Хомус историята

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хомус 5000 сыл аннараа өттүгэр, бастаан Азия соҕурулуу-илин өттүгэр үөскээбит, онтон Индияҕа, ол кэнниттэн Европа дойдуларыгар тарҕаммыт буолуон сөп диэн варгановедтар этэллэр. Азия норуоттарыгар барыларыгар "хомус" диэн ааттанар: шанкобыз, комуз, гопуз, комуз, кобыз о.да а. Ханнык матырыйаалтан оҥоһуллубутун ыйан туран эмиэ ааттанар:

  • тимиртэн-төмөр хуур (монг.), темир комуз (кирг.), чанг гопуз (узбек);
  • оттон-кулузун комуз (тувин.), хулсан хуур (монг.);
  • мастан-ыяш комуз (тувин.), мас хомус (саха)

Төрүт түүрдүү тыллаах норуоттарга хомус диэн тыл былыры төрдө хомуһун диэн тылтан терүттэнэн тахсыбыт диэн саха тылын чинчийбит учуонай Гаврил Васильевич Попов этэр. Хомусчут араҥаччылыыр күүстэргэ туһаайан кердеһөрүн "хомус.кобыз" түүр терминин этимотологията даҕаны туоһулуур. Сорох чинчийээччилэр ап, хомуһун диэн тылтан үөскээбит эбэтэр хомус оту уоска эбэтэр тарбахха кыбытан үрэртэн силис тардар диэн этэллэр.

Сахаҕа хаһааҥҥыттан хомус музыкальнай инструмент быһыытнан баар буолбутун чинчийээччилэр билигин даҕаны чуолкай этэр кыахтара суох. Эрдэтээҥҥи хаһыылартан хомус тоҕо көстүбэтин П.П. Семенов бэрт оруннаахтык быһаарар: "Киһини кытта тимир көмүллүө суохтаах. Тимир киһи кутун баттыыр, ыарык буолар диэн былыргы сахалар өйдүүллэрэ". Онон Маак уонна Мидденфорд сахаҕа хомус нууччалартан киирбитэ диэн этиилэрэ оруна суох буолар.

Түмуктээн эттэххэ, хаппарга, хурга, хомуска норуот үгэстэрэ, итэҕэлэ итинниэ Аан дойдуну анааран көрөр суолтата мэҥэ бэлиэ буолан ойууланан киһини харыстыыр аналлаахтар.