Иһинээҕитигэр көс

Франк (харчы)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Франк
1 франк, аверс, Швейцария 1983 1 франк, реверс, Швейцария 1983
1 франк, Швейцария 1983
1 франк, аверс, Франция 1991 1 франк, реверс, Франция 1991
1 франк, Франция 1991
1 франк, Люксембург 1990
1 франк, аверс, Монако 1978 1 франк, реверс, Монако 1978
1 франк, Монако 1978

Франк (фр. franc) — Франция XIV—XVII үйэлэрдээҕи историческай манньыата. Хойут — Франция харчыта, Бельгия, Люксембург (евроҕа көһүөр дылы), Швейцария о. д. а. дойдулар харчылара.

Атын дойдулар харчылара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Франк кэккэ дойдулар (Франция урукку колонияларыгар) харчыларыгар улахан сабыдыаллаах этэ.

Франк диэн ааттаах харчы элбэх дойдуларга баар: Бурунди, Гвинея, Джибути, Конго Демократическай Республиката, Комор арыылара, Мадагаскар, Руанда, Швейцария.

Африка кэккэ дойдуларын харчыта франк КФА диэн ааттанар.

Франк манньыатын туттар дойдулар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Билиҥҥи кэмҥэ франк манньыатын туттар дойдулар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
Дойдулар Валюта ISO 4217 кода
 Бенин West African CFA franc XOF
 Буркина Фасо West African CFA franc XOF
 Бурунди Burundi franc BIF
 Камерун Central African CFA franc XAF
 КАӨ Central African CFA franc XAF
 Чад Central African CFA franc XAF
 Конго Өрөспүүбүлүкэтэ Central African CFA franc XAF
 Конго ДӨ Congolese franc CDF
 Комордар Comorian franc KMF
 Кот д'Ивуар West African CFA franc XOF
Дьибути Джибути Djiboutian franc DJF
Экватор Гвинеята Экваториальнай Гвинея Central African CFA franc XAF
 Габон Central African CFA franc XAF
Гвинея Гвинея Guinean franc GNF
Гуинея-Биссау Гвинея-Бисау West African CFA franc XOF
 Лихтенштайн Swiss franc CHF
 Мали West African CFA franc XOF
 Нигер West African CFA franc XOF
 Руанда Rwandan franc RAF
 Сенегал West African CFA franc XOF
 Эсватини Swiss franc CHF
 Того West African CFA franc XOF

Урут франк манньыатын туттубут дойдулар:

  •  Алжир: Алжир франката. 1964 сыллаахха динарынан солбуллубута.
  •  Андорра: Французскай франкалар уонна испанскай песеталар 2002 сыллаахха евронан солбуллубуттара.
  •  Бельгия: Бельгия франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  •  Франция сорох көрүҥнэригэр: Франция франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  •  Люксембург: Люксембург франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  •  Мадагаскар: Малагасийскай франк 2005 сыллаахха малагасийскай ариаринан солбуллубута.
  • Мауритания Мавритания: CFA franc 1973 сыллаахха мавританскай угиянан солбуллубута.
  •  Монако: Франция франката 2002 сыллаахха евронан солбуллубута.
  •  Марокко: Марокко франката Марокко дирхамынан солбуллубута.
  • Флаг Саара: Саар франката 1947 сыл сэтинньи 20 күнүгэр дылы туттуллубута. 1959 сыл от ыйын 7 күнүгэр ниэмэс маркатынан солбуллубута.
  •  Тунис: Тунис франката 1958 сыллаахха Тунис динарынан солбуллубута.
Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: