Томас Эдисон

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Томас Алва Эдисон, АХШ саҥаны айааччыта
Томас Алва Эдисон, АХШ саҥаны айааччыта
A Day with Thomas Edison (1922)

Томас Алва Эдисон (ааҥл. Thomas Alva Edison; Олунньу 11 күнэ 1847, Майлен (ааҥл. Milan), Огайо штат — Алтынньы 18 күнэ 1931, Вест Оранж (ааҥл. West Orange), Нью-Джерси штат, АХШ) — Аан дойдуга биллэр, Эмиэрикэ биир сүдү саҥаны айааччыта (нууч. изобретатель), уопсайа 1093 тэрилгэ АХШ патенын ылбыт. Саҥа оҥоһуллубут тэриллэрэ сүрүннээн электрикаттан үлэлииллэрэ. 1878 с. «Эдисон электрик лайт компани» компанияны тэрийбит. 1892 с. «Томсон-Хьюстон электрик» компанияны кытта холбоһон баран «General Electric» корпорация тэриллэр.

Эдисон сүрүн саҥа айбыт тэриллэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Изобретение год
Аэрофон 18??
Электриканан үлэлиир хас киһи куоластаабытын ааҕар тэрил 1868
Тикерный аппарат 1869
Чохтон оҥоһуллубут телефон мембраната 1870
Түөрт сири кытта тэҥҥэ кэпсэтэр телеграф 1873
Мимеограф 1876
Фонограф 1877
Чох микрофона 1877
Чохтон оҥоһуллубут Лампа 1879
Тимир рудатын араарар Магнитнай сепаратор 1880
Кинетоскоп 1889
Электрическэй олоппос 1890
Железо-никелевый аккумулятор 1908