын, хоргуйуу баара, сорохтор суолга охтоллоро. Тириини буһара сатаан, бэс субатын үөрэ оҥостон сииллэрэ.

Варвара Иннокентьевна Төҥүлү орто оскуолатын бүтэрэн баран 1954—1958 сылларга Дьокуускайдааҕы педучилища физкультурнай салаатын үөрэнэн бутэрбитэ. Үөрэнэр кэмигэр хайыһарынан дьарыктаммыта, үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэрэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран дойдутугар кэлэн оскуолаҕа идэтинэн бэрт кыратык үлэлээн баран, эргэ тахсан оҕолонон-урууланан оҕо-саадыгар үлэҕэ көспүтэ уонна ол үлэтигэр пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Кэргэнэ Стручков Дмитрий Тимофеевич Дьабыл нэһилиэгиттэн төрүттээх. Төҥүлү сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, кэлин тутуу биригээдэтигэр биригэдьииринэн үлэлээн Тумул уонна Төҥүлү спортзалын туттарбыта. Дмитрий Тимофеевичтыын биэс оҕону төрүтөн атахтарыгар туруорбуттара. Улахан кыыстара Маргарита Дмитриевна Холмогорова үрдүк үөрэхтээх учуутал, Томтор бөьүөлэгэр ыал буолан олорор. Улахан уоллара Тимофей Дмитриевич тутааччы идэлээх, Тенулугэ ыал булан биэс оҕоломмута. Иккис уоллара Владимир, орто кыыстара Фаина уонна кыралара Клара.

Онон сэрии, сут-сутурҕан, аччыктааһын, өлүү-сүтүү диэн тугун илэ-чахчы билбит, ол да буоллар дьон кэккэтинэн олох олорон кэлбит 85-с хаарыгар быйыл уктэннэ.