Сэппэрээк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Сэппэрээк (нууч. Куста́рник) — үүнээйилэр таһааларын көрүҥэ, мастыҥы элбэх сыллаах 0,8–6 миэтэрэлээх үүнээйилэр. Мастан уратыта биир сүрүн умнаһа суох, ол оннугар хас да эбэтэр элбэх бэйэ-бэйэлэрин солбуйсар умнастаах.

Үксүгэр ойуур саҕатыгар, ойуурдаах туундараҕа үүнэр. Сорохторо, холобур, долохуна, биэ эмиийэ киһиэхэ хаһаайыстыбаннай суолталаахтар.