Уитни Хьюстон

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Перейти к навигации Перейти к поиску
Whitney Houston
2009 сыллахха Good Morning America Центральнай паркаҕа ыллыы турар
2009 сыллахха Good Morning America Центральнай паркаҕа ыллыы турар
Сүрүн информация
Аата Whitney Elizabeth Houston
Төрөөбүтэ Атырдьах ыйын 9 1963(1963-08-09)
Нью Арк, Нью Джерси, АХШ
Өлбүтэ Халыып:Death date (48 сааһыгар) Беверли Хиллс, Калифорния, АХШ [1]
Жанра R&B, Поп музыка, Соул, Үҥкүү ырыата
Идэтэ Ыпыаһыт
актриса
Киинэ оҥороччу
модель
Инструмена Ырыаһыт
Пиано
Ыллаабыт сыллара 1977–2012
Лейбллара Arista
Уэбсайт Official website of Whitney Houston

Whitney Elizabeth Houston ( 1963 Атырдьах ыйын 9 күнэ - 2012 Олунньу12, [2][1]) Америка поп уонна R&B стилларга ырыаһыта. Кыраһыабай уонна күүстээх куолаһынан биллэр. Саамай биллэр ырыалара - 'I Will Always Love You' уонна 'I Wanna Dance with Somebody (Who Loves Me)'. Америка өрөгөй ырыатын The Star Spangled Banner', Super Bowl XXVҕа ыллаабыта уонна туспа диска таһаарбытын хит-парадтарга бастаабыта. Онон, Америка историятыгар Америка өрөгөй ырыатын ситиһиилээхтик атыылаабыт соҕотох артыыс буолар. [3] Саамай ситиһиилээх дьахталлар быыстарыгар баар. Саамай биллэр уонна ситиһиилээх альбома - The Bodyguard' (Телохранитель) уонна "Whitney" альбомнара буолаллар. Ону тэҥэ "Священник кэргэнэ" (Жена Священника) киинэҕэ кыттыбыта. Өлүөн иннинэ наркотигы уонна арыгыны кытта үөрүйэх буолбут.

Дискографията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. 1,0 1,1 CBC News. CBC. Тургутулунна 12 Олунньу 2012.
  2. Whitney Houston, pop titan, dies at 48. LA Times (February 12, 2012). Тургутулунна 12 Олунньу 2012.
  3. Artist Chart History - Whitney Houston. billboard.com. Тургутулунна 22 Муус устар 2009. Төрүт сириттэн архыыптанна 6 Олунньу 2009.